Саха сирин бастыҥ хордарын кэлэктииптэрэ быһаарылыннылар

Дьокуускайдааҕы «Триумф» успуорт уораҕайыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы хордарын бэстибээлин Саха сиринээҕи сүүмэрдиир түһүмэҕин гала-кэнсиэрэ буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүүлүкэ араас оройуоннарыттан 30-ча хордар кэлэктииптэрэ кытыннылар. Бэстибээл чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүүр бастыҥ хордар кэлэктииптэрэ быһаарылыннылар. Хордар кэлэктииптэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр уонна Улуу Кыайыыга сыһыаннаах айымньылары толордулар. Опера уонна балет тыйаатырын солистара — Александр Емельянов, Григорий Петров, Екатерина Захарова уонна Петр Бучугасов ырыа доҕуһуолунан ураты эйгэни тэрийдилэр.












Гала-кэнсиэр чэрчитинэн бастыҥ хордар кэлэктииптэрин наҕараадалааһын буолла. Куонкуруска барыта 13 кэлэктиип сыанаҕа тахсан кытынна.
III истиэпэннээх лауреат дипломун Бороҕоннооҕу норуодунай хора ылла. Нам сэлиэнньэтиттэн «Ньургуһун» норуот үҥкүү-хорун кэлэктиибэ, «Дуораан» устудьуоннар хордарын кэлэктиибигэр уонна Мэҥэ Хаҥалас норуодунай хордарын кэлэктиибигэр II истиэпэннээх лауреат дипломун анаатылар. I истиэпэннээх лауреат дипломун C.Г. Васильев аатынан Найахытааҕы хор ылла, ону кытта Бүлүүтээҕи М.Н. Жирков аатынан култуура дабырыаһын хора уонна «Вдохновение» камернай дьахталлар хора буоллулар. Ону таһынан «Душа хора», «Лучший хормейстер», «Лучший концертмейстер» уонна «За лучшее исполнение песни патриотического содержания» анал бириистэр туттарылыннылар.
Бэстибээл Аҕа дойдуну көмүскээччи, Улуу Кыайыы 80 сылларыгар уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар ананна.










Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: