Саахар диабеттаах оҕолор анал тэрилинэн хааччылыннылар
Былырыын саахар диабетынан ыалдьар 270 оҕо глюкозаны тохтоло суох кэтээн көрөр систиэмэнэн уонна наадалаах матырыйаалынан хааччыллыбыттара, быйыл бастакы кыбаарталага 264 оҕо хааччылынна диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Уһун уонна көхтөөх олох» саҥа национальнай бырайыак үлэлээн, саахар диабетын эрдэттэн булан эмтээһин, ыарыыга ылларыан сөптөөх дьон ортотугар сэрэтэр миэрэлэри ыытыы уонна ыарыһахтары глюкоза таһымын быһаарар эмтэринэн, мэдиссиинэ бородууксуйатынан хааччыйыы кыһалҕаларын быһаарыы салҕанар», — диэн бэлиэтээтэ миниистир Лена Афанасьева.
2-тэн 17-гэр диэри саастаах оҕолор глюкоза кээмэйин тохтоло суох хонтуруоллуур систиэмэлэр хааччыллаллар. 1-кы көрүҥнээх диабеттаах оҕолор бу систиэмэлэри 2023 сылтан босхо ылар буолбуттара. Быйыл ити сыалга федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн үп-харчы эмиэ көрүллүбүтэ.
Саха сирин доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай педиатра Александра Уарова этэринэн, оҕолорго мониторинг систиэмэтин анааһын туһунан быһаарыы мэдиссиинискэй көрдөрүүлэргэ уонна олорор сиригэр баар балыыһаларга мэдиссиинэ хамыыһыйатын быһаарыытыгар олоҕуран ылыллар.
«Саахар диабета кубулҕаттаах ыарыы, глюкоза таһыма кутталлаахтык түһэрин эбэтэр үрдээбитин быһаарарга өрүү кэтээн көрүүнү ирдиир. Эмтээһин көдьүүһүн сыаналыырга хонтуруол эмиэ наада», — диэн тоһоҕолоото Александра Уарова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: