«Ростелеком» солуоннарын сабан эрэр. Тоҕо?
«Ростелеком» килийиэннэрин дистационнай төрүккэ көһөрүүнү түмүктээбитинэн сибээстээн сыыйа-баайа сибээс солуоннарын сабарын туһунан РИА сонуннара иһитиннэрдилэр.
«Ростелеком» хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, килийиэннэр сервистэрин дистанционнай формакка көһөрүү түмүктэммит. Сыыппара көмөтүнэн үлэлиир өҥө сервиһэ килийиэннэри 100 % хааччыйар кыахтаммыт, оттон офиска олорор оператордар өҥөлөрүн килийиэннэртэн баара-суоҕа 0,01 %-нара эрэ туһанар эбиттэр. Онон мантан инньэ исписэлиистэр килийиэннэргэ онлайн-формат көмөтүнэн барытын ыйан-кэрдэн, быһааран биэриэхтэрэ. Санатар буоллахха, килийиэннэри кытта үлэ саҥа көрүҥэр көһүү үлэтэ хас да сыл ыытыллыбыт. Ол түмүгэр, сыыйа-баайа өҥөнү оҥорор анал салуоннар сабыллан испиттэр. Бу тэтимнээхтик сайдар олох тулхадыйбат ирдэбилэ буолар. Уопсастыба сыыппара өҥөтүн туһаныыта лаппа улаатта. Этэргэ дылы, аҕам саастаах дьон кэбэҕэстик туһанар буоллулар.
Хаартыска — интэриниэт ситимиттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: