“РусГидро” хампаанньа Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ бырайыактарын кэҥэтиэҕэ
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин “РусГидро” хампаанньа генеральнай дириэктэрин Виктор Хмарины кытары көрсүһүүтүгэр Уһук Илин эрэгийиэннэригэр инвестиция туһунан кэпсэттэ.
“РусГидро” хампаанньа 2004 сылтан үлэлиир. Билигин аан дойду үрдүнэн энэргиэтикэҕэ инники күөҥҥэ иһэр биир биллэр-көстөр хампаанньа буолар. Арассыыйаны таһынан 13 дойдуга үлэлиир.
Дойдубут энэргиэтикэтин 16 бырыһыанын барытын “РусГидро” хааччыйан олорор. Хампаанньа гаас, чох оттугун таһынан күн, тыал күүһүн туһанар. Саха сиригэр Дьокуускайдааҕы электро-ыстаансыйаны, Тиксиигэ тыал күүһүн туһанар ыстаансыйаны, о.д.а. эбийиэктэри туппута.
Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Виктор Хмарин иһитиннэрбитинэн, “РусГидро” сыллааҕы барыһын, судаарыстыбаҕа нолуок киллэриитин элбэтэн иһэр.
— Төһө да экэниэмикэ өттүнэн билигин уустук кэм буоллар, биһиги хампаанньабыт сылтан сыл барыһын элбэтэн иһэр. Холобур, быйыл барыспытын сүүрбэ бырыһыан үрдэттибит. Ону таһынан судаарыстыбаҕа нолуок киллэриитигэр эмиэ инники күөҥҥэ сылдьабыт. Дойду хааһынатыгар сылын аайы 105 миллиард солкуобай кэриҥэ нолуогу киллэрэбит, — диэн этэр кини.
Санатан эттэххэ, хампаанньа былырыын 223 миллиард солкуобайдаах инвестиция оҥорбут. Ол иһигэр Уһук Илиҥҥэ федеральнай уокурукка Чукоткаҕа, Владивостокка эбийиэктэри туппута. “2028 сылга диэри 800 миллиард солкуобай инвестиция киириэхтээх. Онтон 70 бырыһыана Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка былааннанан турар”, — диэн бэлиэтиир мунньах кэмигэр Виктор Хмарин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: