Улуу Сибиэрэп оруолун сунтаардар итэҕэйбиттэрэ.
СР үтүөлээх, РФ үтүөлээх, СӨ народнай артыыһа, Таатта улууһун уонна Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Дмитриевич Афанасьевы көрсөн кэпсэттим.
Кини С.А.Зверев аатынан үҥкүү национальнай тыйаатырыгар 45 сыл устата балет артыыһын быһыытынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитин тыйаатыры таптааччылар бары билэбит. Ааспыт сылга үбүлүөйдээх кэнсиэрэ үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Афанасий Дмитриевич норуот тапталлаах артыыһа буолар. Киһи быһыытынан майгыта да үчүгэй, бар дьонун кытары мэлдьи эйэҕэстик кэпсэтэр, биир тылынан эттэххэ — норуот киһитэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуохай айар сойууһун саамай көхтөөх чилиэнэ. Уонтан тахса сылы быһа Туймаада Үс Хатыҥ ыһыаҕар дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиир. Үҥкүү тылын этээччи тылын-өһүн, хоһуйарын таһынан, төһө үчүгэй тэтимнээхтик туттан-хаптан түһүлгэни тутарын сыаналыыр ураты киһибит. Үҥкүү тэтимин тутууга өрүү сүбэ-ама буолар.
2025 сылга саха норуотун чулуу ырыаһыта, оһуохайдьыта, тойуксута, саха үҥкүүтүн айан хаалларбыт Сергей Афанасьевич Зверев — Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн көрүстүм. Улуу Сибиэрэп 115 сыллаах үбүлүөйүгэр Сунтаар ыһыаҕар ыҥырыллан тиийэн, Сергей Афанасьевич оруолун толорбута. Урукку өттүгэр ханнык да артыыска ити оруолу итэҕэйэн толотторботохторо. Онон ити үбүлүөйдээх ыһыах оруолун хайдах ылыммытын туһунан Афанасий Дмитриевич аһыллан туран маннык сэһэргээтэ:
—Мин тыйаатырга оҕолору үҥкүүгэ үөрэтэ сырыттахпына, дириэктэр ыҥыттарар диэтилэр. Киирбитим дириэктэрим А.И.Алексеев Сунтаар улууһун култуура5а управлениетын начаалынньыга Мария Афанасьевна Тараяровалыын сэһэргэһэ олороллор эбит. Мария Афанасьевна улууһун үбүлүөйдээх ыһыаҕар тэрээһиннэрин кэпсээтэ. «Ыһыах сценариһа Сайа уонна режиссера Галина Самойлова Сибиэрэп оруолугар эйигин толкуйдаабыттар. Сөбүлэһиэҥ этэ дуо», — диэтэ. Мин дыраама артыыһа буолбатах киһи соһуйдум, онон тутатына эппиэт биэрбэтим. Эн дьүһүҥҥүнэн барсыаххын сөп диэн эбэн эттэ. Дьэ, ити курдук толкуйга түһэ сылдьан, саха тыйаатырыгар народнай артыыс Анна Кузьмина испэктээгэр үҥкүү туруорар буолан, тиийэ сылдьан сунтаардар этиилэрин кэпсээтим. «Афанасий, төрүт аккаастаныма. Артыыска оруол биэрии, ыҥырыы дьол буоллаҕа», — диэн сүбэ тылларыттан санаам олус көтөҕүллүбүтэ. Ити кэнниттэн иккистээн көрсүһүүгэ Мария Афанасьевнаҕа сөбүлэҥмин биэрэн, Сунтаарга үбүлүөйдээх ыһыахха биир ый иннинэ тиийбитим. Сергей Афанасьевич 115 сыллаах үбүлүөйүгэр сунтаардар тэриммиттэр ахан этэ. Миигин СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр Тойуктаах Маарыйаҕа түһэрбиттэрэ. Мария Ивановна Сергей Афанасьевичтыын алтыспыт буолан, сүбэ-ама бөҕө буолбута. Сибиэрэп аатынан түмэлгэ сырытыннарбыттара. Аны Сибиэрэп 1957 сыллаахха Москваҕа ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр кыттыбыт таҥаһын үтүгүннэрэн тигэр түөрт иистэнньэҥи сыһыарбыттара. Сарсыарда ахсын массыынанан ыһыах түһүлгэтигэр киирэн бэлэмнэнии бөҕөтө буолар. Көстүүм санаа хоту табыллан, иистэнньэҥнэр үөрүү бөҕөлөрө. Афанасий хаппырыыһа суох, үтүө киһи эбиккин диэн махтаныы бөҕөтө. Ыгыаттаттан түмэлтэн тииҥ кутуругуттан моойторугу киллэрдилэр. Күүтүүлээх ыһыахпыт күнэ үүннэ! Мин долгуйуу бөҕөтө. Киин трибунаттан тэйиччи соҕус ойуур саҕатыгар ассистент олорор. Аттыбар үҥкүүлүүр оҕолор элбэхтэр, бары уу-чуумпулар, төрүт аймамматтар. Ассистент мин уочаратым кэлбитигэр киин трибунаҕа таҕыстым. Ырыа Ылдьаа миигин, ол аата Сибиэрэби алҕаата, улуу Москубаҕа саргылаахтык сылдьан кэлэрбэр алгыс тылын тириэртэ. Мин тахсан бар дьон иннигэр бокулуоннаатым, ытык киһи туойарын курдук туттан турдум. Арай, халлаан диэки көрдөхпүнэ, былыт сыҕарыйан, күп-күөх, ып-ыраас, күммүт кылбайан ахан турар. Үөһээ элиэ көтөн ааһарын көрдүм. Инники эрээккэ Сибиэрэп үөрэнээччилэрэ олороллор этэ, үөрүү бөҕөлөрө, ытыс тыаһа өрө хабыллан олорор. Ыһыах аһыллыыта бүппүтүн кэнниттэн дьон бөҕөтө кэлэн хаартыскаҕа түһүспүттэрэ. Дьон Сибиэрэп курдук ылыммыт этэ. Махтаныы, эҕэрдэ бөҕөтө. Сибиэрэп кыыһа Вера Сергеевна аҕам оруолун сөпкө туттан көрдөрдүҥ диэн махтаммыта. Уола Төгүл Сергеевич тугут тириитин биэриэҕим, онон көстүүмнэ тиктэрээр диэбитэ.
Күһүн уоппускам кэнниттэн үлэбэр тахсыбыппар, кадр отделыттан Вера Черноградская РФ үтүөлээх артыыһа буллуҥ диэбитэ. Улуу Сибиэрэп миигин арчылаабыт, оруолун толорбуппун ылыммыт эбит дии саныыбын. Ийэм М.А.Собакина 1957 сыллаахха Москваҕа Лука Турнин бөлөҕөр хомусчут быһыытынан кыттыбыта. Онно Сибиэрэби кытаанах киһи эбит диэн көрбүт этэ.
Ити үбүлүөйдээх ыһыах кэнниттэн Оһуохай уопсастыбата Александр Джурович Данилов салалтатынан Москва куорат күнүгэр кыттыбыттара. Онно мин эмиэ кыттыһан, Сибиэрэп оруолунан Оһуохай тэрээһинин арыллыытыгар кыттыбытым.
2025 сылга Сергей Афанасьевич Зверев 125 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕар барыахпын баҕарабын. Түгэнинэн туһанан уон сыл анараа өттүгэр сунтаардар үбүлүөйдээх ыһыахтарыгар кыттыбыппынан олус киэн туттабын, махтанабын диэн этэбин. Үбүлүөйдээх сылга уһаарыллан тахсыбыт тыйаатырым саҥа дьиэлэнэригэр баҕарабын. Артыыс быһыытынан элбэҕи ситиспиппэр үлэлээбит тыйаатырбар, дириэктэрбэр А.И.Алексеевка, С.П.Бессоноваҕа махтанабын.
Марта Николаева
Хаартыскалар: «Айар кут» хампаанньа, Николай Барашков, Мичил Яковлев түһэриилэрэ
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…