Саха сиригэр ОМС пуондата тэриллибитэ 30 сыла бэлиэтэннэ

Саха сиригэр ОМС пуондата тэриллибитэ 30 сыла бэлиэтэннэ

Ааптар:
06.06.2024, 08:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха сиригэр Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын территориальнай пуондата тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтилэр.

Саха сирин салалтатын уонна бэтэрээннэрин ааттарыттан өрөспүүбүлүкэ  Бырабыыталыстыбатын Бэрэсээдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов эҕэрдэлээтэ.

«Үгүс дьон-сэргэ булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын пуондатын үп-харчы уорганын эрэ быһыытынан ылыналлар эрээри, биһиги территориальнай пуондабыт сүктэриллибит бары соруктарын толорор», — диэн бэлиэтээтэ Георгий Степанов.

Саха сирин Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын территориальнай пуондата 1994 сыллаахха кулун тутар 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев уурааҕынан тэриллибитэ. Георгий Степанов бэлиэтээбитинэн, 30 сыл иһигэр булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) тиһигэ тэриллиэҕиттэн сүҥкэн сайдыы суолун ааста. Билигин тэрилтэ нэһилиэнньэ доруобуйатын араҥаччылыыр уонна босхо мэдиссиинэ көмөтүн ылыыга киһи Конституционнай быраабын хааччыйар судаарыстыбаннай салаата буолар.

Георгий Степанов Ил Дархан Айсен Николаев уонна Бырабыыталыстыба ааттарыттан Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын тиһигин сайыннарыыга үтүө суобастаах үлэлэрин иһин ОМС үлэһиттэригэр махтал суруктары туттарда.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Подголов уонна Уһук Илин федеральнай уокурук территориальнай пуондаларын салайааччылара кытыннылар.

Хаартыска: СИА

Билигин ОМС тиһигэр 101 мэдиссиинэ тэрилтэтэ үлэлиир, олортон 63- судаарыстыбаннайдар уонна 38 — чааһынайдар. Саха сиригэр икки страховой мэдиссиинэ хампаанньалара үлэлииллэр: «Сахамедстрах» АХ уонна «Капитал МС» ХЭУо АСП эрэгийиэннээҕи филиала.

Саха сиригэр ОМС боппуруостарыгар биир кэлим колл-киин үлэлиир. 8-800-100-14-03 нүөмэргэ эрийэн гражданнар мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга сыһыаннаах бары боппуруостарга консультацияны, ол иһигэр чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыы, санаторнай-курортнай эмтээһин уонна больничнай  илиистэри биэрии бэрээдэгин билиэхтэрин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: