«Роскосмос» аан дойдуга саамай улахан айсберг хаартыскатын таһаарда
26.01.2025, 15:29
Хаартыска: Роскосмос пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
«Роскосмос» Великобритания диэки устан иһэр А23а айсберг спутниктан түһэрбит хаартыскатын таһаарда.
Хаартыска «Метеор-М» космос куйаарын аргыһын көмөтүнэн оҥоһуллубут. Госкорпорацияҕа бэлиэтээбиттэринэн, айсберг Атлантическай далай соҕуруу өттүгэр баар Соҕурууҥҥу Георгия арыытыгар чугаһаабыт. Бүтэһик дааннайынан, айсберг А23а иэнэ 3672 квадратнай километр, оттон ыйааһына 1 триллион туонна кэриҥэ.
Урут Британиятааҕы антарктическай сулууспата А23а айсберг хас да ыйы быһа хамсаабакка туран баран, Антарктида тула байҕалга устубутун саҕалаабытын туһунан иһитиннэрбитэ. Учуонайдар айсберг Соҕурууҥҥу Георгия кытылыгар чугаһаан, сылаас ууга киирдэҕинэ уулларын туһунан сэрэтэллэр.
+1
4
+1
+1
+1
+1
6
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: