Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна.
Бу туһунан Гражданскай оборуона дьыалатыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистирэ Дмитрий Лепчиков брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
«Бэлэх сорҕото госпиталларынан байыастарга Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдарга ыытылынна, сороҕо бүгүн байыаннай дьайыы зонатыгар ыытыллыаҕа», – диэн биэдэмистибэ баһылыга иһитиннэрдэ уонна Саҥа дьыллааҕы аахсыйа кыттыылаахтарыгар барыларыгар махталын биллэрдэ.
Кини бэлиэтээбитинэн, үлэлиир байыаннай чаастарынан былаас уорганнара, муниципальнай тэриллиилэр уонна Саха сирин тэрилтэлэрэ биэрбит өссө тоҕус тиэхиньикэ ыытарга бэлэмнэммит.
«Оун тэҥэ бу күннэргэ аармыйаҕа сөмөлүөтүнэн пилота суох көтөр аппарааттар комплектара ыытыллыахтара. Бу көмө фронт лииньийэтэ тэрийбит Илиҥҥи байыаннай уокурук хамаандатын кытта сөбүлэһиннэриллибитэ», — диэн миниистир иһитиннэрдэ. Анал байыаннай дьайыыга көмө оҥоруу салгыы ыытыллар диэн түмүктээтэ Дмитрий Лепчиков.
Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…
Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…
Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…
Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…
Оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннарын күнэ — сылын ахсын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ахсынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр. Оҕолор уопсастыбаннай…
Сэтинньи 27 - ахсынньы 1 күннэригэр Краснодар кыраайыгар мас тардыһыыга Арассыыйа чөмпүйэнээтэ ыытылынна. Бу күрэхтэһии…