Кыната тостубут суору эпэрээссийэлээтилэр
Суор – сахаларга ытык көтөр. Соторутааҕыта Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо сатаан көппөккө, хаарга буккулла сылдьар көтөрү булан, бэтэринэриийэ эмтиир салаатыгар аҕалан туттарбыт диэн «Саҥа олох» хаһыат суруйар.
— Билиҥҥи туругунан, көтөр уопсай туруга үчүгэй. Суор оҕото, быһа холоон икки саастаах, майгытынан сымнаҕас. Хаҥас кынатын тоһуппут, ол ону арыйаммыт, уҥуоҕун туттубут. Сүүрбэ хонук устата биһиги кэтэбилбитигэр киирдэ, тыҥырахтаах көтөр буоларын быһыытынан, этинэн аһатыахпыт. Онтон доруобуйатын туруга үчүгэй буоллаҕына, көҥүлгэ ыытыахпыт. Айылҕа оҕолоро биһиэхэ дөрүн-дөрүн да буоллар, биллэн ааһааччылар. Ойуур баһаардарын кэмигэр туртаһы итиэннэ чыккымайы эмтии сылдьыбыттаах этибит, — диэн Чурапчытааҕы бэтэринэриийэ эмтиир салаатын сэбиэдиссэйэ Саргылана Дмитриевна Пермякова кэпсээтэ.
Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс. Айылҕа оҕолоругар амарах сыһыан киһини киэргэтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: