Салгыы
Росатом Саха сиригэр атомнай ыстаансыйаны тутар көҥүлү ылла

Росатом Саха сиригэр атомнай ыстаансыйаны тутар көҥүлү ылла

23.04.2023, 18:30
Хаартыска: Росатом корпорация сайтыттан
Бөлөххө киир:

Росатом Арассыыйа аныгы устуоруйатыгар аан бастаан кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны Саха сиригэр тутарга лицензия ылла. Ол туһунан Росатом пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу күннэргэ «Концерн Росэнергоатом» АУо Экологическай, технологическай уонна атомнай кэтээн көрүү федеральнай сулууспатыттан Саха сиригэр Усуйаана оройуонугар кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутуохтаах.
Атомнай ыстаансыйаны тутуу бырайыагар сүрүннээн аныгы технология туһаныллыа – уунан барар РИТМ-200Н ядернай реактор. РИТМ-200Н реактор Арктика усулуобуйатыгар аныгы ледоколларга бэрэбиэркэни ааспыт уонна куттал суох буолуутун бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир диэн суруйаллар. Бу ыстаансыйа кыратынан, муодулунан уруккулартан ордук.
«Арктика усулуобуйатыгар аан бастаан кыра кыамталаах ыстаансыйаны тутууга көҥүлү ыллыбыт. Бу Арассыыйа ядернай технологиялара бастакы күөҥҥэ сылдьалларын өссө төгүл бигэргэтэр. Уус Куйга бөһүөлэгэр бэлэмнэнии үлэлэрэ тэтимнээхтик бара тураллар. Былаһааккаҕа 2000 туонна таһаҕас тиэйилиннэ, 80 киһи уонна 38 тиэхиньикэ үлэлиир. Атомнай ыстаансыйа 2028 с. үлэҕэ киирэрэ былааннанар», — диэн Росатом генеральнай дириэктэрэ Алексей Лихачев тоһоҕолоон бэлиэтиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 января
  • -50°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: