Салгыы
Саа тыаһа сатараатаҕына…

Саа тыаһа сатараатаҕына…

13.10.2024, 09:00
Хаартыска: СИА архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Дьэ быһылаан батыстаҕына батыһа сылдьар эбит диэххэ айылаах. Бу күннэргэ оҕо сааҕа дэҥнэммит икки түбэлтэтэ таҕыста.

Саа иитиилээх буолан биэрбит

Алтынньы 5 күнүгэр Хаҥалас улууһун биир сэлиэн­ньэтигэр саа тыаһа сатараабыта. 16 саастаах уол оҕо 14 саастаах уолу төбөҕө табан, тыла суох ыыппыт. Силиэстийэлиир кэмитиэт иһитиннэрбитинэн, уол саа уоһун үөһэ чолос гыннараат, күрүчүөгүн баттаан кэбиспит. Дэҥ тахсыах быатыгар, саа иитиилээх буолан биэрбит.

Алтынньы 6 күнүгэр Дьокуускай кыбар­таалыгар баар чааһынай дьиэ­ҕэ 12 саастаах оҕо пневматическай саа буулдьатыттан дэҥнэнэн, балыыһаҕа киирдэ. Эмиэ биир саастыылааҕа ыппыт. Бастакы барыллаан иһитиннэриинэн, буулдьа оҕо хаҥас өттүгүн таарыйбыт. Оҕону Мэдиссиинискэй кииҥҥэ киллэрдилэр.

“Пневматическай сааны бэйэтин саастыылааҕа сэрэҕэ суох туттубутун түмүгэр оҕо эчэйдэ. Бастакы барыллаан иһитиннэриинэн, оҕо хаҥас өттүгэ ытыллыбыт. Оҕо доруо­буйатыгар эчэйии оҥоһуллубутунан бэрэбиэркэ тэрилиннэ. Саа-сэп туһунан сокуо­ну тутуһууну, ол иһигэр сөпкө харайан уурууну,  саа-сэп атыытын хонтуруоллааһыны, харайан уурууну кэспит дьону булан ылыыга, о.д.а. боппуруос­тарынан бэрэбиэркэ ыытыллыаҕа”, – диэтилэр борокуратуураҕа.

Билигин бу түбэлтэлэринэн силиэстийэ барар, төрүөттэрэ чуолкайдана тураллар. Бастакы быһылааҥҥа “Сэрэҕэ суох туттууттан киһини өлөрүү” ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Тоҕо маннык түбэлтэ тахса турарый? Атырдьах ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар уол оҕо пневматическай саанан ытабын диэн, буулдьата тимир буочукаттан эһиллэн, аттыгар турбут балтын искэ таарыйбыта.

Эмиэ бу сайын Хаҥалас Кытыл Дьураатыгар 13 саастаах уол доруоп саанан ытан, икки уолу атахтарын дэҥнээбитэ. Аҕата бултаан кэлэн баран, саатын сиэйпэҕэ уурбатах.

Туох уларыйда?

Саха сиригэр олус элбэх саа чааһынай киһи илиитигэр баар. Биир өттүнэн аар тайҕалыын күннэтэ кэриэтэ алтыһар булчут-балыксыт дьон саата-сэбэ суох син биир табыллыбаттар. Иккис өттүнэн саа сиэйпэҕэ хатанан да турдар, тоҕо эрэ бу быйылгы быһылааннар курдук хомолтолоох түгэннэр тахса тураллар. Урут биһиги оҕо эрдэхпитинэ туох да сиэйпэ үөдэн суоҕар, саа орон үрдүгэр истиэнэҕэ ыйанан турар буолааччы. Аҕалар уолаттарын ойуурга батыһыннара сылдьан бултуурга, саанан ытарга үөрэтэллэрэ. Онон уол оҕо кыра эрдэҕиттэн саа булка эрэ туттулларын, оонньуур буолбатаҕын бэркэ диэн билэн улаа­тара. Биллэн турар, мэник, киһиргэс оҕолор оччолорго да ханна барыахтарай, онон хам-түм син биир сааттан эчэйии­лээх түбэлтэлэр тахсаллара.

Билигин саа сиэйпэҕэ хатанар, оҕо хараҕар көстүбэт, бобуулаах. Оттон “бобуу­лаах ас быдан минньигэс” диэн баар, онон саа сиэйпэҕэ хатанар быраабылата киирбит буол­лаҕына, күлүүһэ оҕо көрөр сиригэр сытыа суохтаах.

Былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээн көрдөххө

Өрөспүүбүлүкэҕэ регис­трацияламмыт саалаах дьону кытта Саха сиринээҕи Росгвардия управлениета үлэлэһэр. Быйылгы 2024 сыл Саха сиринээҕи Росгвардия управлениетын дааннайдарын ылан көрдөххө:

– регистрацияламмыт саалаах 72000-тан тахса киһи баар. Бу сыл саҕаланыаҕыттан Росгвардия уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар дьон сааларын хайдах уура сылдьалларыгар 20108 бэрэбиэркэни оҥордулар.

– Сааны-сэби туттуу сокуо­нун (оборот оружия) кэспиттэрин иһин 1615 административнай боротокуол (былырыын бу кэмҥэ – 2198) оҥоһулунна. 771 тыһ. солк. суумалаах административнай ыстараап оҥоһулунна, 2924 саа-сэп (былырыын бу кэмҥэ – 3074), 20409 устуука ботуруон (былырыын бу кэмҥэ  – 49435) былдьанна.

Булт кэмигэр

Сааны-сэби кытта ситимнээх хомолтолоох түгэннэр, сүрүннээн, булка тахсаллар. Ол иһин Росгвардия быраа­бы араҥаччылыыр уорганнары кытта 6 сэрэтэр тэрээһини оҥордо, ол эбэтэр олорор сирдэринэн кэрийэ сылдьан саа хаһаайыннарын бэрэбиэркэлээтилэр. Өлүөнэ өрүһүнэн, ураты харыстанар сирдэринэн эриэйдэлэри ыыттылар. Бу тэрээһиннэр түмүктэринэн 8931 саа хаһаайына бэрэбиэркэлэннэ, 309 административнай сокуону кэһиигэ олоҕуран, 752 саа-сэп былдьанна, ону тэҥэ дьон бэйэлэрэ 123 сааны туттардылар. Сонуннары иһитиннэрии-биллэрии нөҥүө үлэ киэҥник  барарынан, быйыл сааны уоруу тахса илик, былырыын баччаларга үс түбэлтэ баара.

Сааны бэйэҥ туттарарыҥ барыстаах

Билигин сааны бэйэҥ аҕалан туттардаххына, харчынан наҕараада ылаҕын. Буруйу эһиини сэрэтэр сыаллаах бырагыраама буолар. Быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн манна 6 мөл. солк. көрүллүбүт. Сыл саҕаланыаҕыттан СӨ Юстицияҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр уопсай суумата 2848000 солк. 477 регистрацияламмыт сааны туттарыы туһунан 378 матырыйаал ыытыллыбыт. Оттон Саха сиринээҕи ИДьМ-ҥа харчынан наҕараадалыырга диэн 72 000 суумалаах 12 сааны туттарбыттарын туһунан 11 матырыйаал киирбит.

Саха сиринээҕи Росгвардия управлениета сэрэтэр:

Болдьоҕу тутуһуҥ

Биир тарҕаммыт сокуону кэһиинэн саа хаһаайыннара сааларын хаттаан регистрациялатар болдьохторун тутуспаттара буолар. Билигин Судаарыстыбаннай өҥө порталынан үгүс киһи онно хаттаан регистрациялатар, ол курдук 50234 сайабылыанньа киирбититтэн 4932-һэ электроннай көрүҥүнэн киирбит.

Холобур, быйылгы сылга 72 киһи саатын болдьоҕун хат­таан регистрациялаппатах, оччоҕо ис дьыала уорганнарыгар бу киһини булуҥ диэн сорудах барар. Уопсайынан, лиссиэнси­йэ-көҥүл биэрэр подразделение (ЛРР) үлэһиттэрэ 285 киһи 416 бас билэр сааларыгар ирдэбил түһэрдилэр.

Арыгылыыр булгуччу бобуулаах

Бүгүҥҥү күннээххэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар регис­трациялаах сааны туттан, 17 буруйу оҥоруу тахсыбыт.  Төһө да бу дьон лиссиэнсийэ-көҥүл биэрэр подразделение иниспиэктэрдэрин бэрэбиэркэтин ааспыттарын, сааны харайан уурууга тугу да кэспэтэхтэрин иһин, хомойуох иһин, бу саанан буруйу оҥоруу тахсыбыт. Үгүс түбэлтэ арыгылааһын түмүгэр тахсар, онон холуочук-итирик туруктаах сааны илиигэ ылар булгуччу  бобуулаах.

Пневматическай саа туох уратылааҕый?

Сорохтор пневматическай сааны оонньуур сааҕа тэҥнииллэр. Ол гынан баран, тахсыбыт түбэлтэлэртэн көрдөххө, оннук айылаах оонньуур сааҕа маарыннаабат эбит. Бу саа буулдьата киһи тириитин хайытарын ааһан, ис уоргаҥҥар аҕыйах сантиметр өтөн киириэн сөп.

Пневматическай саалары  төһө күүскэ тэбэриттэн көрөн, үс сүрүн көрүҥҥэ араараллар:

3 Дж диэри кыахтаах пневматика – бу, кырдьык, оонньуурга тэҥнэһиэн сөп.

3-7,5 Дж кыахтаах пневматиканы сыалы табарга, көччүргээн ыта оонньуурга туһаналлар.

7,5-тэн 25 Дж кыахтаах пневматиканы булка уонна спортивнай ытыы күрэхтэһиилэригэр тутталлар.

Бу 7,5-тэн 25 Дж кыахтаах пневматикаҕа булт билиэтэ, лиссиэнсийэ уонна харайан ууруу ирдэнэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: