Русскай Устье олоҕор үс араас көрүү баар

Share

Сэтинньи 21 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларыгар институкка Саха сиригэр былыргыттан олохсуйан олорор нуучча дьонун кыһалҕаларыгар, устуоруйаларыгар, тылларыгар, төрүт үгэстэригэр аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы билим-чинчийэр кэмпэриэнсийэ аһылынна.

Саха сиригэр нуучча төрүт олохтоохторо  — 500-чэкэ киһи Походскайга, Русскай Устьеҕа, Чокурдаахха, Черскэйгэ олорор.  Кэмпэриэнсийэ федеральнай таһымҥа нуучча төрүт олохтоохторун уратыларын булан таһааран, кинилэри Хоту сир, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар кэккэтигэр киллэриини сөптөөҕүн дакаастыахтаах.

Билим-чинчийэр кэмпэриэнсийэҕэ Москваттан, Санкт-Петербуртан, Омскайтан уонна Сендайтан (Япония) араас идэлээх дьон кытыннылар.  Русскай Устье салгыы хайдах сайдара ордугун быһаарарыгар худуоһунньук Василий Поленов Түмэл-заповеднигын дириэктэрин солбуйааччы, экэнэмиичэскэй билим хандьытаата Дмитрий Грушевскайы ыҥырбыттар.

— Манныкка маарынныыр бырайыактарынан Арменияҕа, Болгарияҕа, Арассыыйаҕа, Грузияҕа үлэлээбитим, — диир Дмитрий Валерьевич. — Русскай Устье култуурунай нэһилиэстибэлээх, бэйэтэ туһунан олохтоох, куукуналаах, эрэсиэптэрдээх, киһи харыһыйара баар. Манна үс атын-атын көрүү баар: кинилэри тыытымыахха, олорбуттарын курдук олордуннар. Эбэтэр цивилизацияны илдьиэххэ, эбэтэр Канада, Аляска курдук дьону ити сиртэн көһөрөн баран, көннөрү балыктыы тиийэр сир курдук оҥоруохха. Оннук буолар түгэнигэр бу хас эмэ үйэни илдьэ кэлбит төрүт үгэстэрэ сүтэригэр тиийэр. Хоту муора суолунан туризмы тэрийиэххэ сөп гынан баран, оччотугар тыыннаах култуура буолбакка, фольклор буолан хааларыгар тиийэр. Онон быһаара охсорго уустук боппуруос. Ким эрэ көһүөн баҕарар, ким эрэ уратытын сүтэриэн баҕарбат. Олохтоохтор бэйэлэрэ быһаарыахтарын наада, ханнык суолу талалларын.

Хаартыска: ааптар түһэриитэ
Хаартыска: ааптар түһэриитэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлэксийэниэр Сергей Осипов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо анаммыты барытын мунньар

Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ" түмсүүнү кытта холбоһон…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

626 киһи квотанан үлэ булла

Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах…

6 часов ago
  • Сонуннар

Быйаҥныыр сиригэр бөрөлөр билиннилэр

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар бөрөлөр билиннилэр. Бу адьырҕалар сылгыларга кутталы үөскэтэллэр. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Тэтим» араадьыйа «Алиса» колонкаҕа үлэлээтэ

«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэбээйитээҕи балыыһа кэлэктиибэ 5 дьааһык бэрэски буһаран ыытта

Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр. [gallery ids="172276,172277,172278"]…

7 часов ago
  • Сонуннар

Владимир Путин “Земскэй тириэньэр” бырагырааматын киллэрэргэ сорудахтаата

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Успуорт сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн 2025 сылтан “Земскэй тириэньэр” федеральнай…

7 часов ago