Марина Григорьевна Каратаева Саха судаарыстыбаннай университетын лечебнэй факультетын бүтэриэҕиттэн Эндокринология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр эндокринолог-бырааһынан үлэлиир.
2001 сыллаахха аан бастаан ананан кэлэригэр диспансер кылаабынай бырааһынан Маргарита Афанасьевна Федорова үлэлиирэ. Ол да иһин, Марина Каратаева кинини уонна Анна Афанасьевна Корнилованы идэ ымпыгар-чымпыгар уһуйбут, сүрэхтээбит дьонунан билинэр.
Марина Григорьевна эндокринология салаата тэтимнээхтик сайдарын, быраас быһыытынан үлэлииргэ-хамныырга интэриэһинэйин билэн, чопчу эндокринолог-быраас идэтин талбытын туһунан этэр. Ол кэмтэн ыла номнуо 23 сыл ааһа охсубут…
Бүгүн Эндокринология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин эндокринолог-бырааһа, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Марина Каратаевалыын саахарынай диабет туһунан кэпсэттибит.
– Саахарынай диабет икки көрүҥнээх: 2-с уонна 1-кы тииптээх.
Кэнники кэмнэргэ эндокринология ыарыыларыттан 2-с тииптээх саахарынай диабет наһаа элбээтэ. Урут 2-с тииптээх саахарынай диабетынан кырдьаҕас дьон, ону да сэдэхтик ыалдьар буоллаҕына, билигин бэл, оҕолорго ити ыарыы баара бэлиэтэнэр.
2-с тиибинэн үксүгэр 40 саастарын ааспыт дьон ыалдьар. Кинилэргэ саахарынай диабет инсулины таһаарар килиэккэлэрин саппааһа аҥаара эрэ хаалбытын кэннэ булуллар. 2-с тиип уодаһыннаах ыарыыларга киирсэр. Тоҕо диэтэххэ, тугуҥ да ыалдьыбат курдук эрээри, саахарыҥ үрдүк буолар, биллибэтинэн ис уорганнаргын сии сылдьар. Саахарынай диабет сибикитэ – киһи айаҕа хатар, утатар, тиритэр, түүн элбэхтик ииктиир, бааһа оспот. Уопсайынан, саахарынай диабеттаммыккын билбэккэ да сылдьыахха сөп. Арай, анаалыс туттардаххына, саахарыҥ үрдүгэ онно көстөн кэлэр. Эбэтэр инсульт, инфаркт кэнниттэн бу киһи саахарынай диабеттааҕа биллэн тахсар.
Ону таһынан, саахарынай диабет хамсык (ковид) кэннэ элбээтэ. Тоҕо диэтэххэ, хамсыкка ылларбыт киһи саахарын таһыма үрдүүр. Боростуойдук эттэххэ, хамсык вируһа ноору эмиэ сиир.
Дьон өйө-санаата уларыйан, бэйэтин көрүнэр, доруобуйатыгар кыһанар буолбутун бэлиэтиибин. Онуоха дойдубутугар ааҥнаан ааспыт хамсык эмиэ “көмөлөстө” диэххэ сөбө дуу? Ол эбэтэр мэдиссиинискэй чинчийии, диспансеризация кэмигэр хаааҥҥа глюкоза, холестерин таһымын быһаарар анаалыһы туттараллар. Ону терапевт-быраас көрөн баран, эндокринологка консультацияҕа ыытан, ыарыы эрдэ быһаарыллар буолбута үчүгэй. Диабет саҥа биллэн эрэр кэмигэр булуллара туһалаах: ыарыһах олоҕун укулаатын (образ жизни), ол иһигэр аһыыр аһын уларытар, элбэхтик хамсанар буолар.
– 1-кы тииптээх саахарынай диабетынан оҕо эбэтэр 30-гэр диэри саастаах эдэр дьон ыалдьар. Кинилэр инсулины таһаарар килиэккэлэрэ өлөн хааланнар, инсулиннара адьас аҕыйах эбэтэр суох буолан хаалаллар. Оттон ыарыһах инсулина суох сатаммат.
1-кы тиипкэ ыарыы сибикилэрэ тута биллэллэр: сэниэтэ суох буолар, утатар, ыйааһына түһэр.
– Сэбиэскэй кэм саҕана нуорманы таһынан уойбут, ыйааһыннаах оҕо аҕыйах этэ. Оҕо барыта оскуола кэнниттэн таһырдьа тахсан хамсаныылаах оонньууларга кыттыһара, сүүрэрэ-көтөрө, таһырдьаттан киирбэт буолара. Онтон билигин олохпут уларыйда, оҕолор төлөпүөннэрин кыбыммытынан сылдьаллар. Төрөппүттэрэ үлэлии барбыттарын кэннэ аһыы-аһыы көмпүүтэр, тэлэбиисэр иннигэр олороллор.
Аны аһылыкпыт эмиэ уларыйда. Урут дьон дьиҥнээх айылҕа биэрбит (натуральнай) аһылыгынан уонна боростуойдук аһыыр этэ. Билигин араас фастфуд үйэтэ үөдүйбүтэ уойар оҕо элбээһинигэр төрүөт буолла. Биллэрин курдук, ыйааһыны таһаарар түргэн – түһэрэр уустуктардаах. Аһара уойуу саахарынай диабет ыарыытыгар тириэрдиэн сөп.
– Ыарыһах саахарынай диабеттааҕа быһаарылынна да, кини олоҕун укулаатын уларытарга кыһаллыахтаах. Быраастар минньигэс аһылыгын аҕыйатарыгар, успуорт саалаларыгар дьарыктанарыгар, ыйааһынын түһэрэригэр, куһаҕан дьаллыктартан аккаастанарыгар сүбэлииллэр. Онуоха эдэр киһи ардыгар ыарыыта уустугура (осложнение) илик буолан, «мин тугум да ыалдьыбат, билиҥҥиттэн эмтэниэм дуо» диэн сыыһа саныыр. Ыарыы баара быһаарылынна да, бастатан туран, аһылыгын көрүнүөхтээх, ол иһигэр бурдук аһын аҕыйатыахтаах, ол оннугар оҕуруот аһын элбэтиэхтээх. Иккиһинэн, элбэхтик хамсаныахтаах, глюкометрынан саахарын хонтуруоллуохтаах.
“Бириэмэ тиийбэт” диэн санаа баһыйыа суохтаах. Дьиҥэр, баҕалаах киһи бириэмэни туохха барытыгар булар. Киһиэхэ доруобуйата – сүрүн боппуруос.
Нефролог-быраастар этэллэринэн, бүөр ыарыылаах дьон эмиэ элбиир. Диализка киирбит дьонтон саахарынай диабеттара уустугурбут ыарыһахтар элбэх бырыһыаны ылаллар. Ол иһин, ыарыы уустугурбатын туһугар туруулаһан үлэлиибит. Саахарынай диабет уустугурдаҕына, кыра тымырдар ис уорганнаргын үчүгэйдик аһаппат буоллахтарына, организмыҥ үлэтэ кэһиллэн барар, бүөрүҥ үлэлээбэт, хааны ыраастаабат буолар. Ол иһин, диализка барарга тиийэллэр. Ити – саахарынай диабет кутталлаах көрүҥэ. Бүөрдэрэ аккаастыан, хараҕа, атаҕа суох хаалыахтарын сөп. Онтон улахан тымырдар эмсэҕэлээтэхтэринэ, инфаркт, инсульт ыарыыга тириэрдиэхтэрин сөп. Бу сүрүн төрүөтүнэн саахарынай диабет буолуон эмиэ сөп.
– Билигин хас поликлиника аайы, ол иһигэр биһиги кииммитигэр, «диабет оскуолалара» бааллар. «Оскуолалар» бырааска буолбакка, эмтэнээччигэ наадалар. Хомойуох иһин, эн тускар эмтэнэр курдук сыһыаннаах дьон эмиэ бааллар. Эн доруобуйаҥ – бэйэҥ илиигэр. Эмтэнии көдьүүһүн 10 эрэ бырыһыана – быраастан, атына барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах.
Мэдиссиинэ сайдар, иннин диэки хардыылыыр. Ол да иһин, хас биирдии ыарыһахха ураты (индивидуальнай) көрүүлээх эмтэнии ананар. Холобур, кырдьаҕас киһиттэн саахарын нуормата 5-6 ммоль/л буолуохтааҕын ирдээбэккин. Ону тэҥэ инсуллаабыт, инфарктаабыт киһи саахарын эмиэ наһаа түһэрэ сатаабаппыт. Ол эбэтэр, эмтээһин көрүҥүн таларга киһи сааһын, диебетынан ыалдьыбыт ыстааһын учуоттуубут. Оттон саҥа ыалдьан эрэр эдэр киһи ыарыыта уустугурбатын туһугар ирдэбил кытаанах.
Ыарыһахтарбыт хас кэллэхтэрин аайы көрдөрүүлэрэ тупсарыттан үөрэбит.
Эмтээһин көрүҥэ, эмп-том сотору-сотору уларыйа турарынан, эндокринолог-быраастар тиһигин быспакка эбии үөрэнэбит, идэбитин үрдэтинэбит. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, атын эрэгийиэннэргэ тэҥнээтэххэ, эминэн хааччыллыы быдан ордук, өрөспүүбүлүкэбит саҥа тахсыбыт препараттары барытын кэмигэр ылар (босхо). Атын эрэгийиэннэргэ быраас ыарыһаҕар бу эми ис диэн сүбэлиир эрэ, босхо бэриллэр эмтэр испииһэктэригэр киллэриллибэттэр, онон ыарыһах бэйэтэ атыылаһар.
х х х
Марина Каратаева кэргэнэ быраас идэлээх, үс оҕолоохтор. Улахан уоллара идэтинэн юрист, магистратураны бүтэрээри сылдьар. Кыыстара төрөппүттэрин туйаҕын хатаран, ХИФУ мэдиссиинэ институтун бастакы кууруһун устудьуона. Кыра уоллара – 10-с кылаас үөрэнээччитэ.
Каратаевтар ыарахан үлэттэн быыс булан, иллэҥ кэмнэрин мэлдьи бииргэ атаараллар. Сайын айылҕаҕа сылдьалларын, сир астыылларын олус сөбүлүүллэр. Саас хаар ууллуоҕуттан күһүн хойукка диэри даачаларыгар сөбүлээн олороллор, сибиэһэй салгыҥҥа үлээлииллэр-хамсыыллар, дуоһуйа сынньаналлар. Шарлотта диэн ретривер боруода ыттарын кыра эрдэҕиттэн ииппит буоланнар, дьиэ кэргэн чилиэнин курдук сыһыаннаһаллар.
Кэлиҥҥи сылларга бэйэ көҕүлээһинин (ППМИ) бырагырааматын чэрчитинэн Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр үгүс үлэ барда. Бу…
Дьокуускай куорат ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар киин куорат олохтооҕо 30 тыһыынча солкуобай суумалаах…
Халлаан тымныйан, муус туран сырыы саҕаланан, собо балык атыыта дэлэйэн эрэр. Ыал сандалы тула мустан…
Бу күннэргэ куобах этин амсайаары гынан, Бааһынай ырыынагын диэки бардыбыт. Бу күһүҥҥү курдук буолбатах, эт…
Сэтинньи бүтүүтэ 3 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тырааныспар сырыытын арыйарга Хатас-Павловскай хайысханан Өлүөнэ эбэни туоруур кыһыҥҥы…
Икки сыллааҕыта байыаннай дьайыы саҕаламмыта, тута быстах мобилизация буолан, саха ньургуннара Аҕа дойдуларын көмүскүү туруммуттара.…