СҮБЭҺИТ: Халадьыас киһи доруобуйатыгар туһата…
Коллагеннаах халадьыас киһи уҥуоҕун бөҕөргөтөр уонна тириитин тупсарар, ону таһынан арыгы кэннэ доруобуйа туругун тупсарарга көмөлөһөр глицин аминокислота баар, диэн РИА Новости быраас Андрей Тяжельников иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, бу бүлүүдэни Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар амтаныттан эрэ буолбакка, доруобуйаҕа туһалааҕынан астыахха сөп. Халадьыаһы уһуннук оргутуу коллагены үрдэтэр, ону таһынан тымныыга ньиэрбэ систиэмэтин уонна иммунитеты бөҕөргөтөргө араас туһалаах битэмииннэр уонна минераллар бааллар.
Глицин куртахха арыгы иҥэринитиин бытаардар, токсиннартан ыраастыыр, онон Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыкка күндү ас буолара улахан суолталаах. Итини таһынан глицин, үгүстэр билэллэринэн, мэйии үлэтин күүһүрдэр кыаҕы биэрэр.
Бу иннинэ олорон эрэ үлэлиир киһи доруобуйатыгар олус куһаҕан содуллары үөскэтэрин кэпсээбиттэрэ – саамай тарҕаммыт ыарыыларынан киһи ыйааһына эбиллэр, хаан баттааһына халбаҥныыр, диабет ыарыытын үөскэтэр. Мантан куотунарга элбэхтик хамсанар наадалаах диэн быраас Марфа Иванова үллэстэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: