Николай Портнягин хаартыскаҕа түһэриитэ
Арассыыйа ЫБММ сүрүн управлениетын Саха сиринээҕи ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын киинэ иһитиннэрэринэн, бэнидиэнньик киэһэ, ыам ыйын 20 күнүгэр, Өлүөхүмэ, Ньурба, Үөһээ Халыма улуустарыгар уу таһыма түстэ. Зырянкатааҕы аэропорт көтөр балаһата эмиэ ууттан босхолонно, куурбутун кэннэ бөһүөлэги кытта авиа сырыы сөргүтүллүөҕэ.
Уу таһыма түһэн, Дьокуускай Даркылаах түөлбэтигэр турбут уу барда, Кангаласс нэһилиэнньэлээх пуунугар билиҥҥи туругунан 8 олорор уһаайба ууттан босхолонно.
Нам улууһугар уу таһыма салгыы түһэр, Үөдэй сэлиэнньэтин түөрт тэлгэһэтиттэн уу барда.
Санатан эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быйыл ыам ыйын 11-19 күннэригэр Өлүөхүмэ, Ньурба, Үөһээ Халыма, Нам уонна Дьокуускай куорат уокуругун 27 нэһилиэнньэлээх пууна ууга былдьаммыта.
Ил Дархан Айсен Николаев уустук халаанынан сибээстээн, кэккэ улуустарга эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаабыта.
Ыйаахха олоҕуран эрэгийиэҥҥэ нэһилиэнньэлээх пууннары уонна экэниэмикэ эбийиэктэрин, дьон олоҕун хааччыйар, ууттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо социальнай уонна матырыйаалынай көмөнү оҥорор үлэ көхтөөхтүк барар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Кэбээйи улууһун суутун уурааҕынан оройуон биир нэһилиэгин олохтоохторо РФ Холуобунай кодексатын 166 ыстатыйатын 2 чааһын…
Бүгүн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров М.К. Аммосов аатынан ХИФУ үөрэтэр научнай киинин…
Билигин үгүс киһи чугас дьоммутугар Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит диэн толкуйдаах сылдьар буолуохтаах. Саҥа дьылга…
СӨ Үп министиэристибэтин кэлэктиибэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин, «Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» бырагыраама кыттыылааҕын, билигин…
"Саҕынньахтаах селедка" салааты Саҥа дьылга сөбүлээн оҥоробут. Ол эрээри, бу салааты атыннык эмиэ оҥоруохха сөп…
Ырыаһыт Виталий Очиров хатыыс хабаҕынан туһаныы туһунан видеота социальнай ситимнэринэн тарҕанна.