Розалия Павлова: «Бардылар эдэркээн уолаттар»
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 76-с кыттааччыта Өлөөнтөн Розалия Павлова:
Бардылар эдэркээн уолаттар
Уол оҕо сэриилии оонньуура,
Улаатан ис дьиҥин билбэтэ,
Үөйбэтэх өттүттэн соһуччу
Ыҥырыы тутан, дьэ, уолуйда.
Уотунан уһуурар хонууга
Кыргыһыы, охсуһуу тэнийдэ,
Өһүөннээх өлөрсүү үксээтэ,
Өстөөҕү кыдыйыы кытаатта.
Төрөппүт оҕотун харыстаан
Аһыннар, ытаатар хайыаҕай,
Сэмэйдик, чиэстээхтик атааран,
Сүрэҕэ мөхсөөхтүүр долгуйан.
Хомпоруун хотойдор, хорсуттар
Эрдээхтик көмүскүү көттүлэр,
Бигэтик буор сиртэн тирэнэн,
Санаалыын бөҕөргөөн бардылар.
Эдэркээн оҕолор, кэскилбит,
Көлүөнэ ууһатар ыччаппыт,
Төнүннүн кыайыыны уһансан,
Дойдутун сиригэр аттанан.
Барыбыт көрсүөхпүт ытыктаан,
Ааттарын ааттыахпыт доргуччу,
Илиитин тутуһан тураммыт,
Махталы этинэн тиэрдиэхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: