Саахымат хонуутугар сытыы киирсиилэр буоллулар

Share

Саахымат, дуобат диэн көрүҥнэр Хатаска саҥа иһиллэр буолбатахтар. Бу көрүҥнэр сайдалларын туһугар хас эмэ уонунан сылларга үлэлиир түмсүү, хамсааһын баар, кэккэ ситиһиилэр да бааллар.

Ол эрэн, саҥа, сонун диэн хамсааһыны, тэрээһини ханна баҕарар, хаһан баҕарар оҥоруохха сөп. Биир оннук көстүү Хатаска буолла. Ол курдук, бииргэ төрөөбүт Туйаара, Дайаана, Айыына Егоровалар бириистэригэр Хатас орто оскуолатыгар үөрэнэр оҕолорго турнир ыытылынна. Кыргыттар үһүөн даҕаны кэпсээҥҥэ-сэһэҥҥэ сылдьар, уос номоҕо буоларга сөптөөх, сороҕор сөҕүмэр даҕаны ситиһиилэрдээхтэр.


Туйаара – 1997-99 сылларга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, кэккэ сылларга сыл түмүгүнэн биллэриллэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уон иһигэр киирэр бастыҥ спортсменката. 1994 сыллаахха Санкт-Петербург куорат чөмпүйүөнэ, Смоленскай уобалас чөмпүйүөнэ; 1996-1999 сс. – СӨ араас таһымнаах күрэхтэрин кыайыылааҕа; 1996 сыллаахха – “Азиа оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга 1 миэстэлээх; 1997 сыллаахха – Саахымакка бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бастыыр иһин күрэххэ ааттаахтары-суоллаахтары тэҥҥэ киирсэн, бириистээх 3-4 миэстэҕэ тиксибитэ.

Дайаана 2004-2009 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилэрдээх: 2005 сыллаахха – СӨ оҕолорго чөмпүйүөнэ; 2006 сыллаахха – Уһук Илин федеральнай уокурук чөмпүйүөнэ; 2007 сыллаахха – Дьокуускай куорат Оҕо дыбарыаһын “Карпов оскуолата” хамаандатын састаабыгар киирэн, Бурятия өрөспүүбүлүкэтин саахымакка пуондатын оҕолорго норуоттар икки ардыларынааҕы үһүс бэстибээлин кыайыылааҕа; 2007 сыллаахха СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е Николаев бирииһигэр ыытыллыбыт саахымат олимпиадатын чөмпүйүөнэ.

Айыына – СӨ 2009-2010 сыллардаах 10 бастыҥ спортсменнарыттан биирдэстэрэ, саахымат күрэхтэригэр уһулуччу ситиһиилэрин иһин СӨ Үөрэҕириитин министиэристибэтин Махтал суругунан бэлиэтэммитэ, 2010 сыллаахха М.Е.Николаев “Билиигинэн кыайыаҥ” диэн тус анаммыт истипиэндьийэтин хаһаайката, 2009-2010 “Өрөспүүбүлүкэ албан аатыгар уонна туһалаах буолууга” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 2003-2005 сс. – СӨ кыра кыргыттарга чөмпүйүөнэ; 2005-2007 сс. – кыра саастаах кыргыттарга Уһук Илин федеральнай уокурук чөмпүйүөнэ; 2008 – Черногорияҕа Герцог Нови куоракка ыытыллыбыт Европаҕа бастыыр иһин күрэххэ 2 миэстэлээх; 2009 – Грецияҕа ыытыллыбыт 11 сааһыгар диэри оскуола саастаах кыргыттарга аан дойду чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа; 2010 с. — Турцияҕа ыытыллыбыт 13 сааһыгар диэри оскуола саастаах кыргыттарга аан дойду чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа; 2013 с. – дьахталларга Уһук Илин федеральнай уокурукка вице-чөмпүйүөнэ; 2013 с. – Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэххэ 3 миэстэлээх; 2013 с. – Арассыыйа үөрэнээччилэрин 5 спартакиадаларын үһүс түһүмэҕин Уһук Илин федеральнай уокурукка 1 миэстэлээх; 2013 с. – саахымат садаачаларын суоттааһыҥҥа Европаҕа бастыыр иһин күрэх кыайыылааҕа; 2013, 2017 уонна 2018 сылларга СӨ чөмпүйүөнэ; 2014 с. – Грецияҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга 16 сааһыгар диэри кыргыттарга кыайыылаах.


Дьэ, көрөрбүт курдук, кыргыттар Сахаларын сирин аан дойду таһымыгар тиийэ доргуччу, киэн тутта ааттаппыттар, күүскэ үлэлээбиттэр, ситиһиилэрэ да ботуччу. Бииргэ төрөөбүт кыргыттар маннык таһымнаах ситиһиилэрэ дьиэ-кэргэн биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киирэн, дьэҥкэ сыалы-соругу туруорунан сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлээбиттэрин түмүгэ буолара мөккүөрү үөскэппэт. Манна ийэ, аҕа оҕо дьоҕурун таба тайанан сайыннаран, кэлиини-барыыны былааннаан, дьарыгы, эрчиллиини сөптөөхтүк тутуһан үлэлээбиттэрэ бу курдук үтүө түмүктэри аҕалбыт. Ол уопуттарын үөрэ-көтө үллэстэ, саҥа саҕалааччыларга көмө-тирэх буоларга маҥнайгы хардыыны оҥорор сыаллаах бу күрэҕи ыыппыт Айталина Григорьевна (Козлова) уонна Владимир Анатольевич Егоровтарга күрэххэ кыттыбыт оҕолор, кинилэр төрөппүттэрэ, Хатас орто оскуолатын учууталларын махталлара улахан. Манна Айталина Григорьевна Хатаска төрөөбүт, улааппыт, үөрэммит киһи буоларын тоһоҕолоон этиэҕи баҕарыллар. Бу күрэх силиһэ-мутуга дириҥээн, кэҥээн-тэнийэн, үөрэхтээһиҥҥэ тахсыахтаах уларыйыылар чэрчилэринэн саахымакка сыһыаҥҥа ураты болҕомто ууруллар кэм кэлиитигэр акылаат түһэрдэ диэтэххэ омун буолбата буолуо. Тоҕо диэтэххэ, бу ыытыллыбыт күрэҕи таһынан саахыматы успуорт көрүҥүн эрэ курдук буолбакка, үөрэхтээһиҥҥэ, өй-санаа өттүнэн сайдарга төрүөт, көмө-тирэх курдук сыһыаннаһан үлэлээтэххэ олох хайа баҕарар хайысхатыгар ситимнээх ситиһии, кыайыы-хотуу кэлиэн сөбүн СӨ саахымакка федерациятын салайааччыта, элбэх тэрилтэлэри түмэн, үбү-харчыны үтүө дьыалаҕа мунньан, тыыран ыытарга аналлаах СӨ Үүнэр көлүөнэҕэ тус сыаллаах пуондатын генеральнай дириэктэрэ Владимир Анатольевич Егоров дириҥник, өйдөнүмтүө гына кэпсээтэ-сэһэргээтэ. Этэргэ дылы, оруобуна наһаа тоҕоостоох кэмҥэ — оннугар, кэмигэр, буолбут көрсүһүү, сэһэргэһии кэрэхсээһини ылыан ылла. Манна дьиэ-кэргэн оруола ырытылынна, оскуола, төрөппүт, оҕо интэриэстэрэ биир сыалга-сорукка киириилэригэр сүбэлэр-амалар этилиннилэр, бэйэ уопутуттан үллэстии буолла.


Дьэ уонна күрэххэ киирэр буоллахха, 33 оҕо кытынна.

1-4 кылаас үөрэнээччилэригэр:
1 миэстэ — Терентьев Арылхан, 1 «б» кылаас
2 миэстэ — Охлопков Сарыал, 2 «г»
3 миэстэ — Охлопков Даниил, 4 «а»
Анал бириис — Оконешникова Розалина, 2 «д»

5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр :
1 миэстэ — Попов Георгий, 8 «б»
2 миэстэ — Васильев Арсен, 6 «а»
3 миэстэ — Иванов Николай, 6 «а»
Анал бириис — Уваровская Валентина, 7 «в»

9-11 кылаастарга:
1 миэстэ — Горохов Айсен 9 «а»
2 миэстэ — Иванов Денис, 10 «а»
3 миэстэ — Рожин Рихард, 9 «в»
Анал бириис — Максимова Альбина, 9 «в».

Манна даҕатан эттэххэ, бириистэр барыта оҕолорго сөптөөх, наадалаах буолан, оҕо кыайыытын кытта бириискэ үөрүүтэ эмиэ эбилиннэҕэ. Мэтээллэр эмиэ ураты көрүҥнээхтэр, тупсаҕай оҥоһуулаахтар, аныгы технологиянан маһы кытта аныгы органическай өстүөкүлэни бэрт табыгастаахтык, үчүгэйкээн, сонун көстүүлээх гына оҥоһуллубуттар. Бу тэрийээччи Егоровтар дьиэ-кэргэттэрэ ылсыбыт дьыалаҕа дьоһун, эппиэтинэстээх сыһыаннарын туоһута диэн бэлиэтиэххэ наада. Көрөрбүт курдук, хас категория аайы анал бириискэ кыргыттар ааттара ааттанна. Аны турнир биир бэлиэ тэрээһинэн саахымакка, саахымат сайдыытын хардыыларыгар, бииргэ төрөөбүт кыргыттар саахымат күрэхтэригэр ситиһиилэригэр анаммыт быыстапка буолла. Манна араас матырыйаалтан оҥоһуллубут саахымат хонуулара, фигуралара үгүс киһи болҕомтотун ылла. Дьэ, ити курдук, бу күрэх аҥардас саахымакка оонньооһун эрэ буолбакка эргиччи өттүттэн саахымат сайдыытын туһугар дьоһун хардыылары оҥордо.

Күрэҕи тэрийэн ыытыыга Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын (дириэктэр Слепцов Н.В), “Тускул” Култуура киинин (салайааччы Чепалов В.А.) кэлэктииптэрэ, И.И.Захаров аатынан дуобат уонна саахымат кулуубун салайааччыта Жирков Р.И. уонна Егоровтар дьиэ кэргэн бииргэ буолан, түмсэн, сүбэлэһэн-амалаһан ыыппыт буолан, былааннаммыт тэрээһин бары түһүмэхтэрэ барыта эҥкилэ суох биир тыынынан ыытылынна.

Наталья РУФОВА.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

3 часа ago