S7 авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэттэри атыыга таһаарда
Ахсынньы 17 күнүгэр «Аэрофлот», «Якутия» авиахампаанньалар субсидиялаах билиэттэри атыыга таһаарбыттара. S7 хампаанньа бүгүн 2025 сылга субсидиялаах билиэттэри эмиэ атыыга таһаарда. Чэпчэтиилээх билиэттэринэн Москваҕа, Санкт-Петербурга, Владивостокка көтүөххэ сөп.
S7 Airlines авиахампаанньа 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри көтөр бэйэтин рейстэригэр субсидиялаах билиэттэри ылыахха сөп.
Кимнээх субсидиялаах билиэти ылар кыахтаахтарый?
23 саастарын туола илик ыччакка, биэнсийэлээхтэргэ (дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыттан), элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр, 1 группалаах инбэлииттэр уонна инбэлиит оҕолору арыаллааччылар, 2,3 группалаах оҕо эрдэхтэриттэн инбэлиит дьон. Субсидия судаарыстыбаттан үбүлэнэр.
Саха сириттэн ханнык хайысханан көтүөххэ сөбүй?
Дьокуускайтан — Владивостокка, Москваҕа, Иркутскайга, Новосибирскайга, Санкт-Петербурга, Сочига.
Нерюнгриттан Иркутскайга, Красноярскайга, Москваҕа, Новосибирскайга.
Мииринэйтэн Екатеринбурга, Новосибирскайга, Санкт-Петербурга, Сочига.
Нерюнгриттан Иркутскайга, Красноярскайга, Москваҕа, Новосибирскайга.
Маны тэҥэ, Уһук Илин олохтоохторугар эмиэ чэпчэтии көрүллэр. Бу чэпчэтиинэн Уһук Илин эрэгийиэннэрин олохоохторо саастарыттан тутулуга суох, туһаныахтарын сөп.
Мииринэйтэн Москваҕа, Санкт-Петербурга.
Нерюнгриттэн — Москваҕа.
Дьокуускайтан — Москваҕа, Санкт-Петербурга, Владивостокка, Иркутскайга.
Холобур, Дьокуускайтан Москваҕа диэри билиэт сыаната — 9200 солкуобай, Владивостокка диэри — 6300 солкуобай, Иркутскайга диэри — 2500 солкуобай. Чэпчэтиилээх билиэттэр аҕыйах күнүнэн бүтэн хаалар идэлээхтэр, онон тиэтэйиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: