«Руслан уонна Людмила» испэктээкили фэнтези истиилинэн көрдөрүөхтэрэ
Бэс ыйын 6 күнүгэр, нуучча улуу бэйиэтэ Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар, Нуучча драматическай тыйаатыра «Руслан уонна Людмила» испэктээкили славянскай фэнтези истиилинэн көрдөрүөҕэ.
Бу Дьокуускайга аан бастакы фэнтези-испэктээкил буолар. Испэктээкилгэ көстүүлээх кыргыһыылар, модун бухатыырдар, кэрэ кыргыттар, алыптаах-аптаах дьон, алта миэтэрэ уһуннаах бытыктаах Черномор колдун — бары кыраһыабай көстүүмнээх буолуохтара.
— Биһиги биллэр остуоруйаны атын өттүттэн көрдөрүөхпүтүн баҕарбыппыт — нууччалыы фэнтези туспа суоллаах-иистээх, аатырбыт Толкиен айымньыларыттан хаалсыбат. Аныгы оҕолор тылларынан, «былыргы Русь супердьоруойдарын» көрдөрүөхпүт. Ол оҕолорго ордук тиийимтиэ буолуо. Биһиги устуоруйабыт, биһиги литературабыт олус интэриэһинэйин оҕолорго тиэрдэр соруктаахпыт, — диэн режиссер Андрей Габышев этэр.
Санатар буоллахха, былырыын бэйиэт төрөөбүт күнүгэр Нуучча тыйаатыра туруорулла сылдьар «Руслан уонна Людмила» испэктээкилтэн быһа тардан көрдөрбүтэ. Ону көрөөччүлэр олус сэргээбиттэрэ.
Режиссер — Андрей Габышев, худуоһунньук – Андрей Волков. Премьера бэс ыйын 6 күнүгэр киэһэ 6 чаастан уонна бэс ыйын 8 күнүгэр киэһэ 6 чаастан Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырыгар буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: