Салгыы
Роман Вильфанд от ыйын иккис аҥаарын билгэлээтэ

Роман Вильфанд от ыйын иккис аҥаарын билгэлээтэ

Ааптар:
22.07.2024, 08:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Гидрометкиин научнай салайааччыта Роман Вильфанд кылгас сайыммыт бастакы аҥаарын түмүгүн таһаарда уонна от ыйын иккис аҥаарыгар күн-дьыл туругун сылыктаата.

Учуонай этэринэн, аномальнай куйаас күннэр Арассыыйа түөрт эрэгийиэнигэр бэлиэтэннэ: Забайкальеҕа, Бурятияҕа, Иркутскай уобаласка уонна Саха сиригэр. Бу барыта ойуур баһаара турар кутталын таһымын үрдэтэргэ сабыдыаллаата.

Роман Вильфанд этэринэн, бэс ыйа Сир ийэ үрдүнэн эмиэ рекорду олохтоото уонна саамай сыралҕаннаах куйаас ыйынан сурулунна. Арассыыйа үрдүнэн бэс ыйа саамай куйаас ыйдар ортолоругар төрдүс миэстэҕэ тигистэ. Метеоролог нуорманы таһынан намыһах кыраадыс дойду үрдүнэн ханнык да эрэгийиэннэргэ бэлиэтэммэтэҕин эттэ. Оттон саамай үрдүк көрдөрүүлэрэ илин чааһыгар уонна Саха сирин хоту өттүгэр бэлиэтэннэ.

От ыйын иккис дэкээдэтигэр, эспиэр чахчыларынан, ханна да нуорматтан намыһах температура бэлиэтэммэтэ сылыктанар. Уһук Иилиҥҥэ уонна Сибииргэ  этиҥнээх ардах, тыал күүһүрүүтэ уонна күүстээх ардах түһэрэ күүтүллэр. «Биир өттүнэн күүстээх ардах ойуур баһаарын намыратыа, иккис өттүнэн уоту тарҕатар күүстээх тыаллаах буолара күүтүллэр», — диэн Роман Вильфанд иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
6
+1
1
+1
0
+1
7
+1
0
+1
6
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: