Роман Греков: «Саха сирин олохтоохторо урукку Аҕа дойду Улуу сэриитин өйдөбүлүн үйэтитиигэ сыраларын, кыһамньыларын биһириибин»
Бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр – Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр, Фашизмы утары II пуорум чэрчитинэн Илиҥҥи байыаннай уокурук хамандыырын байыаннай-бэлитиичэскэй үлэҕэ солбуйааччы, байыаннай-бэлитиичэскэй управление салайааччыта, генерал-лейтенант Роман Греков «Арассыыйа – мин устуоруйам» түмэл комплексыгар сырытта. Кинини кытары бүгүн Саха сириттэн Илиҥҥи байыаннай уокуруктан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар 25 бастыҥ байыас кэлэн түмэлгэ турбут быыстапкалары көрдүлэр.
Бүгүҥҥү тэрээһиннэргэ сырыытын туһунан генерал-лейтенант Роман Греков санаатын маннык үллэһиннэ:
— Саха сирин туһунан билигин билбэт киһи суоҕа буолуо. Аан бастаан кэлэн баран Саха сирин олохтоохторо хайдах курдук ыалдьытымсахтарын бэлиэтии көрдүм. Олус култууралаах, сайдыылаах, аламаҕай, үтүө санаалаах дьонноох-сэргэлээх эрэгийиэн эбит диэн итэҕэйдим. Бэҕэһээ байыаннайдарга таҥас тигэр волонтердары кытары көрүстүм, олус үчүгэйдик, хаачыстыбалаахтык тигэллэрин көрөн сөхтүм. Оттон пуорум туһунан эттэххэ, бу иккис пуорум буолар. Урукку уонна билиҥҥи сэрии туһунан өйдөбүлү умнубат буоларга, олус улахан суолталаах тэрээһин. Хомойуох иһин, билигин эмиэ бу тиэмэ улахан суолталаах. 8000-н тахса эһиги биир дойдулаахтаргыт анал байыаннай дьайыыга сылдьаллар. Эһиги өрөспүүбүлүкэҕитигэр фашизмы утары пуорум чэрчитинэн бу тиэмэҕэ улахан болҕомто ууруллара сөптөөх. Маннык тэрээһиннэргэ билиҥҥи быһыы-майгы туһунан дьоҥҥо тириэрдии, санаа атастаһыыта, ыччакка сөптөөх иһитиннэриини оҥоруу, бары хайысхаҕа күүһү түмүү, анал байыаннай дьайыы зонатыгар көмөнү оҥоруу олус улахан суолталаахтар. Саха сирин олохтоохторо уонна салалтата урукку Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмин уонна билиҥҥи балаһыанньа өйдөбүлүн үйэтитиигэ сыраларын, кыһамньыларын биһириибин. Бу пуорум түмүгүнэн, үүнэн иһэр көлүөнэни иитиигэ уонна анал байыаннай дьайыыга сөптөөх көмөнү оҥорууга саҥа ньымалары ырытыллан оҥоһуллуохтар дии саныыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: