Сааскы халаан кэнниттэн үс улуус ууттан босхолонно

Share

Арассыыйа ЫБММ сүрүн управлениетын Саха сиринээҕи ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын киинэ иһитиннэрэринэн, бэнидиэнньик киэһэ, ыам ыйын 20 күнүгэр, Өлүөхүмэ, Ньурба, Үөһээ Халыма улуустарыгар уу таһыма түстэ. Зырянкатааҕы аэропорт көтөр балаһата эмиэ ууттан босхолонно, куурбутун кэннэ бөһүөлэги кытта авиа сырыы сөргүтүллүөҕэ.  

Уу таһыма түһэн, Дьокуускай Даркылаах түөлбэтигэр турбут уу барда, Кангаласс нэһилиэнньэлээх пуунугар билиҥҥи туругунан 8 олорор уһаайба ууттан босхолонно.

Нам улууһугар уу таһыма салгыы түһэр, Үөдэй сэлиэнньэтин түөрт тэлгэһэтиттэн уу барда.

Санатан эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быйыл ыам ыйын 11-19 күннэригэр Өлүөхүмэ, Ньурба, Үөһээ Халыма, Нам уонна Дьокуускай куорат уокуругун 27 нэһилиэнньэлээх пууна ууга былдьаммыта.

Ил Дархан Айсен Николаев уустук халаанынан сибээстээн, кэккэ улуустарга эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрэр туһунан Ыйаахха илии  баттаабыта.

Ыйаахха олоҕуран эрэгийиэҥҥэ нэһилиэнньэлээх пууннары уонна экэниэмикэ эбийиэктэрин, дьон олоҕун хааччыйар, ууттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо социальнай уонна матырыйаалынай көмөнү оҥорор үлэ көхтөөхтүк барар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Уустар түһүлгэлэрэ аһылынна

Нерюнгрига Олоҥхо ыһыаҕа ыытылла турар, саҥа тутуллубут  "Амикан'' этнокомплекска Уустар түһүлгэлэрин аһыллыыта буолла. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин…

9 минут ago
  • Сонуннар

Кэрэ кыыстыын киинэ көрүөм диэбитэ

Онлайн-платформаҕа киирэн, киинэ көрөбүн диэн түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэриэххэ сөп эбит. Саҥа ньыма «Антикино» диэн…

14 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Айылгы” туосчуттар түмсүүлэрэ 21 миэтэрэ уһуннаах туос киэргэтиилээх саламаны оҥордулар

Манчаары оонньуулара буолара биэс хонук хаалбыт күнүгэр, Булуҥ сэлиэнньэтин олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чурапчылар Нерюнгрига сылгы үөрүн тиэйэн аҕаллылар

Нерюнгрига быйыл 18-с сылын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Чурапчыттан 120-н тахса киһилээх улахан дэлэгээссийэ кыттыыны ыла…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕар олорор, сылдьар усулуобуйа хайдаҕый?

Бу күннэргэ Нерюнгри куоракка ыраахтан-чугастан дьон-сэргэ тоҕуоруста. Олоҥхо ыһыаҕар олорор, сылдьар усулуобуйа хайдаҕый? ''Амикан'' этнокомплекс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

“Туймаада” өй-билии олимпиадата аһылынна

Бүгүн, от ыйын 3 күнүгэр, Эркээни ытык хочотугар Билим аччыгый академиятын дьиэтигэр XXXII Норуоттар икки…

2 часа ago