Саха сирин дэлэгээссийэтэ Уһук Илин норуоттарын бастакы уокуруктааҕы пуорумҥа кыттар

Share

Бэс ыйын 18 күнүгэр Хабаровскайга Уһук Илин федеральнай уокурук норуоттарын «Разговоры о важном для взрослых» уокуруктааҕы пуорум саҕаланна.

Тэрээһин иһинэн Арассыыйа Кыайыы тула түмсэр сыаллаах национальностар  икки ардыларынааҕы уопсастыбалара патриотизмы иитиигэ уонна тардыыга уустук соругу быһаарыахтара.

Тэрээһиҥҥэ 300-тэн тахса кэмпириэнсийэ уонна норуоттар икки ардыларынааҕы холбоһуктар бэрэстэбиитэллэрэ эрэ буолбакка, РФ бары 11 эрэгийиэниттэн КМНС бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Кинилэри өйүүргэ федеральнай уопсастыба санаатын лидердэрэ, байыаннай кэрэспэдьиэннэр, информационнай-пропагандистскай утары охсуһуу эйгэтигэр исписэлиистэр кэлбиттэр. Пуорум үлэтигэр Саха сирин дэлэгээссийэтэ кыттыыны ылар.

«Пуорум былаһааккаларыгар Уһук Илин федеральнай уокурук территориятыгар олорор бары норуоттар түмүстүбүт. Араас омук уонна кэмпириэнсийэ бэрэстэбиитэллэрэ аныгы Арассыыйаҕа патриотизм тиэмэтин дьүүллэһэллэр. Бэйэлэрин уопуттарын, билиилэрин-көрүүлэрин кытта үллэстээри олус үчүгэй лектордар уонна спикердэр кытталлар. Бүгүн биһиэхэ саамай сүрүнэ — дойду үрдүнэн Кыайыыны ситиһии. Уопсай күүһүнэн биһиги фроҥҥа уонна тыылга бары Кыайыыны хайдах кыалларынан түргэтэтэргэ дьулуһуохтаахпыт», — диэн бэлиэтээтэ СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов.

Пуорум дьыалабыай бырагырааматын РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин солбуйааччы Григорий Куранов арыйда. Пуорум бүгүҥҥү тэрээһинэ гимн ырыанан саҕаланна. Григорий Куранов пуорум кыттыылаахтарыгар Российскай Федерация Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэин солбуйааччы — Уһук Илин федеральнай уокурукка Российскай Федерация Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин солбуйааччы Юрий Петрович Трутнев эҕэрдэтин тиэртэ.

«Уһук Илин уоукурук — бу улахан территория. Тыһыынчанан куораттарынан уонна бөһүөлэктэринэн, сэлиэнньэлэринэн уонна нэһилиэктэринэн араас национальностаах, идэлээх, итэҕэллээх дьон олорор. Хас биирдии норуот бэйэтэ туспа интэриэстээх, төрүт үгэстээх уонна олоҕурбут укулааттаах. Ол эрээри, биһиги бары биир дойду, улуу Арассыыйа гражданнара буолабыт. Биһигини барыбытын култуурунай нэһилиэстибэбит уонна устуоруйабыт сомоҕолуур: Пушкин уонна Гоголь, Глинка уонна Чайковскай, Менделеев уонна Гагарин, ону кытта, биллэн турар, төрөөбүт дойдуга тапталбыт», — диэн эттэ Юрий Трутнев. Сиһилии манна аах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев бүддьүөт секторыгар салайааччылары сарбыйар туһунан эттэ

Бүддьүөт секторыгар салайааччылары (управленецтары) салгыы сарбыйыы туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин кэмигэр иһитиннэрдэ.…

2 часа ago