Росстат систиэмэтигэр соҕотох Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа – Алексей Миронов

Share

Арассыыйа статистикатын систиэмэтэ (Росстат) Кыайыы бырааһынньыгын көрсө статистика систиэмэтигэр үлэлээбит соҕотох Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Саха сириттэн төрүттээх Алексей Афанасьевич Миронов эрэ баарын быһаарбыт.

Ол туһунан Сахастат тэрилтэ иһитиннэрэр.

Кыайыы күнүн иннинэ эйэлээх олоххо статистика систиэмэтигэр үлэлээбит, Аҕа дойду иннигэр ытык иэстэрин төлөөбүт, дьоруойдар тустарынан кинилэр кэпсииллэр. Алексей Афанасьевич Миронов 1912 сыллаахха төрөөбүт, 1945 сыллаахха өлбүт. Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ Бүлүү оройуонун госстатистикатыгар иниспиэктэринэн үлэлээбит.

Алексей Афанасьевич Миронов Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр Батастаах алааһыгар 1912 сыл кулун тутар 29 күнүгэр төрөөбүт. Балаҕаччы нэһилиэгэ Бүлүү өрүс уҥуор сытар урукку Мастаах улууһун аҕыс нэһилиэгин киинэ эбит. Онно оскуола аһыллар буолбутугар, Мироновтар 1924 сыллаахха оҕолорун үөрэттэрээри көспүттэр. Оскуола кэнниттэн Алексей Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин сэбиэтигэр үс сыл сэкирэтээрдээбит, салгыы эмиэ үс сыл норуот хаһаайыстыбатын учуотун управлениетын (статистика) Мастаахтааҕы учаастагар иниспиэктэрдээбит.

Олоххо көхтөөх комсомолец нэһилиэккэ бэлитиичэскэй хампаанньалары тэрийиигэ кыттыбыт, Мастаах оройуонунааҕы комсомол бүрүөтүгэр сэкиритээри солбуйааччынан талылла сылдьыбыт. 1941 с. балаҕан ыйыгар аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Немец халабырдьыттарын кытары хорсуннук сэриилэһэн уонна эр санаалааҕын иһин «Кыһыл сулус» уордьанынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт. ССРС Бэрэсидьиэнин 1990 с. ыам ыйын 5 күнүнээҕи 114-с №-дээх ыйааҕынан Алексей Афанасьевич Мироновка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа үрдүк аат иҥэриллибитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago