S7 хампаанньа 50% чэпчэтиилээх билиэттэри атыылыыр

Share

Балаҕан ыйын 10, 11, 12, 13 күннэригэр S7 авиахампаанньа билиэттэргэ 50%-ҥа диэри чэпчэтиилэри оҥорор. Аахсыйа балаҕан ыйын 13 күнүн 23:59 мүнүүтэтигэр (Москва бириэмэтинэн) диэри буолуоҕа.

Чэпчэтиилээх билиэтинэн балаҕан ыйын 16 күнүттэн номнуо көтүөххэ сөп. Чэпчэтии барар-кэлэр билиэттэри ыллахха эрэ, оҥоһуллар. Атын аахсыйаларга эбиллибэт. Чэпчэтии кээмэйэ көтүү хайысхатыттан уонна даататыттан тутулуктаах. Мунньуллубут миляны туһаныахха сөп.

Авиахампаанньа маннык аахсыйалары сылга биирдэ-иккитэ эрэ оҥорор. Өйдөөх дьон, уопуттаах айанньыттар ону бэркэ билэллэр, кэтэһэн олорон, сыллааҕы айаннарын билиэтин, хастыы да хайысханан атыылаһаллар. Үксүгэр Саҥа дьыллааҕы айаннарын билиэтин хаһааналлар. Дьиэ кэргэнинэн айаҥҥа олус барыстаах буолар. Биллэн турар, эрдэ ылбыт дьон өссө барыһыраллар.

Холобур, Дьокуускай-Иркутскай-Дьокуускай хайысханан билиэттэри кэлэ-бара 4900 солкуобайга атыыласпыттара. Биир блогер: «Иркутскайга «Руки вверх» бөлөх кэнсиэрэ буолар, оҕо сааһым тапталлаах бөлөҕүн кэнсиэригэр билиэт ыллым, өрөбүллэрбэр баран, аралдьыйан кэлиэм», — диэн кэпсээбитэ. Дьэ, чахчы, маннык чэпчэки билиэтинэн аҕыйах күҥҥэ, сайыны уһата таарыйа, эбэтэр, көмүс күһүнү көрсө күүлэйдии баран кэлиэххэ сөп.

Дьокуускай-Москва хайысханан билиэттэр 8-9 тыһыынча солкуобайга атыыламмыттара. Холобур, S7 авиахампаанньа сыһыарыытыгар киирэн көрдөхпүнэ, биир барыыга 10 тыһыынчалаах билиэттэр бааллар эбит. Чэпчэтиитэ суох билиэттэр 22 тыһыынча солкуобайтан саҕаланаллар.

Дьокуускай-Пекин хайысханан билиэттэр бааллар: алтынньы 28 күнүгэр Новосибирскайга түһэн ааһар билиэт сыаната — 27 тыһыынча солкуобай.

Бу аахсыйа биир ирдэбиллээх: чэпчэтиилээх билиэттэри S7 авиахампаанньа мобильнай сыһыарыытыгар киирэн, Т-Баан (уруккута «Тинькоф») каартатынан эрэ атыылаһыахха сөп.

Билигин да бириэмэ баар, киирэн атыылаһыҥ. Бэйэҕитигэр Т-Баан каартата суох буоллаҕына, оннук каарталаах дьону көрдөөҥ. Кинилэр ылан биэриэхтэрин сөп. Ылан биэрэргэ интэриэстээхтэр, тоҕо диэтэр, кинилэргэ миля чэпчэтиитэ эбиллэр.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэргэ 3,5 мөл.солк. албыннаппыт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр икки буруйу оҥоруу буолбутун СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэргэ 3,5…

9 минут ago
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Сүрүн

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа олохтоохторугар туһаайан этии оҥордо

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа олохтоохторугар туһаайан этии оҥордо.  Кини РФ-га американскай уонна британскай ыраахха…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Саха быһаҕа байыаһы өлүүттэн быыһаабыт

Саха быһаҕа байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саха байыаһын өлөр өлүүттэн быыһаабытын туһунан видеоны "Военкоры Якутии"…

45 минут ago
  • Бэрээдэк

Кыргызстантан төрүттээх киһи сымыйа дааннайдараах РФ пааспарын илдьэ сылдьыбыта билиннэ

СӨ ИДьМ үлэһиттэрэ Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх 41 саастаах киһи сымыйа дааннайдардаах РФ пааспарын илдьэ сылдьарын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр

Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…

3 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 22-29 күннэрэ)

ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруо­руммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…

3 часа ago