Роспотребнадзор салгын киртийиитин кэтээн көрүүнү оҥорор

Share

Бу сарсыарда Дьокуускай куорат буруонан бүрүлүннэ. Онон сиэттэрэн Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениета салгын киртийиитигэр кэтээн көрүүнү оҥорор.

Бу туһунан СӨ Суһал ыстааба иһитиннэрэр.

Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениета салгын киртийиитигэр кэтээн көрүүнү баһаар сезонун устата оҥоруоҕа. Атырдьах ыйын 9 күнүн 12:00 чаастааҕы дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар, Дьокуускайга, Уус Маайа улууһун Уус Маайа бөһүөлэгэр, Өлүөхүмэ улууһун Өлүөхүмэ куоратыгар, Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтигэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр, Уус Алдан улууһун Чараҥ, Бороҕон, Майаҕас сэлиэнньэлэригэр, барыта 34 чинчийии оҥоһулунна.

Чинчиийии түмүгүнэн Дьокуускай куоракка эрэ үс көрүҥүнэн салгыҥҥа буортулаах эттиктэр нуорматтан таһынан барбыттара бэлиэтэннэ. Салгыҥҥа буортулаах эттиктэр өлүүскэлэрэ РМ 2,5 – 1,2 (ПДК), РМ 10 – 1,1 (ПДК) диэри.

Атын химиичэскэй эттиктэр (көтө сылдьар эттиктэр, углерод оксида, сера диоксида, формальдегид) нуорматтан тахсыбатахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago