Педагог, успуорт бэтэрээнэ Руслан Алексеев 80 сааһын туолла
Төрүттэриттэн Уус Маайаттан, бэйэтэ Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх-уустаах, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин туйгуна, РФ профтехүөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Амма улууһун уонна Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна успуорка бэтэрээнэ”, “Амма киэн туттуута” бэлиэлэрдээх, 922 сылы хабар “Педагогическай династия” салҕааччыта, Улуу сэрии сылларын оҕото Руслан Денисович Алексеев бу күннэргэ лоп-курдук үбүлүөйдээх 80 сааһын томточчу туолла.
Кытаанах, дьиппиэн соҕус көрүҥнээх эрээри, билсэн-көрсөн бардахха сымнаҕас, үтүө майгылаах Руслан Денисович Алексеевы Чурапчы Мугудайын оскуолатыгар дириэктэрдиир кэмнэриттэн билэбин. Мин оччолорго оройуон хомсомуолун үлэһитэбин. Тоҕо эрэ толлор этим. Хаалтыстаах, көстүүмнээх, паапка кыбыныылаах, ыраас, чэбэр киһи райкомҥа, районоҕа үгүстүк сылдьара. Оскуолатын түбүктээх үлэтин санаан буолуо, тиэтэллээх соҕустук кэлэрэ-барара. Мунньахтарга хайаан да сытыы туруорсуулардаах буолара.
Мугудайга командировкаларга тиийдэххэ хомсомуол мунньахтарыгар сылдьааччы. Оскуолатын эрэ үлэтинэн муҥурданан хаалбакка, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕунан олороро биллэрэ. Ити 70-с сылларга, арыгылааһын элбээн, бэрээдэк биллэ сатарыйбыта. Нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Николаевич Сивцев, отделение управляющайа Николай Дмитриевич Пермяков уонна оскуола дириэктэрэ Руслан Денисович Алексеев үс көһөҥө салайааччылар күүстэрин холбоон, биир сүбэнэн, олорор сирдэринэн түөлбэлэри кытта эрчимнээхтик ылсан үлэлээбиттэрэ. Дьону кытта өйдөһөр, уопсай тылы булан кэпсэтэри сатыыр эдэр салайааччыга Руслан Алексеевкэ зонанан үлэни ыытарыгар киин штаб начаалынньыгын эбээһинэһин эҥкилэ суох толорбута. Үһүөн хомсомуол мунньахтарыгар сылдьыталаан сүбэ-ама биэрэллэрэ. Дьэ, кырдьык, бэртээхэй салайааччылар этэ. Үлэҕэ көтүмэхтик сыһыаннаһааччыларга “Комсомольскай прожектор” үлэлиирин ирдииллэрэ. Кыстык пиэрмэлэригэр, сайылыктарга сылдьыһаллара. Уураах суруйуутугар наадалаах этиилэри киллэрэллэрэ. Арыгылааһыны, уопсастыбаннай бэрээдэги кэһээччилэри утары охсуһуу күүһүрбүтэ. Ыаллыы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар чөл олохтоох Дьабыыл нэһилиэгэр Нуораҕанаҕа уонча киһилээх бөлөҕү Руслан Денисович салайан уопут ыла баран кэлбиттэрэ. Ол түмүгэр, Мугудайга арыгылааһын, бэрээдэги кэһии төрдүттэн суох оҥоһуллубуттара. Ыччаттар успуордунан дьарыктаныынан умсугуйбуттара. Михаил Гуляев, Вячеслав Попов, Ксенофонт Оконешников, Аркадий Пермяков уо.д.а. курдук күүстээх спортсменнар, биллиилээх салайааччылар тахсыбыттара. Чөл олохтоох “Саһарҕа” кулууп тэриллибитэ, нэһилиэк сиэрдээх буолуу хайысхатын тутуспута. Мугудай нэһилиэгин олоҕо-дьаһаҕа тупса, чэчирии түспүтэ.
Эрчимнээх уонна ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан, үлэ саҥа сүүрээннэрин киллэрэр, ураты дьыалабыай хаачыстыбалардаах Руслан Денисович Алексеев Чурапчы орто оскуолатыгар дириэктэринэн өрө таһаарыллыбыта. Эдэр кэскиллээх үлэһит баартыйа кэккэтигэр киллэриллибитэ.
Ити кэмтэн ыла сыллар-хонуктар хотоҕостуу субуллубуттара. Руслан Денисович салайааччы, тэрийээччи быһыытынан буспута-хаппыта, уһаарыллыбыта. Төрдө-ууһа Амма Бөтүҥүн киһитэ. Инньэ гынан, Амма райкомун бастакы сэкирэтээрэ, саха аатырбыт бөҕөһө Максим Николаевич Сибиряков чурапчылар биир мааны күтүөттэрин Руслан Денисовиһи дойдутугар ыҥыран ылбыта. Төрөөбүт-үөскээбит оройуонун араас салааларын салайар үлэлэрин бурҕалдьыларын, хаһан-ханна да буоларыныы, үрдүк эппиэтинэстээхтик, бэриниилээхтик соспутун наҕараадалара кэрэһэлииллэр.
Ону барыларын эридьиэстии барбакка, успуорка, булка-аска сыһыаннаах өттүлэриттэн билиһиннэрэрбит сөп буолара буолуо дии саныыбын. Успуорт үлэтин салайсыыга, сайыннарыыга, күрэхтэһиилэри ыытыыга, спортивнай инбэнтээрдэри булан хааччыйыыга, үбүлээһиҥҥэ, бастыҥ спортсменнары өйөөһүҥҥэ кылаатын киллэрсибитэ.
Хаһан-ханна даҕаны уол оҕо, эр киһи сиригэр-уотугар тардыһар. Үтүө киһи үтүө дьону кытта “эн-мин” дэһэн алтыһар. 1980-90 сылларга баартыйа райкомун, райсовет тутаах салааларыгар үлэлиир успуорт куттаах Руслан Денисович дойдутугар Аммаҕа эргиллибитэ. Оройуон успуорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Герасимович Гурьевы, “Урожай” уопсастыба оройуоннааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Васильевич Алексеевы, спортивнай оскуола дириэктэрэ Николай Михайлович Давыдовы кытта биир өйүнэн-санаанан үлэлээбиттэрэ. Тириэньэр Михаил Степанович Скрябин тустууну үөһэ кэрдиискэ таһаарбыта. Амма омук тустууктара кэлэн тустар түһүлгэлэригэр кубулуйбута.
Руслан Денисович көҥүл тустууну өйөөбүтэ күн бүгүнүгэр диэри сабыдыала баар. Ол туһунан кэлин Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ буолары ситиспит, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Михаил Степанович Скрябин 2013 сыл тохсунньу ыйыгар маннык суруйан хаалларбыта элбэҕи этэр: “Куоракка ШВСМ-ҥа Д.П. Коркины кытта түөрт сыл үлэлээбит буоламмын, улахан тириэньэрдэри үчүгэйдик билэттиирим. Сойуус улахан спортивнай баазаларын Минскэйгэ “Стайкины”, Тбилисигэ “Дигоми” кытта сибээһи күүскэ тутар буоламмыт биһиэхэ куруук баар буолара. Улахан сбордарга миэстэ булбакка биһиэхэ “дугуйданаллара” элбэх этэ. Оччолорго Саха сирин тириэньэрдэрэ үксүлэрэ сыллааҕы сметаны оҥорууну, былааннааһыны билбэттэр этэ. Биһиги Аммаҕа ону маҥнай кыайа туппуппут. Ону оҥорорбутугар, саамай кылаабынайа, оччолорго оройуоннааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Руслан Денисович Алексеев көмөтүн, өйөөһүнүн, ханна да хатыламмат махталбынан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу бириэмэҕэ үлэлээбит кылаабынай буҕаалтыр Галина Петровна Никитина, ону сэргэ Екатерина Антоновна Морозова көмөлөрө сүҥкэн.
