«Руслан уонна Людмила» испэктээкили фэнтези истиилинэн көрдөрүөхтэрэ

Share

Бэс ыйын 6 күнүгэр, нуучча улуу бэйиэтэ Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар, Нуучча драматическай тыйаатыра «Руслан уонна Людмила» испэктээкили славянскай фэнтези истиилинэн көрдөрүөҕэ.

Бу Дьокуускайга аан бастакы фэнтези-испэктээкил буолар. Испэктээкилгэ көстүүлээх  кыргыһыылар, модун бухатыырдар, кэрэ кыргыттар, алыптаах-аптаах дьон, алта миэтэрэ уһуннаах бытыктаах Черномор колдун — бары кыраһыабай көстүүмнээх буолуохтара.

Биһиги биллэр остуоруйаны атын өттүттэн көрдөрүөхпүтүн баҕарбыппыт — нууччалыы фэнтези туспа суоллаах-иистээх, аатырбыт Толкиен айымньыларыттан хаалсыбат. Аныгы оҕолор тылларынан, «былыргы Русь супердьоруойдарын» көрдөрүөхпүт. Ол оҕолорго ордук тиийимтиэ буолуо. Биһиги устуоруйабыт, биһиги литературабыт олус интэриэһинэйин оҕолорго тиэрдэр соруктаахпыт, — диэн режиссер Андрей Габышев этэр.

Санатар буоллахха, былырыын бэйиэт төрөөбүт күнүгэр Нуучча тыйаатыра туруорулла сылдьар «Руслан уонна Людмила» испэктээкилтэн быһа тардан көрдөрбүтэ. Ону көрөөччүлэр олус сэргээбиттэрэ.

Режиссер — Андрей Габышев, худуоһунньук  – Андрей Волков. Премьера бэс ыйын 6 күнүгэр киэһэ 6 чаастан уонна бэс ыйын 8 күнүгэр киэһэ 6 чаастан Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырыгар буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

11 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

12 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

13 часов ago