Коллагеннаах халадьыас киһи уҥуоҕун бөҕөргөтөр уонна тириитин тупсарар, ону таһынан арыгы кэннэ доруобуйа туругун тупсарарга көмөлөһөр глицин аминокислота баар, диэн РИА Новости быраас Андрей Тяжельников иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, бу бүлүүдэни Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар амтаныттан эрэ буолбакка, доруобуйаҕа туһалааҕынан астыахха сөп. Халадьыаһы уһуннук оргутуу коллагены үрдэтэр, ону таһынан тымныыга ньиэрбэ систиэмэтин уонна иммунитеты бөҕөргөтөргө араас туһалаах битэмииннэр уонна минераллар бааллар.
Глицин куртахха арыгы иҥэринитиин бытаардар, токсиннартан ыраастыыр, онон Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыкка күндү ас буолара улахан суолталаах. Итини таһынан глицин, үгүстэр билэллэринэн, мэйии үлэтин күүһүрдэр кыаҕы биэрэр.
Бу иннинэ олорон эрэ үлэлиир киһи доруобуйатыгар олус куһаҕан содуллары үөскэтэрин кэпсээбиттэрэ – саамай тарҕаммыт ыарыыларынан киһи ыйааһына эбиллэр, хаан баттааһына халбаҥныыр, диабет ыарыытын үөскэтэр. Мантан куотунарга элбэхтик хамсанар наадалаах диэн быраас Марфа Иванова үллэстэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин уопсастыбаннай сэбиэтин уочараттаах мунньаҕар мэдиссиинэ өҥөтүн хаачыстыбатын дьүүллэстилэр. 2024 сылга…
Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Дьокуускайга Кадеттар оскуола-интэринээттэригэр Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сылы түмүктүүр, кэлэр…
Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Дьокуускайга Кадеттар оскуола-интэринээттэригэр Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сылы түмүктүүр, кэлэр…
2024 cыл уустук этэ. Ол эрээри Уһук Илин уонна дойду арктическай зуоналарын сайыннарыы вектордара оннунан…
Социальнай пуонда 2024 сылга Саха сиригэр төрөөбүт 16 тыһыынча оҕоҕо СНИЛС докумуону оҥордо. Социальнай пуонда бу СНИЛС-ы…
Саҥа сылы көрсө Саха сирин араас оройуоннарыгар биир кэмҥэ тоҕус социальнай эбийиэги астылар. Олор истэригэр…