Саха сиригэр оскуоланы бүтэрээччилэр физика, обществоведение эксээмэннэрин туттараллар
Бүгүн, бэс ыйын 4 күнүгэр, үрдүк үөрэххэ туттарсарга хайаан да наадалаах физика уонна обществоведение эксээмэннэрэ буола тураллар. СӨ Үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин Үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киинэ биллэрбитинэн, физиканы 672, обществоведениены 2044 оскуоланы бүтэрээччи туттарар.
Эксээмэни ыытарга суотабай сибээһи бохсор уонна стационарнай тимири көрдүүрүнэн хааччыллыбыт 147 пуун аһылынна. Хас биирдии пууҥҥа мэдиссиинэ үлэһиттэрэ үлэлииллэр. Харабыллыыр тэрилтэ үлэһиттэрэ эксээмэҥҥэ аһарар эрэһиими олохтообуттар.
Пууннарга 233 уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү баар, ол онтон 9-һа федеральнай уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү. Ону тэҥэ эксээмэн буолар аудиториятыгар эксээмэн хайдах баран иһэрин кэтээн көрөр Ситуационнай-иһитиннэрэр киин үлэтин салгыыр.
Физика эксээмэнин бириэмэтэ 3 чаас 55 мүнүүтэ. 26 сорудахтаах икки чаастан турар. Бастакы чааһа кылгас хоруйдардаах 20 сорудахтаах. Иккис чааһа тэнитиллибит хоруйдардаах 6 сорудахтаах. Үлэ 100 бааллаах тиһигинэн сыаналанар. Алын боруога – 36 баал.
Обществоведение эксээмэнин бириэмэтэ 3 чаас 30 мүнүүтэ. 25 сорудахтаах икки чаастан турар. Бастакы чааһа кылгас хоруйдардаах 16 сорудахтаах. Иккис чааһа тэнитиллибит хоруйдардаах 9 сорудахтаах. Үлэ 100 бааллаах тиһигинэн сыаналанар. Алын боруога – 42 баал. Физика уонна обществоведение эксээмэннэрин түмүгүн оскуоланы бүтэрээччилэр бэс ыйын 19 күнүттэн хойутаабакка тутуохтара.
Аныгыскы биир кэлим эксээмэн араспысаанньа быһыытынан бэс ыйын 7 күнүгэр омук тылыгар буолуо диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: