Саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү боппуруоһун ырыттылар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев бэс ыйын 26 күнүгэр Территориялары сайыннарыы пуондатын дириэктэрэ Андрей Шелковайдыын оробуочай көрсүһүү оҥордо.

Ил Дархан Территориялары сайыннарыы пуондатын кытта саахалланар уонна эргэ дьиэлэртэн дьону көһөрүү үлэтэ тэтимнээхтик барарын ыйда. Кини этэринэн, 2019-2025 сылларга көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ,  пуондаттан өрөспүүбүлүкэҕэ баһырхай үп – 90 млрд. солк. кэриҥэ киирбит. Бырагыраама уопсай суумата 119 млрд. солк. тахсаҕа тэҥнэспит.

“Территориялары сайыннарыы пуондатын өйөбүлүнэн, эрэгийиэҥҥэ саахалланар туруктаах дьиэттэн саҥа дьиэҕэ көһөрүүгэ дойдуга саамай киэҥ хабааннаах бырагыраама ыытыллар. Бырагыраама иитинэн, 2017 сыллаахха диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит мөлүйүөн кв.м. олорор дьиэни тутуохтаахпыт”, — диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ.

Андрей Шелковай кыһалҕалаах эбийиэктэри билэрин уонна 2017 сыл кэнниттэн саахалланар туруктааҕынан билиниллибит, ол иһин  бырагыраамаҕа киирбэккэ хаалбыт Дьокуускай куорат 17-с түөлбэтигэр баар дьиэлэригэр сылдьыбытын иһитиннэрдэ. “Билигин бу боппуруос быһаарылла сылдьар. Территориялары кэлимник сайыннарыы бырайыак чэрчитинэн субъекка кыах бэриллиэҕэ”, — диэн кини Ил Дарханныын көрсүһүү кэнниттэн эттэ.

Санатан эттэххэ, саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан 2019 сылтан 180 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулунна. Саҥа кыбартыыраларга номнуо 14,2 тыһ. ыал көстө. Ол иһигэр 3,8 тыһ. ыал 9,8 млрд. солк. тахса суумалаах харчынан төлөбүрү ылла.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago