Салгыы
Роман Вильфанд: «Саха сиригэр сайын бүтүүтэ сөҥүү килиимэт нуорматыгар буолуоҕа»

Роман Вильфанд: «Саха сиригэр сайын бүтүүтэ сөҥүү килиимэт нуорматыгар буолуоҕа»

Ааптар:
05.08.2025, 18:30
Хаартыска: Андрей Сорокин /ЯСИА.
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйыгар дойду Европатааҕы чааһын соҕуруу өттүгэр, ону таһынан Уһук Илин сорох эрэгийиэннэригэр сөҥүүтэ суох буолара күүтүллэр. Бу туһунан Арассыыйа Гидрометкиинин научнай салайааччыта Роман Вильфанд иһитиннэрдэ.

«Арассыыйа европатааҕы сирин-уотун соҕурууҥҥу аҥаарыгар сөҥүүтэ суох буолуоҕа. Бу — Москва уобалаһыттан соҕуруу диэки сытар сирдэр: Тула, Рязань, Курскай, Воронеж уобаластара, Соҕурууҥҥу федеральнай уокурук, Хотугу Кавказтааҕы уокурук бүтүннүүтэ уонна Приволжскай уокурук саамай соҕуруу өттө», — диэн Вильфанд иһитиннэрбитин РИА Новости суруйар.

Метеоролог этэринэн, Чукоткаҕа, Ненецкэй аптаныамыйалаах уокурукка, Архангельскай уобалас хоту өттүгэр уонна Коми Өрөспүүбүлүкэтигэр эмиэ сөҥүүтэ суох буолара күүтүллэр. Төттөрүтүн Красноярскай кыраай хоту өттүгэр, ону таһынан Ленинградскай уонна Калининградскай уобаластарга , сөҥүү нуорматтан тахсара сабаҕаланар.

Оттон Арассыыйа атын сиригэр-уотугар, ол иһигэр Саха сиригэр, сөҥүү таһыма килиимэт нуорматыгар чугас буолуоҕа.

Бары сонуннар
Салгыы
5 августа
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 60% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: