Роман Вильфанд үүнэр нэдиэлэҕэ сыралҕаннаах куйаас күннэри билгэлээтэ

Share

Саха сиригэр үүнэр нэдиэлэҕэ салгын температурата өссө эбии үрдүөҕэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн полярнай күннэр турбута бэлиэтэнэр диэн Гидрометкиин научнай салайааччыта Роман Вильфанд быһаарда.

«Сибиир хотугулуу-илин уонна Саха сирин хоту өттүгэр температура үрдүөҕэ уонна +25+27С кыраадыска диэри итийиэ. Бу сирдэринэн циклона суох эрэсиим үөскээбитин кытта сибээстээх.  Өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр былыта суох, онно полярнай күннэр турбуттара билиэтэнэр, ол эбэтэр күн киирбэт», — диэн метеоролог чопчулаата.

Вильфанд күн күн устата сир ньуурун сыралҕаннаахтык сылытар буолан, салгын температурата күн ахсын үрдүүр диэн иһитиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үксүгэр сөҥүүтэ суох күннэр туруохтара.

Кини этэринэн, куйаас күннэр аныгыскы нэдиэлэ саҕаланыытыттан салҕанан, ордук нэдиэлэ ортотун диэки ойуур баһаардара турар кутталы биллэрдик үөскэтэрин сэрэттэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Энергосбыт» үлэһитэбин дэммит түөкүн Дьокуускай олохтооҕуттан 12,7 мөл. солк. уорбут

Ааспыт нэдиэлэҕэ түөкүттэр угаайыларыгар биэс Саха сирин олохтооҕо киирэн биэрбит. Хоромньу уопсай суумата  39 708…

37 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Идэһэ бырааһынньыга

Саха омугар кыһын саҕаланыыта – идэһэ кэмэ. Бу улахан суолталаах, дьиэ кэргэни түмэр үгэс. Саҥа…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Лэкиэс күн сириттэн күрэннэ

Бу дьыл алтынньы 20 күнүгэр, ыарахан ыарыыттан соһуччу, аныгы саха эстрадатын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, ырыаһыт,…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

4 тыһыынчаттан тахса байыастарга мэдиссиинэ көмөтө оҥоһулунна

Саха сиригэр 4050 анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар мэдиссиинэ көмөтө оҥоһулунна. Бу туһунан алтынньы 20 күнүгэр…

16 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Тааттаҕа сааны сокуоннайа суох атыыласпыт эр киһи сууттанна

Таатта улууһун борокуратуурата Кыйы сэлиэнньэтин 38 саастаах олохтооҕор сыһыаннаан холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһынын өйөөтө. Кини…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин бастыҥ участковайын таллылар

Саха сиригэр сыл аайы ыытыллар «Норуот участковайа» Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх иккис эрэгийиэннээҕи түһүмэҕин түмүгүн таһаардылар.…

1 час ago