С вирустаах гепатит диэн тугуй?
Быйылгыттан ыла “СПИД-Кииҥҥэ” гепатиттаах ыарыһахтарга күнүскү стационар үлэтэ сөргүтүлүннэ. Саха сиригэр ааспат-арахпат (хроническай) гепатиттаах 14 тыһыынчаттан тахса киһи баар. Кинилэртэн 6000 ордуга – В, 7000 кэриҥэ – С уонна 1300 киһи — D гепатиттаахтар. Гепатит бу көрүҥэ кылгас кэм иһигэр бэл, эдэр дьону циррозка тиэрдиэн сөп. Өрөспүүбүлүкэҕэ вирустаах гепатиттан үөскээбит быар цирроһа уонна араага элбэхтик көстөр.
Гепатит уонна бу ыарыы туох кутталлааҕын туһунан “СПИД-Киин” инфекционист-бырааһа Вера Ивановна Захарова кэпсээтэ.
С гепатит диэн тугуй?
Гепатит – араас төрүөтүнэн быар сүһүрэр ыарыыта. Гепатит көрүҥүн кини төрүөттэринэн (вирус, бактыарыйа, токсическай, аутоиммуннай, удьуорунан уо.д.а) араараллар. Гепатикка тириэрдэр элбэх вирус баар. Онтон биһиги С вирустаах гепатит (ВГС/HCV) туһунан кэпсэтиэхпит.
Арассыйаҕа В уонна С гепатиттар социальнай суолталаах уонна тулалыыр дьоҥҥо кутталы үөскэтэр ыарыылар ахсааннарыгар киллэриллэллэр. С гепатит уратытынан кини ханнык да сибикитэ суоҕа буолар, ол ыарыыны бириэмэтигэр булууну уустугурдар. Дьиҥэр ыарыыны саҥа үөскээн эрдэҕинэ, быар улаханнык эмсэҕэлии илигинэ быһаарар улахан суолталаах. Билигин С гепатиты атын содулга тириэрдибэккэ үтүөрдэр уонна вируһу утары охсуһар саҥа туһалаах препараттар баар буоллулар.
Быар суолталаах пуунсуйалара
Быар пуунсуйалара элбэх -– быар биэссэстибэлэр атастаһыыларыгар, куртахха ас буһарыгар, хаан эргииригэр кыттар. Ол гынан баран, биһиги сорох эрэ пуунсуйаларын санатабыт:
1.Оһоххо тобохтору уматыахха сөбүн курдук, быар эмиэ токсическай биэссэстибэлэри ыраастыыр уонна организмҥа киирэри барытын кэриэтэ уларытан оҥорор. Быарга буортулаах биэссэстибэлэр хаалбаттар -– олор буруо оһох турбатыгар барарын курдук, «көтөн тахсаллар».
2. Оһох дьиэни сылытарын курдук, быар эмиэ организмҥа уоҕу-күүһү биэрэр, гликогены хаһаанар.
3.Оһоххо ас астыахха сөбүн курдук, быар саҥа биэссэстибэлэри үөскэтэр:
-сыаны «буһарар» наадалаах үөһү;
-тымырдарга ууну тутар альбумины;
-фибриногены уонна хаан сүүрэрин бэрээдэктиир атын биэссэстибэлэри;
4. Оһох сылааһы тутарын курдук, быар битээмииннэри, железаны уонна организмҥа наадалаах атын да биэссэстибэлэри хааччынар.
С гепатит вируһа быары хайдах кэбирэтэрий? Ол тугунан түмүктэниэн сөбүй?
Хааҥҥа киирбит С гепатит вируһа быар килиэккэтигэр -– гепатоцидка киирэр. Килиэккэ вирустары оҥорор «фабриканан» буолан барар, «туспа-туора бэлиэ» үөскүүр. Саҥа вирустар вирус ферменнэрин көмөтүнэн үөскүүллэр. Иммуннай систиэмэ килиэккэлэрэ сутуллубут килиэккэлэри булаллар, ону алдьаталлар уонна вирустары өлөрөллөр. Быар чөлүгэр түһэр кыахтааҕынан, үлтүрүйбүт гепатоциттар сыыйа-баайа саҥанан солбуллаллар. Ол гынан баран, вирус олус актыыбынай буоллаҕына уонна килиэккэлэргэ атын вирустар, токсическай биэссэстибэлэр (арыгы, наркотиктар, эмтэр) дьайар буоллахтарына, организм гепатоциттары ситэри оҥоро охсубат. Ити фиброз диэн ааттанар, эмтэниллэр. Оттон фиброз олохсуйан хаалбыт түбэлтэтигэр быар цирроһа сайдан барыан сөп (ыарахан ыарыы).
Вируска хайдах сысталларый?
С гепатит вируһугар сыстыы сүрүн төрүөтэ -– хаан нөҥүө. Ол эбэтэр мэдиссиинэ уонна косметика (пирсинг, татуировка) өҥөлөрүн кэмигэр стерильнэйэ суох үнүстүрүмүөннэри туттууттан;
-Эр киһи уонна дьахтар сылдьыһыытыттан;
-Олоххо-дьаһахха сутуллубут хааны кытта хантаактаһыыттан. Холобур, бытык хорунары, маникюр тэриллэрин, тиис суоккатын бииргэ туһаныыттан уонна вируһу илдьэ сылдьар киһи хааныттан сыстыыттан (туохха эрэ эчэйии, хайыта быһыы, ытырыы, дьуккуруйуу нөҥүө уо.д.а). С гепатит салгынынан: кэпсэтэргэ, ытырдарга, сыраантан, куустуһарга, илии тутуһарга, уопсай иһити, аһылыгы, утахтары туттууга бэриллибэт.
С гепатиттан сэрэтии
Билигин С гепатиттан быһыы (вакцина) суох, ол гынан баран билим чинчийиилэрэ ыытыллаллар.
С гепатиттан харыстанарга үөһээ этиллибиттэри тутуһуохха наада. Стерильнэйэ суох үнүстүрүмүөннэринэн туттуллубат, эр киһи уонна дьахтар сылдьыһыытыгар презервативтаныллар, тус гигиенаны тутуһуллар.
Оҕолонорго былааннанар дьахталлар оҕо үөскүөн сыл аҥаарын инниттэн букатыннаахтык үтүөрэллэрэ ордук. Ону таһынан С гепатиттаах киһи атын гепатиттартан сэрэниэхтээх — В гепатиттан үс төгүл уонна А гепатиттан икки төгүл быһыыны ылан.
Гепатит баарын хайдах билиэххэ?
Үгүс дьон гепатит сибикилэрин була сатыыллар. Суолталаах сибикинэн саһарар ыарыы буолуон сөп. Ол гынан баран, тирии уонна харах мэлдьи саһарар буолбатаҕын өйдүөххэ наада. Гепатит сибикитинэн сэниэ эстиитэ, сылайыы, аҕынньы төллүүтэ, аһыыр баҕа сүтүүтэ, уо.д.а. буолуохтарын сөп. Гепатит үгүс түбэлтэтигэр ханнык да сибики суох буолуон сөп. Арай, лаборатория чинчийиилэрэ эрэ гепатит баарын-суоҕун быһаараллар. Үксүгэр ити чинчийиилэртэн эрэ гепатит баарын билэллэр. Онон, сылга биирдэ скрининг-анаалыһын туттарга сүбэлиибит. Арассыыйаҕа скрининг ньыматынан ИФА (иммуноферментнай анаалыс) буолар, анаалыс көмөтүнэн С гепатит вируһугар антителалары быһаараллар.
«СПИД-Киин» пресс-сулууспатын матырыйаалынан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: