Салгыы
Саха сирин балыыһаларыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар диспансеризация биир кэлим күнэ ананна

Саха сирин балыыһаларыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар диспансеризация биир кэлим күнэ ананна

Ааптар:
22.07.2024, 15:45
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бу туһунан от ыйын 22 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

«2024 сылга бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ — анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара олорор сирдэринэн мэдиссиинэ тэрилтэлэринэн диспансеризацияны уонна мэдиссиинэ көрүүлэрин ааһыахтарын сөп, ол иһигэр нэһилиэнньэҕэ диспансеризацияны ыытыыга кыттар судаарыстыбаннай суох мэдиссиинэ тэрилтэлэринэн. Манна сыаллаан профилактическай көрүүлэри ыытыы биир кэлим күнэ ананна. Тэрээһин нэдиэлэҕэ хас субуота ахсын ыытыллар.  Бүгүҥҥү туругунан барыта 256 кыттааччы диспансеризацияны ааста уонна профилактическай мэдиссиинэ көрүүлэрэ ыытылыннылар», — диэтэ Георгий Степанов.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэригэр аадырыстаах көмөнү оҥоруу үлэтэ салҕанар. Георгий Степанов дааннайынан, 113 ыалга олорор дьиэлэрин гаастааһыҥҥа матырыйаалынай көмө оңоһулунна, 358 байыаннай сулууспалаахтар санаторнай-куруортнай эмтэниини ааста, 308 киһи байыаннай сулууспалаахтар эмтэнэр сирдэригэр тиийэргэ матырыйаалынай көмө ыытылынна, 749 сэрии кыттыылааҕа уонна 1 195 дьиэ кэргэттэрэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэринэн реабилитацияланнылар, 233 киһи дьиэҕэ олорон социальнай өҥөнөн туһанна. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр үлэҕэ уонна профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ 526 киһиэхэ, ол иһигэр 177 кыттааччыга уонна 349 дьиэ кэргэн чилиэттэригэр көмө оҥордулар. Онтон 118 киһи профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ ыытылынна уонна 310 киһи үлэнэн хааччылынна.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: