Салгыы
Саха сириттэн байыаннай дьайыыга автотиэхиньикэни уонна гуманитарнай көмөнү тиэрдии салҕанан барар

Саха сириттэн байыаннай дьайыыга автотиэхиньикэни уонна гуманитарнай көмөнү тиэрдии салҕанан барар

22.01.2025, 19:14
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

«Патриотическая» ТОР федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, «Якт-Сокол» квадроцикллары уонна «Тимир Ат» электромотоцикллары байыаннай дьайыыга тиэрдии салҕанар.

“Бу нэдиэлэҕэ гуманитарнай көмө өссө биир баартыйата барар, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ араас тэрилтэлэриттэн байыастарга анаан аадырыстаммыт баһыылкалар массыыналарынан барыахтара”, — диэн нэдиэлэ аайы ыытыллар брифинҥэ Гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун миниистирэ Дмитрий Лепчиков эттэ.

Тохсунньу 20 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев салалтатынан «Бииргэ Кыайыыга!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа мунньаҕа буолан ааста.

“Көрсүһүүгэ 2024 сыллааҕы үлэ түмүктэрин таһаардылар уонна 2025 сылга үлэ былааннарын уонна сүрүн хайысхаларын ыйдылар. Быйылгы сылга саха саллааттара сулууспалыыр сирдэригэр Үрдүкү Главнокомандующай туруорбут соруктарын быһаарарга, наадалаах тэриллэринэн уонна тиэхиньикэнэн хааччыйыы сүрүн соругунан хаалыа», — диэтэ Дмитрий Лепчиков.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 января
  • -24°C
  • Ощущается: -24°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: