Руслан Федотов: “Бары туруннахпытына эрэ — кыайыы кэлэр!”

Share

Саха сирин дьоно-сэргэтэ, улуустар, нэһилиэктэр, биирдиилээн дьон ким тугу сатыырынан, кыайарынан дойдубутугар тирээбит уустук балаһыанньаҕа күүс-көмө буолаллар.

Ол туһунан Ил Түмэн дьокутаата, урбаанньыт, меценат Руслан Федотов тус санаатын үллэһиннэ.
— Дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин Украина аҕыс сыл устатыгар ДНӨ, ЛНӨ сэрии сэбинэн ытыалаан кыһарыйарын тохтотор туһугар сөптөөх быһаарыыны ылыммыта, демилитаризация уонна денацификация ыытар сыаллаах анал байыаннай эпэрээссийэни саҕалаабыта. Хомойуох иһин, арҕаа дойдулар уонна НАТО маны утары үлэлээннэр, Украинаны дэлби күөртээтилэр. Онтулара аһара баран Крым муостатын ытыалаан киирэн барда. Биһиги байыаннай күүстэрбит Украинаҕа баар улахан стратегическай суолталаах эбийиэктэр  үлэлэрин тохтотор байыаннай дьайыылары оҥоро сылдьаллар. Украина лаппа мөлтөөтөҕүнэ, кыаҕын ыллардаҕына эрэ биһигини кытта кэпсэтэ кэлэр туруктаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ Украинаҕа НАТО-тан уонна арҕаа дойдулартан сэрии сэбэ киирэ турар, ити дойдулартан наемниктар, инструктордар киирэн көмөлөһө сылдьар буоланнар, кини кэпсэтиэн баҕарбат, өссө даҕаны күүскэ сэриилэһэр былааннаах олорор.
Бэрээдэги олохтооһуҥҥа, эбийиэктэри харабыллааһыҥҥа, алдьаммыты өрөмүөннээһиҥҥэ дьоммут ахсаана тиийбэт буолан, кыһалҕаттан быстах мобилизация барда. Саха сирин дьоно маны сөпкө өйдөөннөр быстах хомуурга кытыннылар. Гуманитарнай көмө хомуйан ыыта турабыт. Билэр дьонум, үлэһиттэрим сорохторо хомуурга хабыллан бардылар. Мобилизацияланан барбыт үлэһиттэрбит дьиэ кэргэннэригэр күүс, көмө оҥоро туруохпут. Дьон кыһалҕата элбэх буоллаҕа – дьиэ-уот араас кыһалҕата, отторо, мастара, муустара, хотоннорун көрүүтэ, оҕолорун үөрэҕэ… Бары туруннахпытына эрэ — кыайыы кэлэр! Кинилэргэ уонна уоттаах киирсиилэргэ бааһыран да кэлбиттэргэ, биир дойдулаахтарбар кыайарбынан көмөлөһөргө бэлэммин. Бу күннэргэ норуот дьокутаатын быһыытынан нэһилиэнньэни кытта көрүстүм, туох кыһалҕалаахтарын билистим, кэпсэттим. Уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын.

Елена Иванова

Хаартыска: СИА архыыбыттан ылылынна

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тохсунньу 6-7 күннэригэр Дьокуускайга Ороһуоспатааҕы Таҥара сулууспата ыытыллар

Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …

19 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүн — Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 119 сыла

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Үгүс оройуоннарынан -45° кыраадыска тиийэ тымныйыа

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

15 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

16 часов ago