СҮБЭҺИТ: Тымныыга сирэйбитин хайдах харыстанабыт?

Share

Кыһын киһи сирэйин тириитин уларытыан сөптөөх араас төрүөт баар. Тымныы салгын, дьиэ иһигэр кураанах салгын температурата, тыал, хаар киһи сирэйин тириитин буортулуур. Бу кэмҥэ киһи сирэйэ хатарар, хаҕыланар, кыһыйар, сүһүрэр, өҥө уларыйар.

Дерматокосметолог быраас Ольга Божок тыйыс тымныыларга киһи хайдах сирэйин ыраастаныахтааҕын, ханнык косметика туттуохтааҕын туһунан кэпсээтэ.

«Тыйыс тымныыларга киһи сирэйин тириитэ уларыйара күүһүрэр. Онон сирэйгин көрүнэ сылдьарга ураты сыһыаннаһар наадалаах», — диэн кэпсээтэ Ольга Божок.

Быраас сирэй суунар сириэстибэлэр сайыҥҥы кэмтэн уратылааҕын быһаарар. Бу кэмҥэ сирэй тириитин сэрэнэн суунар ирдэнэр. Кини этэринэн, туһаныллар сириэстибэ киһи тириитин ордук сымнатыахтаах.

«Кыһын устата киһи сирэйин тириитэ  ордук хатарар, хаҕыланар, кыһыйар. Онон сайыҥҥы кэмҥэ анаммыт косметиканан салгыы туһаннахха буортуну аҕалар. Ол түмүгэр киһи тириитэ хатарар уонна хаҕыланар», — диир дерматокосметолог. Исписэлиис тириини сымнатыыга ураты болҕомтону уурарга сүбэлиир. Кириэм киһи сирэйигэр хаалыа суохтаах — уулуссаҕа тахсар түгэҥҥэ сирэйин үлүйүөн сөп. Бу ордук гидрогиэллээх кириэмнэргэ сыһыаннаах. Маннык сириэстибэлэр сирэй тириитин бааһырыытын күүһүрдэрэ сабаҕаланар», — диир быраас.

Тымныы ыйдарга С битэмииннээх кириэм сирэйгин сырдатар, тириитин бөҕөргөтөр, коллагены улаатыннарар уонна тас дьайыылартан көмүскүүргэ көмөлөһөр. Ону таһынан бааһырыылаах тириини чөлүгэр түһэриигэ эмиэ кыах биэрэр. Ол курдук, сирэй өҥүн тупарсар, бааһырыылары эмтиир.

Сыалаах тириилээх дьоҥҥо кыһын өттүгэр туой састааптаах ыраастыыр мааскалары туһанары аҕыйатыахха наада. Нэдиэлэҕэ иккитэ эбэтэр үс төгүл көҥүллэнэр диэн быраас сүбэлиир. Ону кытта SPF -таах кириэмнэри туһанары кэрэйбэт ордук – кыһын устата ультрафиолет сардаҥаларын дьайыыта күүһүрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саахал тахсан түөрт киһи суорума суолланна

СӨ ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар суолга саахал тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Ол курдук, Бүлүү оройуонун Лөкөчөөн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Жатайдааҕы суудунаны тутар собуот эһиил үлэтин саҕалыаҕа

Жатайдааҕы суудунаны тутар собуот биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уруккута суох сүҥкэн улахан масштабтаах тутуунан буолар. Ирбэт тоҥноох…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Авиахампаанньалар оҕолорго чэпчэтиини оҥорон саҕалаатылар

“Аэрофлот”, “Уральские авиалинии” авиахампаанньалар тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйа иһинэн көтүүгэ оҕолорго, иккилэриттэн уон икки саастарыгар…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байконуртан космоска Саха сирэ уонна Бүлүү куорат гербэлэрдээх ракетаны ыыттылар

Бүгүн 16:45 мүнүүтэҕэ Байконур космодромуттан"Союз-2.1б" ракета-носители Сири тэйиччиттэн кэтээн көрөр космическай аппарааттаах ыыттылар. Ракета-носительга Саха…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суол алдьанар кэмигэр “Халыма” трассаҕа улахан массыыналар сырыылара хааччахтаныа

Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын сылы түмүктүүр кэллиэгийэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ суол-иис өттүгэр туох үлэ барбытын ырыттылар, түмүктэри…

6 часов ago