Күрэхтэһии тэрээһиннэрэ, кэлии-барыы, лааҕыр тутуута, үлэтэ, онно элбэх үп көрүллүбүтэ. Ол быыһыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ улахан конкуренцияны оҥорон лиидэрдээн барбыппытыгар, “туорайдаһыылар” элбээн барбыттара. Арай, биир сарсыарда үлэбэр кэлбиппэр Николай Михайлович Давыдов сэрэнэн соҕус: “Тойоҥҥор бара сылдьар үһүгүн”, — диэтэ. Испэр, арааһа, дьыала “каака” буолбут быһылаах диэн саныы-саныы, Руслан Денисовичка ыстаннардым. Тиийбитим киһилээх олорор эбит. “Тохтуу түс”, — диэн кытаанах соҕустук сапсыйан кэбистэ. Балай да кэтэһэн баран киирбиппэр, иннибэр илиис кумааҕыны анньан баран: “Аах!” — диэт, туора хайыста. Ылан аахпытым куораттан успуорт кэмитиэттэн кэлбит, ис хоһооно: “Скрябин М.С. өрөспүүбүлүкэттэн көҥүлэ суох көҥүлэ суох кэлэрин-барарын тохтотуҥ!” диэн эбит. Испэр олох кыыһыран хааллым гынан баран, өйбүн-төйбүн хомунан, баар-суох үбүлээн дурда-хахха буолан олорор киһибэр Руслан Денисовичка биир чаастаах быһаарыы биэрдим. Билигин биһигиттэн ыктаран, кыайтаран эрэллэрин, ыксаан ол-бу араас мэһэйи оҥоро сатыылларын. Кинилэр биһиги барарбытыгар-кэлэрбитигэр туох да сыһыана суохтарын толору быһаардым. Руслан Денисович барытын төрүт саҥата суох истэн баран, мин иннибэр сытар кумааҕыны ылан кумалаан, кум-хам тутан уурунаҕа быраҕан кэбистэ уонна: “Төһө баҕарар сылдьыҥ, барыларын кыайталааҥ!” — диэтэ, илиитин биэрдэ. Сураҕа, ол кэннэ хаста да оннук ис хоһоонноох суруктар, ыйытыылар кэлэ сылдьыбыттар да, миэхэ биир да сурук тиийбэтэҕэ. Онтон салгыы үлэбит өссө күүһүрбүтэ. Николай Адушинов ССРС олимпийскай резервэтин үрүҥ көмүс призерунан, эһиилигэр Алексей Соловьев чөмпүйүөн буолбуттара. Ньургун Иванов маҥнайгы норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар буолбута, аан дойду, Европа мэтээллэрэ кэлбиттэрэ. Алексей Соловьев оҕолорго аан дойду үрүҥ көмүс мэтээлин, Валерий Кульбертинов боруонса мэтээли аҕалтаабыттара. Ити кэнниттэн Амматтан норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар нуорматын Алексей Соловьев, Павел Капитонов, Гаврил Игнатьев, Григорий Массаев, Кирилл Павлов, Матвей Матвеев, Николай Старостин толорбуттара. Чурапчыга үлэлиир сылларбар Данил Неустроев, Александр Иванов. Виталий Корякин толорбуттара. Аммаҕа бэйэбит күүспүтүнэн тустуу саалын туппуппут. Бу ситиһиилэр кэлэллэригэр барытыгар быһаччы сибээстээх киһинэн Руслан Денисович Алексеев буолар. Кини оччолорго “үөһээҥҥилэри” истэн биһигини тохтотон кэбиспитэ буоллар хартыына олох атын буолуохтаах этэ. Онон биһиги, оччотооҕу кэмҥэ үлэлээбит тириэньэрдэр, успуорт үлэһиттэрэ улахан убайбытыгар Руслан Денисовичка махтанабыт, алгыс маанытын аныыбыт!”. Хайдахтаах курдук билинииний!
Руслан Денисович бултуурун олус сөбүлүүр. Арай биир күһүн, куоракка “Кыайыы 50 сыла” Успуорт дыбарыаһыгар баар маассабай успуорт управлениетын кабинетыгар киирбиппэр, Руслан Денисович исписэлиис уолаттары кытта кэпсэтэ олорор эбит. Төрүкүттэн билсэр дьон быһыытынан дорооболоһон, сонуннарбытынан үллэстии буолла. Онуоха, киһим, тыаттан кэлбитин, Байанай бэрсибитин туһунан кэпсээтэ, ымсыырта, көҕүлээтэ. Аны күһүн бултаһа барсарбар ыҥырда. Хаһан да улахан булка сылдьа да илик буолларбын, тыла-өһө ылыннарыылааҕын иһин сөбүлэстим. Сыл устата, кыһын уонна сайын, ыҥырбытын чиҥэтэн, иккитэ эрийэ сылдьыбыта. Нөҥүө күһүммүт өр гыммата, субу тиийэн кэллэ. “Жигули” массыынатынан өр-өтөр гымматыбыт, киэһэ сөпкө Амманы булан, Иван Прокопьевич, Марина Николаевна Васильевтарга хоннубут. Иван Прокопьевич эмиэ сааһыт бэрдэ, сүбэлээтэ-амалаата. Нөҥүө күн сарсыарда Бөтүҥҥэ тиийэн кэллибит.
Буойун-фронтовик аҕалара Денис Егорович Алексеев 100 сылыгар аналлаах орто оскуолаҕа кылаас чааһыгар, түмэлгэ, киэһэ кулуупка ахтыы киэһэтигэр сырыттыбыт. Алексеевтар төрүччүлэрин, удьуор учуутал династияны кытта билистибит. Руслан Денисович бииргэ төрөөбүттэрэ Анна Денисовна, Елизавета Денисовна, Денис Денисович, Егор Денисович, Александра Денисовна бааллар. Алексеевтар “буруолуу сылдьар” кинигэлэрин сүрэхтэниитэ, ахтыылар буоллулар. Үлэни өрө тутар, үлэттэн дьолу булбут дьон. Дьаһаллары нэһилиэк баһылыга Саргылаана Васильевна Борисова салайда.
Булка сирдиэхтээх “старшойбут” Петр Дмитриевич Неустроев үөрэ-көтө көрүстэ. Улуу тириэньэр Куоркун иитиллээччитин, ССРС успуордун маастарын Петр Неустроевтыын оскуолатааҕы кэмнэрбититтэн билсэбит. Инньэ гынан, кэпсэтэрбит элбэх. Руслан Денисович быраата Денис Денисович баар. Миэхэ “Тирэх” диэн сытыары сымнаҕас, киһи соруйарын өйдүүр, тураҕас өҥнөөх аты биэрдилэр. Ыт-кус бөҕөбүт.
Кыыс Амма нөҥүө Нуотара салаа үрэхтэрин Лапчыны, Эттэкээни, Иннээйини, Күбээйини батаммыт, наһаа бэркэ, өтөрүнэн умнуллубат сырыылары сылдьыбыппыт. Миэхэ барыта сонун. Экскурсияҕа сылдьардыы сананабын. Күһүҥҥү айылҕа сыыйа, аа-дьуо, арыллан, кэлэ турар кэрэ-мааны көстүүлэринэн күндүлээбитэ-маанылаабыта. Ырааттар ыраатан, киин сиртэн улам тэйэн, күн аайы атынтан-атын үүтээннэргэ хонукпутун булабыт. Аал-уот иччитин күндүлүүбүт. Утуйаары сытаммыт булт-алт араас түбэлэлэрин кэпсэтэбит. Суруналыыс киһи быһыытынан, аппарааттарбын илдьэ сылдьабын. Кэлин ол үүтээннэрбит кэпсээннэрин “Саха” араадьыйатыгар иһитиннэрбитим. Уонча хонук устата тоҕус үүтээҥҥэ хонуталаабыппыт.
Руслан Денисович булка үөрүйэх буолан сүрдээх сыстаҕас, билэрэ-көрөрө элбэх. Аҕа саастаах киһи быһыытынан сүбэлиир-амалыыр. Дьоһуннук туттар-хаптар, ыппыт ох курдук көнө сүрүннээх. Саастаахпын дэммэт, туттара-хаптара сылбырҕа, сэргэх. “Старшойбутун” Бүөтүрү иннибитигэр укта сылдьабыт. Сүрдээх бүгүрү, сатаабата, кыайбата диэн суох, кыанарын оҕото бэйэтин гиэнэ.
Руслан Денисович кэбиниэт “үрүҥ үлэһитэ” эрэ буолбатаҕын, айылҕаны, дойдутун, төрөөбүт түөлбэтин таптыырын, дьоҥҥо-сэргэҕэ сылаас сыһыанын, ураты аймаҕымсаҕын, дьонумсаҕын, сынньалаҥы үлэни кытта сатаан дьүөрэлиирин, эйгэтин иһинэн бары боппуруостары хонтуруолга тута сылдьарын, тылын иһитиннэрэн дьаһайарын, дьонугар-сэргэтигэр ытыктабылынан туһанарын, тус-бэйэбинэн көрөн, итэҕэйэн, бииргэ сылдьыспыппыттан үгүһү биллим-көрдүм, элбэххэ үөрэнним.
Тапталлаах олоҕун аргыһынынаан Любовь Николаевнатынаан Руслан Денисович Алексеевтар спортивнай дьиэ кэргэнинэн биллэллэр. Мария Руслановна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ, иитиллээччилэрэ Саха сирин спартакиадаларыгар, Уһук Илиҥҥэ тиийэ бастыыллар, миэстэлэһэллэр, “Азия оҕолорун” спортивнай оонньууларын кыайыылаахтара, күндү-мааны күтүөт Павел Егорович Глухарев гиирэ успуордун маастара, волейболист бэрдэ, сорсуннаах булчут, улахан уол Егор өрөспүүбүлүкэ волейболга чөмпүйүөнэ, “Аҕам, ийэм уонна мин – спортивнай дьиэ-кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалын кыайыылаахтара.
Онон, түгэнинэн туһанан, Руслан Денисовиһи үбүлүөйдээх 80 сааһынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Өрүү да маннык эрчимнээх, кыһамньылаах буол, тэтиэнэх сырыт, дьиэ кэргэттэрин этэҥҥэ буоллунар, дьол-соргу эҥэрдэстин!
Баһылай Посельскай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: