Саахымакка хас биирдии хаамыы суолталаах

Саахымакка хас биирдии хаамыы суолталаах

18.11.2022, 09:00
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 15-16 күннэригэр Индонезия Бали куоратыгар “Аарыма сүүрбэ” диэн ааттаммыт аан дойду экэниэмикэтигэр суолталаах дойдулар түмсүүлэрин сугулаана буолан ааста. Арассыыйа дэлэгээссийэтин тас дойдулар дьыалаларыгар миниистир Сергей Лавров салайда. 

Сугулаан устуоруйатыттан

“Аарыма сүүрбэ” (G20) диэн ааттаммыт түмсүү ааспыт үйэ 90-сылларыгар тэриллибитэ. Бу түмсүү аан бастаан дойдулар киин бааннарын, үп миниис­тирдэрин мунньаҕын быһыытынан биллэр этэ. 2008 сыллаах­ха аан дойду үрдүнэн экэниэмикэҕэ кириисис биллэн, бу түмсүү дойдулар лиидэрдэрэ мустар улахан была­һааккаларыгар кубулуйбута. Манна Арассыыйаны таһынан Аргентина, Австралия, Бразилия, Германия, Индия, Индонезия, Италия, Канада, Кытай, Великобритания, Мексика, АХШ, Турция, Франция, Соҕуруу Кэриэйэ, Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтэ, Япония, Саудовскай Аравия уонна Евросойуус киирэллэр. Түмсүү мунньаҕар сүрүннээн экэниэмикэ, үп-харчы боппуруостарын ырытыыга таһаараллар. Кэлиҥҥи кэмҥэ манна Украинаҕа буола турар-быһыы майгы болҕомто кииниттэн түспэт.

Бу саас АХШ уонна Евросойуус Арассыыйаны түмсүүттэн таһааран кэбиһиэххэ диэн этии оҥоро сылдьыбыттара. Ол эрээри бу түмсүүгэ Арассыыйа бииргэ үлэлэһэ олорор дойдулара баар буоланнар, ити этии салгыны хамсатыы эрэ курдук буолбута. 2020 сыллаахха коронавирус дьаҥа туран, саммит иккитэ видеонан ыытыллыбыта. Былырыын Италияҕа буолбут мунньахха Арассыыйа уонна Кытай лиидэрдэрэ видео­-сибээһинэн кыттыбыттара. 2019 сыллаахха Японияҕа буолбут мунньахха Арассыыйа уонна АХШ бэрэсидьиэннэрэ көрсөн, чаастан ордук кэпсэппиттэрэ. “Аарыма сүүрбэ” мунньаҕа Арассыыйаҕа 2013 сыллаахха ыытыллыбыта.

РФ тас дойдулар дьыалаларыгар миниистирэ Сергей Лавров Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларын, Турцияҕа тэриллиэхтээх гаас ситимин туһунан кэпсэттэ. Доруобуйа харыстабылыгар, атыыга-эргиэҥҥэ, энэргиэтикэ боппуруостарыгар туһуламмыт мунньахтарга сырытта. Кытай судаарыстыбаннай сэбиэ­тин чилиэннэрин, тас дойдуларын дьыалаларыгар миниис­тирин Ван Ины, Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин генеральнай сэкирэтээрин Антониу Гутерришы, Франция бэрэсидьиэнин Эммануэль Макроны, Германия канцлерын Олаф Шольцу, Турция тас дойдуларын дьыалаларыгар миниистирин Мевлют Чавушоглуну кытары кэпсэттэ.

Миниистир иһитиннэриититтэн

Сергей Лавров мунньах бастакы күнүн түмүгүнэн энэргиэтикэҕэ, атыыга, бородууксу­йалары тас дойдуларга таһаарыыга туох күчүмэҕэйдэр баалларын, тоҕо бу боппуруостар аан дойду үрдүнэн сытыытык турбуттарын, арҕааҥҥы дойдулар онно сабыдыалларын туһунан суруналыыстарга тахсан, тута иһитиннэрии оҥордо.

– Энэргиэтикэ өттүгэр эттэххэ, бу боппуруоһу Евросойуус курдук бэлиитикэнэн дуйдуур наадата суох, манна эниэргийэни биэрэр хампаанньалар уонна туһанааччылар иккиэн бииргэ олорон кэпсэтэр усулуобуйалара оҥоһуллуохтаах. Иккиһинэн, Арассыыйа аан дойду ырыынагар бурдугу, уоҕурдууну таһаарар кыахтаах буолуохтаах. Бу туһунан Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин генеральнай сэкирэтээрэ Антониу Гутерриши кытары кэпсэтэн турабыт. ХНТ билигин бу боппуруоска үлэлэһэ сылдьар. Билиҥҥитэ арҕааҥҥы дойдуларга хааччахха түбэспит та­­баардарбытыттан 10,5 мөлү­йүөн туонна туораахтаах бурдугу Азия, Африка дойдуларыгар ыыттыбыт. Үсүһүнэн, доруобуйа харыстабылыгар түргэнник тарҕанар сыстыган­наах ыарыылар, ол иһигэр коронавирус, тустарынан кэпсэттибит. Манна даҕатан эттэххэ, быһыыны биэрии аан дойдуга барытыгар тарҕаныахтаах, билигин дьадаҥытык олорор дойдуларга быһыыны биэрии биэс бырыһыаҥҥа эрэ тэҥнэһэн турар. Ону сэргэ фармацевтика өттүгэр монополизация диэн суох буолуохтаах диэн эттибит. Холобура, Арассыыйа оҥорон таһаарар “Спутник V” эмин, Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы түмсүүтэ төһө да харгыстаһа сатаатар, биһиги препараппыт көдьүүстээҕин дакаастаан турар уонна 70 дойдуга тиэрдиллибитэ. Бу боппуруоска сыһыаран, биологи­ческай куттал суох буолуутун туһунан эмиэ кэпсэттибит. Америка Холбоһуктаах Штаттара Пентагон бырагырааматынан үгүс сиргэ байыаннай-биологи­ческай дьа­йыыларын үрдэтэн тураллар. Бу боппуруос эмиэ ХНТ Куттал суох буолуутун сэбиэтинэн көрүллүөхтээх, – диэн бэлиэтиир кини.

Санатан эттэххэ, бу сааскыттан саҕалаан аан дойдуга тыа хаһаайыстыбатын бородууксу­йалара, уоҕурдуу тиийбэт буолан, манна улахан кириисис тахсар кутталламмыта. Ол иһин ХНТ бэс ыйыгар Арассыыйаны, Украинаны кэпсэтиигэ ыҥыран, бу дойдулартан бурдугу, уоҕурдууну Хара муоранан тас дойдуларга та­­һаарыыга Турцияҕа түөрт өрүттээх дуогабар баттаспыта. Бу бырагыраама дьоҥҥо-сэргэҕэ “бурдук көрүдүөрэ” диэн ааттаммыта.

– Өскөтүн билигин Украина бурдуга тас дойдуга тахса турар буоллаҕына, Арассыыйа табаара барбакка турар. Бу боппуруос­ка ХНТ сэкирэтэрийээтэ, чуо­­лаан генеральнай сэкирэтээр, үлэлэһэр. Кинилэр туох кыалларынан барытын оҥоро сатыыллар. Ол эрээри билиҥҥитэ тыас тахса илик. Бу бырагырааманан биһиги бурдукпут, уоҕурдуубут араас хааччахха түбэһиэ суох­таах этэ. Ол иһигэр Арассыыйа суудуналара Европа пуортарыгар, тас дойдулар суудуналара биһиги пуортарбытыгар харгыһа суох киириилэрэ, “Россельхозбаан” толору үлэлиирэ хааччыллыахтаах. Бу туһунан саммит кэмигэр ХНТ генеральнай сэкирэтээрин кытта эмиэ кэпсэттибит, – диэн иһитиннэрэ миниистир Сергей Викторович.

Украина сөбүлэһии түһэрсэр санаата суох

Сугулааҥҥа Украина бэрэсидьиэнэ Владимир Зеленскэй видеоҕа уһуллубут тыл этиитин көрдөрдүлэр. Санатан эттэххэ, мунньаҕы салайан ыыппыт Индонезия Украинаны саммикка ыалдьыт быһыытынан ыҥырбыта.

Украина бэрэсидьиэнэ эйэлэһиигэ барыыга уонча усулуо­буйаны туруорар. Ол иһигэр Арассыыйа Украина сириттэн-­уотуттан бэйэтин сэриитин таһаарарын, Запорожьетааҕы атомнай ыстаансыйаны Украина илиитигэр биэриэхтээҕин, Украинаттан билиэн ылбыт саллааттарын, «депортацияламмыт» дьону эмиэ, төттөрү ыытыахтааҕын, Украина сирин-уотун барытын били­ниэхтээҕин, тас дойдуга таһаарар энэргиэтикэтин босхону үрдүнэн атыылыахтааҕын, о.д.а. модьуйар.

Зеленскэй бу этиитин туһунан Сергей Лавров: “Саммикка Зеленскэй тыл этиитэ “олус интэриэһинэй” этэ. Дакылаатчыттарга барыларыгар үс мүнүүтэ курдук бэриллибит буоллаҕына, кини сүүрбэччэ мүнүүтэни быһа саҥарда. Мунньахха кини видеоҕа уһуллубут тыл этиитин ыытан кыттыбыта. Кини этиитин барытын манна холобурдаабаппын эрээри, биири этэбин – Украина бэрэсидьиэнэ билигин да сүбэни, этиилэри ылыммакка олорор”, – диэн бэлиэтээн эттэ.

Манна ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, саммикка Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларын таһынан, АХШ Кытайы, Турцияны кытары сыһыаннаһыылара эмиэ болҕомто киинигэр сырыттылар. Улахан көрсүһүүлэргэ дойдулар лиидэрдэрэ кыра да хамсаныылара, тыл ыһыктыылара барыта суолталаах буолан тахсар. Өскөтүн Джо Байден уонна Си Цзинпинь көрсүһүүлэрэ прессаҕа улаханнык сырдатыллыбыт буоллахтарына, Турцияны кытары көрсүһүү бэрт тыҥааһын­наахтык ааста. Ааҕааччым, бу аҕы­йах хонуктааҕыта Стамбул киинигэр дэлби тэптэриилэр буол­буттарын истибит буолуохтааххын. Турция манна Америка кытты­гастаах диэн турар.

Түмүк оннугар

Түмсүү бастакы күнүн түмүгүнэн араас дойду сонуннарын көрдөххө, үгүстэр арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаны аҥаардастыы буруйдуу сатыыллара табыллыбата диэн суруйаллар. Холобур, “Bloomberg” Америка сонуннары тарҕатар ааҕыныстыбата “Владимир Путин төһө да мунньахха бэйэтэ кыттыбатар, «кини киэҥ көхсө барыларыгар билиннэ» диэн суруйар. “Бу саммит, дьиҥэр, экэниэмикэҕэ туһуламмыт мунньах буолар, онон дойдулар сыһыаннарыгар этиилэри оҥоро сатааһын олуонатык көһүннэ. Арассыыйа Украина сыһыаннаһыыларыгар дойдулар бары биир санаалаах буолбатахтар”, – диэн бэлиэтиир Франция “France24” ханаала.

Сергей Лавров эмиэ бу са­­нааны эттэ. Кини бэлиэтииринэн, “Аарыма сүүрбэ” саммитын декларациятын арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаны буруйдааһыҥҥа туттаары гыммыттара табыллыбата.

– Декларация “саммит хонуутугар” кэпсэтиллибит хайысхалары барыларын хабар: атыы-эр­­гиэн, энергетика, доруобуйа харыстабылын, экэниэмикэни сыыппараҕа көһөрүү боппуруос­тарын барытын. Арҕааҥҥы дойдуларбыт бу докумуону араас­таан эргитэн бэлиитикэҕэ сыбыы, өссө эбиитин Арассыыйаны “Аарыма сүүрбэ” түмсүүтэ (бу иһигэр Арассыыйа эмиэ киирэр эбээт) буруйдаабытын, дьүүллээбитин курдук оҥоро сатаатылар. Манна биһиги этиибит диэн биир – өскөтүн биһиги бу боппуруоһу кэпсэтэр буоллахпытына, дьиҥэр, саммит бэбиэскэтигэр киирбэт да буоллар, этиллибит санаалары барытын тиһиэхтээхпит. Бу боппуруоска саммит кыттыылаахтарын санаалара араас. Кырдьык, Украинаҕа билигин арҕааҥҥы дойдулар өр сыл бэлэмнээбит “гибриднэй сэриилэрэ” бара турар. НАТО Украина сирин-­уотун баһылаан, манна араас байыаннай үөрэтиилэри ыытар, саады-саадаҕы таһа олорор. Онон бу туһунан кэпсэтэр буоллахпытына, биир эрэ өттүттэн көрүү барыа суохтаах, атын санаалар эмиэ докумуоҥҥа тиһиллиэхтээхтэр. Арҕааҥҥы дойдулар “Аарыма сүүрбэ” мунньаҕын манан ыһаары уонна түмүк декларация ылыныллыбатын ситиһээри (кэлин өссө манан биһигини сирэй-харах анньаары) гыммыт буоллаҕына, онтулара табыллыбата, – диэн иһитиннэрэр кини.

Онон Арассыыйа улахан сугулаан дуоскатыгар, саахымат оонньуутунуу эттэххэ, үчүгэй хаамыыны оҥордо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: