Саха сиригэр 7 тыһыынчаттан тахса ОРВИ-нан ыалдьыы түбэлтэтэ регистрацияламмыт

Share

Саха сиригэр сытыы ОРВИ-нан ыалдьыы 7 тыһыынчаттан тахса түбэлтэтэ бэлиэтэммит.

Бу ааспыт нэдиэлэ көрдөрүүтүттэн 6% намыһах диэн Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрэр.

ОРВИ уонна грипп ыарыыларын лабораторияҕа кэтээн көрүүлэрин дааннайдарынан, Саха сиригэр араас вирустар тарҕаналлар: иновирустар, парагрипп вирустара, RC-вирустар, аденовирустар, бокавирустар,  коронавирустар, ону кытта COVID-19 ыарыы вируһа.  40-с нэдиэлэ түмүгүнэн ордук тарҕаммыт вирустар ортолоругар риновирус баһыйар. Билигин грипп утары быһыы биэрии үлэтэ бара турар. Саха сиригэр грипптэн утары 220 тыһыынчаттан тахса киһи, ол иһигэр 112 тыһыынчаттан тахса улахан дьон уонна 111 тыһыынчаттан тахса оҕо быһыыны ылла. Быһыыны балаҕан ыйыттан сэтинньи ыйдарга диэри ылар табыгастаах.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ахмед Варфоломеев: “Бар дьонум үөрүүтүн тэҥҥэ үллэһинним”

Ахсынньы 22 күнүгэр  Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар киирэр кэрэ-бэлиэ түгэн үүннэ.  Ол эбэтэр Үөһээ…

12 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саллааттар амарах санаалаах биир дойдулаахтарыгар махталларын ыыттылар

Саха сирин амарах, үтүө санаалаах дьоно тиһигин быспакка анал байыаннай дьайыыга сылдьар, госпиталларга сытар биир…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аллараа Бэстээххэ саҥа балыыһа тутулунна

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх сэлиэнньэтигэр учаастактааҕы балыыһа үөрүүлээх аһыллыыта буолла. 1200 кв. миэтэрэттэн тахса…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бөрөлөр бааллар даҕаны…

Амма улууһун Олом Күөлүн эргин ардай аһыылаах бөрөлөр баалларын туһунан “Наахара”  бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга Егор…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Эр киһини бииргэ олорор дьахтара быһахтаабыт

Хаҥалас улууһугар дьахтар бииргэ олорор эр киһитин быһаҕынан анньан эчэтэн,   холуобунай дьыала тэрилиннэ.   Биир сарсыарда…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыастар оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгы тэрийдилэр

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «НовоГОДний лабиринт МультиВСЕленной» диэн оҕо тыйаатырын туруоруутун көрдөрдүлэр. Манна…

2 часа ago