Салгыы
Росстат: уматык сыаната салгыы үрдүүр

Росстат: уматык сыаната салгыы үрдүүр

Ааптар:
01.11.2024, 10:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Арассыыйа үрдүнэн бэнсиин орто сыаната алтынньы 22-28 күннэригэр 59,08 солк. диэри үрдээбит. Бу кэмҥэ дизельнэй уматык сыаната эмиэ 67,45 солк. диэри улааппыт. Бу туһунан Росстат бүтэһик дааннайдара туоһулууллар.

Отчуоттуур кэмҥэ АИ- 92 маркалаах бэнсиин 53,77 солк. диэри үрдээтэ. АИ- 95 маркалаах бэнсиин  — 59,02 солк. АИ- 98 маркалаах бэнсиин — 80,26 солк.

Бэнсиин сыаната үрдээһинэ дойду 74 субъегар бэлиэтэнэр. Ол иһигэр ордук Саха сиригэр +4,1% үрдээбит. Оттон Москва уонна Калужскай уобаластарга бэнсиин сыаната -0,1% намтааһына бэлиэтэммит. 2023 сыл ахсынньы ыйынааҕы дааннайдары кытта тэҥнээтэххэ, АИ- 92 маркалаах бэнсиин сыаната 7%, АИ-95% — 7,5%, оттон АИ -98 — 17% эбиллибит, сыана ортотунан — 8,4% улааппыт.

Дизельнэй уматык сыаната 3,2% үрдээтэ. Потребительскай сыана (инфляция) алтынньы 22 күнүттэн 28 күнүгэр диэри 0,27% буолла. Сыл саҕаланыаҕыттан инфляция үүнүүтэ 6,55% тэҥнэһэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: