Салгыы
“Россия диэн туспа цивилизация…”

“Россия диэн туспа цивилизация…”

Ааптар:
22.07.2022, 10:55
Бөлөххө киир:

(Национальнай театрдар бэйэлэрин эстетикаларын көрдүүллэр)

 «Москваҕа Россияҕа национальнай театрдара анал дьиэлээх-уоттаах, барыларын түмэр тэрилтэлээх буолуохтаахтар” диэн Республикабыт Государственнай сүбэһитэ Андрей Борисов туруорсубута хас да сыл буолла. Дьэ, ол туруорсуу олоххо киирэн эрэр дуу диэххэ сөп.

Бэс ыйын 22-26 күннэригэр Дьокуускайга Россия национальнай театрдарын бастакы Конгреһа буолан ааста, онно  театр эйгэтин биллиилээх салайааччылара түмсэн олус киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтиһиилэри ыыттылар, айар-тутар дьон санааларын үллэһиннилэр. 2019 сыллаахха Россия правительствотын бэрэссэдээтэлин  солбуйааччы Ольга Голодецка буолбут  мунньахха Россия театральнай деятеллэрин Союһун бэрэстээтэлэ Александр Калягин, Москва куорат культураҕа депатаменын салайааччытын солбуйааччы Александр Кибовскай, Александрийскай театр уус-уран салайааччыта  Валерий Фомин Андрей Саввич инициативатын өйөөн тыл эппиттэрэ. Александр Кибовскай, бэл,  Москваҕа ханнык дьиэлэри  ол саҥа тэрилтэҕэ биэриэххэ сөбүн туһунан санааларын билиһиннэрбитэ.

Соторутааҕыта Олоҥхо дойдутугар театр эйгэтин Бүтүн Россиятааҕы конгреһа ыытылынна. Онно Башкортостан, Татарстан, Бурятия уонна Саха сирин  национальнай бырайыактара билиһиннэрилиннилэр. Валерий Фокин уонна да атын ыалдьыттар айар маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр санааларын үллэһиннилэр. Конгресс пленарнай мунньагар Республикабыт Ил Дархана Айсен Николаев,  Россия Президенин дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Магомедсалам Магомедов, Россия Дальнай Восток уонна Арктика сайдыытыгар миниистирин солбуйааччы Марат Шамьюнов, сенатор Павел Тултаев уонна Госдума депутата Валентина Пивненко кыттыыны ыллылар.

Ону таһынан  АТТИС  (Афины, Греция) театрын художественнай салайааччыта Теодорос Терзопулос, сценическэй искусство Россиятааҕы государственнай институтун ректора Наталья Пахомова, онтон да атын регионнарга баар театр эйгэтин салайааччылара кыттыыны ыллылар.

Бэс ыйын 24-25 күннэригэр Валерий Фокин Гоголь «Женитьбатын”  туруоруутун Дьокуускай олохтоохторо  Саха театрыгар кэрэхсээн көрдүлэр.

Конгресс пленарнай мунньаҕар икки сессия үлэлээтэ. Онно «Национальный театр как источник кросскультурного объединения регионального сообщества»  уонна  «Образовательные программы и просветительские проекты в театральной сфере: национальный аспект» диэн өйдөбүллэргэ  киэҥ кэпсэтии таҕыста.

Бу улахан түмсүү кыттыылаахтара Россия регионнарыгар баар национальнай театрдар  айар күүстэрэ  бииргэ үлэлээн бэйэ бэйэлэрин байытыһар буолар ситимнэрин тэрийэр баҕалаахтар. Онон Бүтүн дойду үрдүнэн регионнар үтүө театральнай  сабыдыалларынан норуоттар бэйэ-бэйэлэрин кытта сомоҕолоһор кэскиллээх  үгэстэрэ үөскүөхтээх. Оччоҕуна  дойду  норуоттарын биир ньыгыл түмсүүлэрэ ситиһиллиэхтээх.  Дьиҥэ даҕаны, дойду норуоттара бары кыттыһан оҥорор биир уопсай өйдөөх-санаалаах, биир сыалга дьулуһар бырайыактаах буоллахтарына  биир  сомоҕо күүс буолуохтара.

Санаан көрүҥ, Россия Президенин дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Магомедсалам Магомедов Конгресс кыттыылаахтарыгар В.В. Путин эҕэрдэ суругун ааҕан иһитиннэрбитэ. Дойду баһылыга быйыл тохсунньуга Россия национальнай театрдарын Ассоциацията тэриллибитин үөрүүнэн көрсүбүтүн биллэрдэ. Оттон ити Ассоциация бастакы улахан, биллэр-көстөр тэрээһининэн  Саха сиригэр ыытыллыбыт  национальнай театрдар конгрестара  буолар. Онон бу Конгресска национальнай театрдар төрүт-уус үгэстэрэ сайдар суолларын туһунан кэпсэтиһиилэр улахан өйөбүлү ылыахтара диэн эрэниллэр. Бу хамсааһыҥҥа президент Конгресс кыттыылаахтарыгар туһаайан ыыппыт суруга дойду салалтатын саамай үрдүкү таһымыгар улахан суолу арыйыаҕа, национальнай театрдар түмсэн Москваҕа үлэлиир усулуобуйалара тэриллиэҕэ, онно аналлаах дьиэ-уот бэриллиэҕэ диэн сэрэйиллэр.

“Россия диэн туспа цивилизация буолбут судаарыстыба, кини бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх ( кодтаах)» диэтэ Магомедсалам Магомедалиевич: ”Биһиги ханнык баҕарар ыарахаттары тулуйар уонна кыайар ураты дьоҕурдаахпыт. Россияҕа билигин 83 национальнай театрдар олохтоох норуоттар тылларынан үлэлии олороллор, онон бу хамсааһын салгыы сайдыа диэн эрэллээхпин” диэтэ.

Сенатор Павел Тултаев Федерация Сэбиэтин культураҕа, наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ сис комитетын бэрэстээтэлэ Лилия Гумерова эҕэрдэ суругун билиһиннэрдэ. Кини: “Россияҕа норуоттар бэйэ-бэйэлэригэр чугас уонна дириҥник өйдөһөр буолалларыгар күүстээх уонна киэҥ далааһыннаах культурнай бырайыактар тэнийэн, олоххо киирэн иһиэхтээхтэр” диэн санааны эттэ уонна ол судаарыстыба туспа соруга буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

  • Саха сирэ дьиҥнээх театральнай республика, биһиэхэ 11 театр айымньылаахтык үлэлии олороллор,-диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.— Республикабытыгар культура дьиэлэрин-уоттарын тутуу хаһааҥҥытааҕар да күүскэ ыытыллар. Ол курдук, Дьокуускайга Гагарин аатынан аныгы культура уонна искусство Киинэ ситэриллэр, улуустарга саҥа культура дьиэлэрэ дьэндэйиэхтэрэ. Тутуллар турар Эпос уонна искусство Арктикатааҕы киинэ  хотугу дойду культуратын уонна искусствотын киэҥ нэлэмэн Арктика сиригэр-уотугар тарҕатыаҕа,- диэтэ. Кини туспа туһаайан: “ Бары биир идэлээхтэрбин уонна туспа бэлиэтээн  Валерий  Владимирович Фокинҥа Россия национальнай театрдарын  Ассоциациятын тэрийбиккитигэр махтанабын! Бу тэрээһин дойду үрдүнэн биллэриллибит Россия норуоттарын культурнай үгэстэрин түмсүүтүн сылыгар биир бөдөҥ уонна суолталаах түгэн быһыытынан сыаналаныаҕа диэн эрэнэбин”.
  • Ханнык баҕарар дьыала сайдыытын туһунан быһаарсарга тэҥнээхтэри уонна уратылаахтары кытта сэһэргэһэр уонна мөккүһэр ордук.  Соҕотоҕун быһаара, туруорса сатыыр буоллаххына ол монолог эрэ буолар. Мин бу дьоһуннаах историческай форумҥа ыраахтан кэлбит курдук санаммытым даҕаны, олус чугас эйгэбэр, бэйэм дьоммор кэлбит курдук сананным- диир  АТТИС  (Афины, Греция) театрын художественнай салайааччыта Теодорос Терзопулос. Бу аан дойдуга киэҥник биллибит режиссер, Грецияҕа уонна Будапешка  ыытыллар “Театр Олимпатын” олохтообут киһи: “Биһиги обществоҕа баар кыһалҕалары театр эйгэтинэн тыктаран көрдөрөбүт, театральнай искусство аан дойдутааҕы сыһыаннаһыылары бөҕөргөтөр аналлаах. Ол иһин политиктар театрга иитийэхтэнэр санаалары чугастык ылыныахтаахтар. Биһиги мэлдьи театр кризиһин туһунан кэпсэтэбит. Саҥа суолу былыргы үгэстэрбититтэн булуохтаахпыт, онон национальнай театрдар сомоҕолоһууларын тэрийии уһулуччу суолталаах буолуоҕа. Бүгүн олус демократичнай, культура араас  салааларын уонна  араас омуктары түмэр историческай  Конгресс  ыытылынна» диэтэ.

Грек режиссера этэринэн бу түгэн сайыннарыллан, кэҥээн аан дойдутааҕы түмсүү буолуо диэн сабаҕалаата. Оттон Саха Автономиятын төрүттэспитэ 100 сыл буолбут, омук сүгүрүйэр судаарытыбаннай деятелэ Былатыан Ойуунускай суруйбут  “Улуу Кудаҥса” диэн айымньытынан туруоруллубут Андрей Борисов спектаклын көрөн баран: “Эһиги үгэстэргитин, чахчы, олус харыстабыллаахтык илдьэ сылдьар эбиккит. Спектакль былыргы гректэр трагедияларын курдук кэмнэри сырдатар эбит диэн сыаналаата уонна спектаклы киэҥ Евразия таһымыгар таһаарар санаалааҕын биллэрдэ.

  • Биһиги дойдубутугар айар дьоҕурдаах күүстэр кэмэ суох элбэхтэр.  Арктикатааҕы үйэлэргэ мунньуллубут үтүөкэннээх үгэстэрдээх республикаҕа  көрсүһэммит, конгресс ыытаммыт Россия судаарыстыбатыгар бырааһынньыкка тэҥнээх дьоһуннаах түгэҥҥэ кытынныбыт,-диэтэ Госдума депутата Валентина Пивненко. Оттон биллиилээх режиссер Валерий Фокин: “ Дойдуга театр дьүһүйүүтүн саҥардыы национальнай театрдартан кэлиэҕэ, кинилэр алмаас курдук чаҕылхай уонна кэрэчээн буолуохтара, онон национальнай театрдар бэйэлэрэ анал эйгэлээх буолаллара булгуччу наадалаах” диэтэ.
  • Национальнай театрдар бэйэлэрин эстетикаларын көрдүүллэр. Итиннэ Саха театра олус табылынна, тоҕо диэтэххэ, сүрүн тирэҕинэн өбүгэлэртэн бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэлбит саха улуу айымньыта олоҥхо буолар,- диэн бэлиэтээтэ Андрей Борисов.- Ону таһынан биһиги театрбыт нуучча театрын оскуолатыттан тахсыбыта. Билигин  национальнай театр аныгы технологияларга тирэҕирэн, наука саҥаттан асҥа ситиһиилэрин туһанан сайдыахтаах. Биһиэхэ билигин оннук сайдыы  тутулла турар Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинигэр тирэҕирэн ыытыллыаҕа,- диэтэ.

Александринскай театр директора Сергей Емельянов Арктикатааҕы киин тутуутуттан олус астыммыт уонна  ити “уһулуччулаах бырайыак буолар” диэн сыаналаабыт. “Эһиги ити тутууну  үлэҕэ киллэрдэххитинэ театральнай Росияҕа эрэ буолбакка Бүтүн Азия үрдүнэн уһулуччулаах үтүө түгэн буолуоҕа”, — диэтэ.

Онон Дьокуускайга тэриллибит конгресс национальнай театрдар, норуоттар доҕордоһууларыгар, дойдулар чугасаһыыларыгар, Ил, Эйэ, омуктар культуралара  сайдарыгар  ураты сабыдыаллаах буолуоҕа диэн санааны бигэргэттэ. Ол дьыалаҕа Саха сирэ дьоһун кылаатын киллэриэҕэ.

Николай Крылов, суруналыыс.

Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: