Саадаҕын үстэ курдаммыт «Буойун» байыас
Соторутааҕыта саха уола бааһыран баран уон күн устата өстөөх баһыйар күүһүн утары соҕотоҕун охсуспутун туһунан социальнай ситиминэн тарҕаммыта.
Кини батальона миномет, артиллерия, дроннар снарядтарын атаакаларыгар түбэспит. «Буойун» соҕотоҕун тыыннаах ордон баран өстөөх хас даҕаны кимэн киириитин төттөрү охсубут. Ити сырыыга кини үһүстээн ураты хорсун быһыыны көрдөрбүт, үсүһүн ыараханнык бааһырбыт. «Уол оҕо саадаҕын үстэ курданар» диэн бэргэн этии баар. Байыас билигин Ростов аттынааҕы госпитальга баар, салгыы эпэрээссийэҕэ атын госпитальга айанныахтаах.
Сөҕүөххүт иһин, күүстээх, хорсун санаалаах «Буойун» үстэ наҕараадаҕа түһэриллибит эбит даҕаны… 2022 сыллаахха ахсынньы 11 күнүгэр бастакы кимэн киирии кэмигэр ураты хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин наҕараадаҕа түһэриллибит, ол эрээри сержаннар, хамандыырдар өлөннөр, салгыы туруорсуллубатах. Ол кэннэ Бахмуту ылыыга эмиэ хорсун буойун бойобуой сырыытын сыаналаан рота хамандыыра наҕараадаҕа түһэрбит, ол эрээри иккиһин кимэн киириигэ өлөн хаалан, эмиэ сатамматах. Мин саныахпар, өрөспүүбүлүкэ салалтата, дьокутааттар, байыаннай комиссариат туруулаһыахтарын наада эбит.
Байыас олус сэмэй буолан, бэйэтин туһунан улаханнык кэпсэнэ, арбана сылдьыбат. Бииргэ сулууспалыыр доҕотторо кини туһунан суруйарбар көрдөспүттэрэ. Бүгүн хорсун-хоодуот санаалаах байыас Александр Николаевы кытары кэпсэтиини таһаарабыт.
Мобилизация
Мин Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Анал байыаннай дьайыыга барыам иннинэ «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ тутар-таҥар салалтатыгар газосварщигынан үлэлээбитим. Дьиэ кэргэммин кытары Дьокуускай куоракка олорбуппут, дьон тэҥинэн үлэлээн-хамсаан. Ол сыл балаҕан ыйыгар бэйэбиттэн эрэ аҕа таайым «Якудза» диэн ааттаммыт Григорий Николаев Харьковскай уобалас Изюмун аттыгар бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан өлбүтүн туһунан иһитиннэрии кэлбитэ. Кини Донбасска 2014 сылтан норуот утарсыытын хамсааһыныгар киирсэн мотострелковай рота хамандыырынан, снайперынан сылдьыбыта. Убайым көмүс уҥуоҕун көтөҕөн, дойдутугар кистэһиэм диэн өлүгүн аҕалалларын кэтэһэ сылдьыбытым. Хомойуох иһин, ый буолан баран аҕалбыттара. Оттон миигин 2022 сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр бастакы мобилизациянан байыаннай дьайыыга ыыппыттара, онон быраһаайдаспатаҕым. Барыта хайдах эрэ соһуччу баҕайы буолан хаалбыта. Убайым куһаҕан буолбутун истэбин, онтон тута аны бэйэм мобилизацияланан барабын. Баҕар, үөһэттэн оннук ыйыллан турара дуу, туох эрэ анаатаҕа дуу дии саныыбын.
Мин эһээм Баһылай Баһылаайабыс Ньукулаайап Второй-Буойун диэн, саҥа кэлээт Сергеевкаҕа кимэн киириигэ позывнойда толкуйданыҥ диэбиттэригэр, аҕам сүбэтинэн, «Буойун» дэммитим.
Байыаннай дьайыы
Биһиги күһүн тиийбиппит, Бахмуту ылыы киирсиитин үгэнэ этэ. Улахан кыргыһыы манна буолбута, уһуннук сэриилэспиппит. Бастакы кимэн киириибит 10 чыыһылаҕа саҕаламмыта уонна 17-кэ диэри батальоммут суох буолбута. Ол кэннэ үс бөлөҕүнэн киирбиппит, биир БХ болотоход уонна үс багги вездеход баара. Өстөөхтөрбүт сытар сирдэрин өттүттэн Новодаровканан киирбиппит. Былаан быһыытынан нэһилиэнньэлээх пууннар аттыларынааҕы Кролик диэн ойуур балаһатын үс өттүттэн киирэн ылыахтаах этибит. Икки бөлөх өстөөх сытар сиринэн киириэхтээҕэ. Оттон биир бөлөх тыыл өттүттэн. Өстөөх кимэн киириэн иннинэ артиллериянан тохтоло суох тоҕута ытыалыыра, ол кэннэ тутуһан туран аптамаатынан ытыалаһарбыт. Үгүстэр саҥа кэлээт киирбит буоланнар, үрүө-тараа ыһыллыбыттара, ардах курдук түһэр снарядтар быыстарынан булумахтанан, тута элбэх киһи өлбүтэ. Иккилии-үстүү буолан бииргэ туран хааланнар, өстөөхтөр тоҕута ытыалаабыттара. Сэрии аата сэрии, өлүү-сүтүү элбэҕэ.
Бастакыбын 2023 сыллаахха Бахмут анныгар Клещеевка дэриэбинэ чугаһыгар оборуонаны тута сытан бааһырбытым. Ханнык эрэ түгэҥҥэ, биир татаар уола «трехсотай» буоллум диэн хаһыытаабытыгар ойон тахсан, сүүрэн тиийэн, атаҕын жгутунан баайа олордохпуна, тааҥка ытыалаан, көхсүбэр улахан бааһырыыны ылбытым. Өр эмтэнии кэннэ 2023 с. ыам ыйын бүтүүтэ дойдубар уоппускаҕа тиийэ сылдьыбытым. Икки нэдиэлэ сылдьан дойдум мүөттээх салгынынан дуоһуйа тыыммытым. Наһаа үчүгэй, уу-чуумпу, киһи туохтан даҕаны сэрэхэчийэ, куттана сылдьыбат этэ. Дойду тыына, салгына киһиэхэ саамай күндү бөҕө буоллаҕа. Киһи дууһалыын, өйдүүн-санаалыын сынньанар, дойду барахсан тыыҥҥар тыын, күүскэр күүс эбэр.
Ол кэннэ тиийэн баран, илиибэр уонна атахпар оскуолак хатанан бааһырбытым, ол да буоллар, бойобуой сорудаҕы барытын толорон тахсыбытым. Тахсан баран уолаттарга снаряд илдьэ баран истэхпинэ, «камикадзе» сырсан кэлэн илиибэр түһэн эчэппитэ.
Билигин бу үсүһүн бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан улаханнык бааһыран Ростов аттыгар госпитальга сытабын.
Уон күннээх-түүн
Сарсыарда эрдэ киирэн баран, эбиэккэ диэри «Рыжай» диэн позывнойдаах Уссурийскайтан сылдьар байыаһы кытта икки эрэ буолан тыыннаах хаалбыппыт. Аны бу киһим «пятисотай» (эмп, ас таһааччы) буолан, сэриилэспэт эбит этэ. Ыраах сытан, хата, «чыычаах» кэлэрин этэн биэрэн абыраабыта. Камикадзе түһэн эрэр, дрон ити кэллэ, онно барда диэн этэрэ. Киһим блиндажка олох киирбэтэ, хата, аптамаатым маҕаһыынын «рожогун» иитэн баран, ыраахтан быраҕан биэрэн көмөлөспүтэ. Уон биирис кыбадыраакка уолаттарым киирэ сатыы сылдьаллара. Биир бүлүмүөт уонна икки аптамаат туочуката баара, ону ылыахтаахпын. Соҕотоҕун хаалан бараммын хайаан даҕаны сорудаҕы толоруохтаахпын, эбэһээт онно тиийиэхтээхпин диэн бигэ санааны ылыммытым. Соҕотоҕун бастакы кыбадырааттан ытыалаһан ахсыс кыбадыраакка диэри үс блиндаһы ылбытым. Оннук сылдьан халлаан хараҥаран, алтыс уонна сэттис кыбадыраат икки ардыгар үһүс блиндажпар хоммутум. Бастакы күнүм итинник ааспыта.
Күнтэн күн ыараан иһэр, эһиги бүлүмүөт бэйэтэ халлааҥҥа көтө сылдьан ытыалыыр диэтэхпинэ, итэҕэйиэххит суоҕа. «Баба-яга» диэн улахан дроннар бүлүмүөттээх көтө сылдьан
ытыалыыллар. Оттон камикадзе диэн дроннар тигээйи курдук үөрүнэн дыыгынаан кэлэн снарядтары быраҕаллар.
Сарсыныгар биһиги кыайан киирэр кыахпыт суох, өстөөҕү киллэрбэт курдук тута сыт диэн бирикээс кэллэ. Инньэ гынан, илиибэр уонна атахпар бааһырдарбын да, соҕотоҕун уонча күн аҕыс кыбадырааты тута сыппытым. Түүлэй түүнү умнар ыарахан күннэр ааспыттара, уу да, ас да суох, ол да буоллар, тулуйан тыыннаах таҕыстаҕым. Ол ыарахан кэммэр миэхэ, «Сова» диэн позывнойдаах Уус Алдантан сылдьар миэдик уол араассыйанан тахсан кэпсэтэн, эн тускар бары долгуйа, «ыалдьа» олоробут диэн санаабын көтөҕөн баччаҕа диэри кэллэҕим. Кэлин күммүн-дьылбын да умнубутум, тахсан баран уолаттар уон күн оборуонаны тута сыттыҥ диэбиттэрэ. Ол кэми, дьиҥэ, олох саныахпын баҕарбаппын, умна сатыыбын.
Саамай ыарахана – оборуонаны тутуу
Үһүс сылбын сылдьар буоламмын, син элбэххэ үөрэнним. Кыргыһыы кэмигэр саамай ыарахана диэн, эн сытар позицияҕар өстөөхтөр киирэ сатыыр кэмнэригэр оборуонаны тутарыҥ. Бэйэм киирэн штурмнуу сылдьарбынааҕар, оборуонаны тутарым ыарахан этэ. Сытар блиндажпын бастаан туох баар минометунан, артиллериянан тоҕута ытыалаабыттара, аны түүнүн «баба-яга» диэн улахан дроннар тааҥканы эһэр снарядтарынан быраҕаттыыллара. Халлаан сырдаата даҕаны артиллерия, миномет уонна камикадзелар тоҕута түһэллэр, ытыалыыллар. Аны ол кэннэ өстөөхтөр кимэн киирэ сатыыллара. Күнтэн күн ыараан иһэр, эһиги бүлүмүөт бэйэтэ халлааҥҥа көтө сылдьан ытыалыыр диэтэхпинэ, итэҕэйиэххит суоҕа. «Баба-яга» диэн улахан дроннар бүлүмүөттээх көтө сылдьан ытыалыыллар. Оттон камикадзе диэн дроннар тигээйи курдук үөрүнэн дыыгынаан кэлэн снарядтары быраҕаллар.
ХААРТЫСКА А.Т. НИКОЛАЕВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: