Саахалга эчэйбит кыһыл оҕону уонна ийэтин Дьокуускайга аҕаллылар
«Тойота Ипсум» массыына суоппара Дьокуускайтан Бүлүүлээн иһэн, федеральнай суол 419-с килэмиэтиригэр тохтоон турар «Скания» тырааныспарга кэлэн түспүт. «Скания» массыына суоппара тиэйэн испит таһаҕаһын бэрэбиэркэлээри тохтообут. Бу туһунан СӨ Госавтоинспекцията иһитиннэрэр.
Бу охсууттан «Тойота Ипсум» суол утары балаһатыгар тахсан, бырысыаптаах «ТЛК Прадо» массыынаны кытта харсыспыт.
Суол саахалын түмүгэр «Тойота Ипсум» түөрт пассажира суһал көмө биригээдэтэ кэлиэн иннинэ өлбүт, икки киһи эчэйбит. Өлбүттэр истэригэр саҥа төрөөбүт оҕо ийэтинээн, аҕатынаан уонна 60 саастаах эбэтинээн бааллар. Саахал кэмигэр бары курдарынан баанан олорбуттар, оҕо автолюлькаҕа сыппыт.
Пассажирскай сидиэнньэҕэ олорбут 37 саастаах дьахтар уонна кини саҥа төрөөбүт оҕото эчэйбиттэр. Дьахтар тааһын уҥуоҕун уонна саннын тоһуппут, оҕото хомурҕанын тоһуппут. Кинилэри Дьокуускайга аҕаллылар.
«Тойота Ипсум» суоппара 20-ттэн тахса сыл ыстаастаах. Бүтэһик сыл иһигэр суол быраабылатын түөртэ кэһэ сылдьыбыт. Саахал кэмигэр арыгы испэтэх, араас эчэйиилэри ылбыт.
Суоппар эппитинэн, кини тохтоон турбут тырааныспары гаастан сылтаан көрбөтөх, айаннаан иһэр дии санаабыт. «ТЛК Прадо» уонна «Скания» массыыналар суоппардара эчэйбэтэхтэр, саахал кэмигэр арыгы испэтэхтэр.
Быһылаан төрүөттэрэ быһаарыллаллар, холуобунай дьыаланы тэрийэр туһунан кэпсэтии барар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: