Хаартыска СӨ экологияҕа министиэристибэтиттэн
Соторутааҕыта социальнай ситимнэринэн Алдан оройуонун олохтооҕо Рябиновай үрэх киртийбитин видеоҕа устан тарҕаппыта, ол түмүгүнэн бэрэбиэркэ саҕаламмыта.
Бу күннэргэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ Рябиновай үрэх киртийиитин туһунан урут бэчээттэммити таһынан, эбии иһитиннэрии оҥордо.
Алдан оройуонун олохтооҕуттан Күрүҥ-Салаа үрэх уҥа салаата Рябиновай үрэх киртийбитин туһунан видео-иһитиннэрии киирбитинэн сибээстээн, министиэристибэ үлэһиттэрэ бу күн, от ыйын 5 күнүн киэһэтигэр, киртийии төрүөтүн быһаарар сыалтан, миэстэтигэр тиийэн бэрэбиэркэ ыыппыттар.
Таһыттан көрүү бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, Куруҥ-Салааҕа кирдээх уу Рябиновай үрэхтэн киирэрэ быһаарылынна. Рябиновай үрэх баһыгар баар Куруҥ-Салаа үрэх уута ыраас, дьэҥкир. Киртийии төрүөтүн быһаарарга Рябиновай үрэххэ бэрэбиэркэ ыытыллыбыт, «Рябиновай» ХЭУо бас билэр «Рябиновай» хайа-байытар собуота оҥорон таһаарар учаастагын анныгар уу киртийиитэ бэлиэтэммит. Миэстэтигэр ыытыллыбыт чинчийии чэрчитинэн, Рябиновайдааҕы хайа-байытар собуот анныттан, ону тэҥэ Куруҥ-Салаа үрэхтэн икки сиртэн уу анаалыһа ылылынна.
Санатан эттэххэ, ыйыллыбыт юридическэй сирэй федеральнай судаарыстыбаннай айылҕа харыстабылын хонтуруолугар киирэр, онон сибээстээн, иһитиннэрии СӨ Айылҕа баайын хонтуруоллуур федеральнай сулууспа управлениетыгар уонна Балык хаһаайыстыбатын федеральнай агентствотын Илиҥҥи Сибиирдээҕи территориальнай управлениетыгар ыытыллыбыт.
«Рябиновай» ХЭУо иһитиннэрэринэн, 2025 сыл от ыйын 4-5 күннэригэр диэри кэмҥэ Алдан оройуонугар улахан ардах түһэн, өрүстэргэ уонна үрэхтэргэ уу таһыма күүскэ үрдээбит. Итинэн сибээстээн, халаан кэмигэр үрэх түгэҕин дириҥэтэр үлэни салгыыр туһунан быһаарыы ылыллыбыт.
Арааһа, от ыйын 5 күнүгэр, видеоҕа устубут киһи үрэх уута туолан уонна уу түгэҕинээҕи былыык суураллан уу өлбөөрбүтүн көрбүтэ буолуо диэн СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ сабаҕалаабыттар.
Бу үлэлэри ыытыыга «Рябиновай» ХЭУо уу эбийиэгэр дириҥэтэр үлэлэри ыытарга диэн 2024 сыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр PO32-01472-14/01387056 №-дээх көҥүлү ылбыт, онто 2025 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри болдьохтоох.
От ыйын 8 күнүгэр Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман Дьокуускайдааҕы епархия тылбаас отделын үлэтин мунньаҕын…
От ыйын 9 күнүгэр киэһэ хойут Саха сирин быыһааччылара тыаҕa муммут 85 саастаах киһини көрдүү…
Хаҥалас улууһун борокуратууратын бэрэбиэркэтин түмүгэр, улуус дьаһалтата бэдэрээччиккэ успуорт былаһааккатын тутууга аспаал-бетон бүрүөһүнүн тэлгээһин уонна…
От ыйын 9 күнүгэр Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар 9 суол саахала бэлиэтэннэ, онтон бииригэр биир киһи…
Саха сиригэр сир аһын маассабайдык хомуйуу болдьоҕо бигэргэннэ. Ол курдук, от ыйын 10 күнүттэн хас…
Сэрэдэҕэ, от ыйын 9 күнүгэр, Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ…