Саахал тоҕо тахсарый?
Бэҕэһээ “Якутия24” ханаалга “Якутия Live” биэриигэ (ыытааччы Ирина Ефимова) СӨ ОДьКХ уонна энергетикаҕа миниистирэ Вячеслав Емельянов, “Якутскэнерго” кылаабынай инженерэ Игорь Шкурко, “СӨ ОДьКХ” ГУП генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев, “Теплоэнергия” МУП генеральнай дириэктэрэ Михаил Воровьев кытыннылар.
Кэпсэтии быйылгы сылга тахсыбыт саахаллар тустарынан буолла. Кэпсэтии хара ааныттан Саҥа үүммүт дьылы саахалынан көрсүбүт “Саталтан” саҕаланна. “Сатал” СОНТ холобура Дьокуускайга уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ баар 12 табаарыстыбаҕа “сэрэтэр сигнал” буолуон сөптөөх диэтилэр. Кинилэргэ, саатар, кыстык саамай тымныы ыйдарыгар кинилэри хааччыйар тэрилтэни кытта дуогабардаһарга сүбэлээтилэр. Тоҕо диэтэххэ, кыс-хаар ортото маннык саахал таҕыстаҕына, чааһынай дьон бэйэлэрин кыахтарынан туоратар кыахтара суох уонна ситими исписэлиис үчүгэйдик көрүөхтээх-истиэхтээх. Ону анал идэлээхтэр эрэ оҥорор кыахтаахтар. Ол да иһин, миниистир Вячеслав Емельянов: “Сатал” идэтийбит хааччыйыыга наадыйар”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Өссө кыстыгы, оттук сезонун этэҥҥэ аһарарга биир кыһалҕа баар эбит. Ол хотуларга сыһыаннаах. Биллэрин курдук, үгүс хоту улуустартан дьон соҕуруу көһөн барыыта элбээбит. Онон кураанах, хатанан турар кыбартыыралар оттук сезонугар турбалара тоҕо баран, түннүктэрэ-үөлэстэрэ алдьанан, эмиэ кутталы, ыалларыгар кыһалҕаны үөскэтиэхтэрин сөп. Барытын бириэмэтигэр көрүү-истии наада буоллаҕа. Бу кыһалҕаны “СӨ ОДьКХ” ГУП генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев туруорда. Онон тэрилтэ хоту улуустарга баар филиалларын саахалы туоратар биригээдэлэрэ “иннэ үрдүгэр “ олороллор, олох куруук бэлэм сылдьаллар. “Теплоэнергия” МУП генеральнай дириэктэрэ маннык кыһалҕа Мархаҕа кытта баарын аҕынна. Сылааһынан хааччыйар ситим этэҥҥэ үлэлииригэр уулуссаҕа түбэһиэх дьон задвижканы сабан кэбиһэр түбэлтэлэрэ тахсар эбит. Массыыналар уот тирэҕин суулларар түгэннэрэ элбэх. Былырыын, холобура, манипулятор ситим компенсаторын үлтү көппүт.
Миниистир этэринэн, билигин “Сирдэри-уоттары сайыннарыы пуондата” диэн баар буолбут. Урут “ОДьКХ уларыта тутууга көмөлөһөр пуонда” диэн ааттанар этэ. Бу пуонда хомунаалынай уонна уот инфраструктуратын саҥардыыга үп биэриэхтээх.
Кэпсэтииттэн иһиттэххэ, хаһаайына суох ситим (сылаас, уот киэнэ) толору эбит. Балары ким хаһаайын буоларын суут ирдиир, көстүбэтэҕинэ ресурсанан хааччыйар хампаанньаларга бэриллэр курдук. Хайдаҕын да иһин, туһанааччылар иэспит-күүспүт улаатан иһэр эбит. 6 млрд солкуобайга тэҥнэспит. “Туһаныллыбыт ресурса иһин кэмигэр төлүүллэрэ буоллар, өрөмүөн эҥин эмиэ кэмигэр барыа этэ”, — диир ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Вячеслав Емельянов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: