Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Share

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар, тылларыгар, төрүт үгэстэригэр аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы билим-чинчийэр кэмпириэнсийэ үлэтин салҕаата.

Хаартыска: Федор Луковцев түһэриитэ.
Хаартыска: Федор Луковцев түһэриитэ.
Хаартыска: Федор Луковцев түһэриитэ.
Хаартыска: Федор Луковцев түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: Федор Луковцев түһэриитэ.

Мустубут дьоҥҥо Сергей Головецкай уһулбут “Моё Русское Устье” документальнай киинэтин көрдөрдүлэр. Киинэ кэнниттэн продюсер Федор Луковцевы кытта көрсөн, бу үлэ хайдах барбытын кэпсээтэ:

“Русскай Устье олохтоохторун туһунан киинэ оҥорбут киһи диэн толкуйдаабыппыт хас да буолбута, үбэ-харчыта көстөрө олус ыарахан этэ. Онон учуонайдары интэриэһиргэтэр сыалтан 2022 сыллаахха учуонайдары, тыл үөрэхтээхтэрин, геологтары, о.д.а. мунньан, холбоһуктаах билим-чинчийэр кэмпириэнсийэни ыыппыппыт. Матырыйаал бөҕө баар буола түспүтэ. Бу туһунан билэр режиссербар Сергей Головецкайга кэпсээбиппэр, киһим сэргии түспүтэ”.

Федор Юрьевич бу бырайыагы олоххо киллэрэр сыалтан аны бииргэ үлэлэһэр дьону көрдүүр.  “Аан дойдутааҕы старовердар сойуустара” баарын истэн кинилэргэ тиийэр, бу ыраах хоту мас аалынан Никон реформатын иннинээҕи дьон кэлэн олохсуйбуттарын, онон урукку итэҕэллэрин илдьэ сылдьалларын кэпсээн интэриэһиргэтэн, эмиэ бииргэ үлэлэһиэх буолаллар. Дьэ итинник булан-хомуйан, Култуурунай көҕүлээһиннэргэ бэрэсидьиэн граныгар “Русское Устье. Наследие предков” бырайыактарын суруйаллар. Бырайыагы олоххо киллэрээччинэн “Даурскай кулууп” АНО буолар.

“Грант көмөтүнэн киинэбитин устар кыах үөскээбитэ, — диир Федор Юрьевич. — Продюсер буоламмын барса сылдьыбытым, билиҥҥи да кэмҥэ киһи тиийэригэр олус ыраах дойду эбит. Санаан көр, онно Москваттан режиссер, звукорежиссер, оператор тиийэллэр, аны ханнык да гостиница суох, буранынан айанныыгын. Киинэҕэ дойдутун туһугар эмиэ үлэлэһэр Игорь Чикачев 15 сыл буолан баран, төрөөбүт дойдутугар кэлиитин көрдөрбүппүт. Дэриэбинэ аҥара барыта кини уруулара-аймахтара, эдьиийдэрэ, уолларын кытта көрсүһүүлэрин барытын устубуппут. Бөһүөлэк дьоно үчүгэй баҕайытык быр-бааччы олороллор, киин ититиигэ холбоммуттар, ас-үөл өттүгэр былыргы үгэстэрин, хайдах оҥороллорун илдьэ сылдьаллар эбит. Аны олохтоох саастаах дьону кытта кэпсэттэххэ бастаан утаа саҥаларын өйдөөбөккүн, эмиэ да билэр тылыҥ курдук, эмиэ да ситэ өйдөөбөккүн, хайдах эрэ хотулуу ыллаан саҥараллар. Онтон 1-2 күн сылдьан баран дьэ өйдүүр буолаҕын. Итинник былыргы новгородскай, архангельскай, поморскай диалект тыллар тас дьайыыга бэриммэккэ хаалан хаалбыттар, ол иһин учуонайдар интэриэһиргииллэр. Киинэни эрэ буолбакка, “Сказки Русского Устья” уонна “Диалектный словарь русскоустьинцев” кинигэлэри таһаардыбыт.

Биһиги Саха сиринээҕи устуоруйабытыгар итинник маҥан бээтинэ элбэх, ону барытын аныгы кыаҕы туһанан урут ситэ үөрэтиллибэккэ хаалбыты ситэрэн үөрэтэр сорук турар. Устуоруктары, археологтары, этнографтары кытта бары бииргэ холбуу үөрэттэхпитинэ, баҕар олох атын хартыына тахсан кэлиэ. Кэмпэриэнсийэҕэ элбэх устудьуон сырытта, оттон биһиги бырайыакпыт эдэр ыччакка туһаайыылаах.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

5 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

5 часов ago