«РусГидро» уонна «Россети» хампаанньалар уотунан хааччыйыыны тупсарарга үлэлиэхтэрэ

Share

Кэнники кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ электроэнергия уотунан хааччыйыыга саахал тахсара элбээбитинэн, бүгүн РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев оробуочай сырыытын чэрчитинэн электроэнергия уотунан хааччыйар бөдөҥ хампаанньалар салайааччылаах мунньаҕа буолан ааста.

«Саха сиригэр электроэнергияны биэриигэ элбэх саахал тахсара буолла. Өрөспүүбүлүкэ кытаанах килиимэттээх сиргэ сытар. Онон электроэнергияҕа саахал тахсара сатаммат. Ол иһин электроэнергиянан хааччыйар «РусГидро» уонна «Россети» хампаанньалар саахал тахсыбатын курдук, эрэллээх бырагырааманы бэлэмнии сылдьалларын туһунан эттилэр. Бырагырааманы түргэнник олоххо киллэрэр эрэллээх буоларын наадатыгар, хампаанньалар салайааччыларын үлэлэрин төлөбүрүгэр төһө көдьүүстээҕинэн коэффициены киллэрэргэ сүбэлэстибит. Ити бырагыраамалар бу сылга саахал тахсарын аҕыйатар уонна көдьүүстээх буолалларын курдук олоххо киириэхтээхтэр», — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев кэпсээтэ.

Оттон Ил Дархан Айсен Николаев быйылгы тымныы кыһын тахсыбыт саахаллары өрөспүүбүлүкэ олоххо-дьаһахха хаһаайыстыбата сөптөөхтүк дьаһанан толордо диэн бэлиэтээтэ.

«РусГидро» уонна «Россети» хампаанньалар салайааччыларыттан – энергетиктэртэн өрөспүүбүлүкэҕэ уот саахала кыччыырын туһугар саҥа кыахтаах былааннары киллэрэн эрэллэрин туһунан иһиттибит. «Россети» хампаанньа Майа уонна Томмот бөдөҥ ыстаансыйаларыгар саахал аны тахсыбатын курдук, былаан ылынан, өрөмүөннүүргэ үбүлээһини көрдө. Онон ити үлэлэр 2023-2024 сс. ититии биэрии кэмин иннинэ быһаарыллыахтаах», — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сириттэн — Кытай Харбинын хаар уонна муус бэстибээлин дьүүллүүр сүбэтигэр

Бу ый саҥатыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһук бэстибээлигэр араас…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев быыбардааччыларын кытта өрүү бииргэ

Ааһан эрэр 2025 сыл Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар айылҕа иэдээнэ -- алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну оҥорон,…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыл аккырыыккалара

Саҥа дьылга эҕэрдэлэһэн буостанан аккырыыкка ыытыһар үтүө үгэс баара. Ол аныгы үйэҕэ уларыйан турар. Ол…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыл билгэлэрэ

Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр оҕолуун-уруулуун бары туох эмит дьиктини, уратыны, аптааҕы күүтэбит. Чаһы кураана охсорун…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Егор Неймохов. «Олох үйэлээх хапсыһыы»

Бэйэлэрин норуоттарыгар үгүс дьоһуннаах айымньылары хаалларбыт суруйааччылар ааҕааччы  өйүттэн-санаатыттан сүппэттэр, кинилэр үлэлэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдиллэн,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саҥа дьыл өрөбүллэригэр Дьокуускайга мэдиссиинэ тэрилтэлэрин үлэлэрин эрэсиимин туһунан

СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ мэдиссиинэ тэрилтэлэрин бырааһынньыктааҕы уонна өрөбүл күннэргэ -- ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу…

13 часов ago