1 көрүҥ (1 тиип) – инсулинтан тутулуктаах. 2 көрүҥ (2 тиип) – инсулинтан тутулуга суох.
1 көрүҥүнэн, инсулинтан тутулуктаах саахарынай диабетынан оҕолор уонна эдэр дьон ыалдьаллар. Кинилэр ноордоро куор, кыһыл ымынах, салгын уоспата, гепатит, паротит (свинка), гириип курдук вирустаах ыарыылар кэннилэриттэн инсулины оҥорон таһаарбат буолар.
2 көрүҥү (2 тииптээх саахарынай диабеты) сааһырбыт дьон ыарыылара дэнэр, үксүгэр 40 сааһын ааспыт киһи бу көрүҥүнэн ыалдьар. Маннык ыарыһахтар ноордоро инсулины оҥорон таһаарара аччыыр.
Кимнээх ыалдьыахтарын сөбүй?
Саахарынай диабетынан ыалдьарга тириэрдэллэр:
— Удьуордааһын. Төрөппүттэрэ эбэтэр чугас аймахтара ыалдьар буоллахтарына;
— Өлбүт оҕону уонна түөрт киилэттэн улахан ыйааһыннаах оҕону төрөппүт дьахталлар уонна итинник улахан ыйааһыннаах төрөөбүт оҕолор ордук ыалдьыахтарын сөп.
— Наһаа сыалаах-арыылаах аһылыгы сиэн уойааччылар;
— Хамсаммат-имсэммэт, наар олорон эрэ үлэлиир дьон;
— Туохтан эрэ улаханнык уолуйар, куттанар, санаарҕыыр дьон;
— Араас сыстыганнаах ыарыыларга (чуолаан, вирустаах) ылларбыттар;
— Арыгыттан, дьааттан эбэтэр мөлтөх хаачыстыбалаах аһылыктан сүһүрбүттэр;
— Панкреатит, искэн ыарыылаахтар, эчэйбиттэр, ноордорун эпэрээссийэлэппит дьон.
Хайдах саҕаланарый?
— Киһи наар утата сылдьар, ууну, чэйи иһэр-иһэр да, утаҕа хаммат;
— Айаҕа, бэлэһэ куурар, хатар;
— Сотору-сотору элбэхтик ииктиир, түүн хаста да турар;
— Сорохтор аһыыр баҕалара үчүгэй эрээри, түргэнник ыйааһыннара түһэр, ыраллар. Сорохтор, төттөрүтүн, түргэнник уойаллар;
— Ыарыһах түргэнник сылайымтыа, сэниэтэ суох, тиритэ сылдьар буолар.
— Сорохтор тириилэрэ кыһыйар, ордук ахталарынан, кутургуйа буулуур, кыра да баас оспокко эрэйдиир;
— Сорохтор тиистэрин миилэтэ ыалдьар, хааннырар, тиистэрэ хамсыыр, түһэр;
— Сорохтор харахтарынан көрөллөрө мөлтүөн сөп.
1 тииптээх саахарынай диабекка бу сибикилэр бары уонна эмискэ биллэллэр. Оттон 2 тииптээх саахарынай диабет бытааннык, сыыйа-баайа саҕаланар. Ол иһин, үгүс киһи диабеттааҕын билбэт, кыратык айаҕа куурарыгар кыһаммат, элбэх чэйи, ууну иһэрин “мин бэйэм чэйимсэхпин” дии саныыр.
Үгүс ыарыһахтар доруобуйаларын көрдөрөр кэмнэригэр, эпэрээссийэҕэ киирэргэ бэлэмнэнэ сылдьан, санаторнай карта толортороору, саахардара үрдүгүн билэн соһуйаллар.
Саахар анаалыһыгар аччык искэ тарбахтан хаан ылыллар. Доруобай киһи хааныгар аччык искэр саахар 5,5-тэн үрдүгэ суох буолар.
Бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 53 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…
Тохсунньу 23-26 күннэригэр Красноярскайга үгэскэ кубулуйбут норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга Иван Ярыгин Кубога буола…
«Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхо ааптара Митрофан Захарович Мартынов-Бөөдөс уола Кутанаттан төрүттээх олоҥхоһут. Митрофан Мартынов Сунтаар…
Саха сирин үтүөлээх этээччитэ Василиса Васильевна Винокурова тохсунньу 22 күнүгэр 85 сааһын туолла. Аҕа саастаах…
Ыйытыы: Дьиэ-уот уонна хапытаалынай усунуос төлөбүрдэригэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр толуйуу көрүллэр дииллэр. Ол…
Олохтоох маршруттарынан айан иһин 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуону чуолкайдааһыҥҥа көрүөхтэрэ. Маннык сорудаҕы Саха…