СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев бирииһигэр ыытыллар саахымат XVII олимпиадатын кыайыылаахтара билиннилэр. Кыайыылаахтары уонна миэстэлэспиттэри СӨ саахымат федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Егоров наҕараадалаата.
Ол курдук, үһүс миэстэҕэ М.Е.Николаев аатынан Хаҥалас улууһун Өктөмнөөҕү билим-үөрэх киинин хамаандата таҕыста. Хамаанда састаабыгар Кардашевскай Максим, Федоров Кирилл, Данилов Иван, Никифорова Юлияна, Кычкин Айсен бааллар.
Иккис миэстэни Дьокуускай куораттааҕы 2-с нүөмэрдээх национальнай политиэхиньиичэскэй оскуола хамаандата ылла. Хамаандаҕа бааллар: Балданов Ньургун, Тимофеев Семен, Филиппова Диана, Константинов Арсен, Румянцева Алена.
СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев бирииһигэр ыытыллар саахымат XVII олимпиадатын кыайыылаахтарынан Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия хамаандата ааттанна. Хамаандаҕа киирэллэр: Андреев Алексей, Чаптыков Андрей, Васильева София, Амбросов Алмаас, Петров Тимур.
Кыайыылаахтар этэллэринэн, утарсааччыларын бэрт уустуктук кыайбыттар. Ол эрээри, уопут уонна оонньотуу педъесталга тахсар кыаҕы тосхойон, быйыл Дьокуускай куорат классическай гимназиятын хамаандатын ааттаппыттар. Тириэньэрдэригэр, төрөппүттэригэр уонна утарсааччыларыгар махтаналлар.
Кыайыылаах хамаанда кыттааччыта Тимур Петров: “Мин санаабар, саамай ыарахан сэттис партия этэ. Мин Алена Румянцеваны кытта оонньообутум. Угаайы көмөтүнэн хоттум, бүтэһик пешкабын уган биэрбиппин сиэбитэ уонна слону ылбытым. Онон хамаандабар очукуо аҕаллым. Уопсайа, 26,5 очукуолаахпыт. Кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини уонна кэлэр оонньууга кыайыыны баҕарабын”, — диэн санаатын үллэстэр.
Классическай саахымакка биирдиилээн оонньууга олимпиада кыайыылаахтарынан уонна призердарынан буоллулар:
1 дуоскаҕа: 3 миэстэ — Чагылысов Чагыл (Д.Д.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүү 4-с нүөмэрдээх оскуолата, Үөһээ Бүлүү улууһа). 2 миэстэ — Романова Карина (В.С.Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы оскуолата, Чурапчы улууһа). 1 миэстэ — Андреев Алексей (Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия).
2 дуоскаҕа: 3 миэстэ — Чаптыков Андрей (Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия). 2 миэстэ — Кардашевскай Максим (Өктөмнөөҕү билим-үөрэх киинэ, Хаҥалас улууһа), 1 миэстэ — Васильев Дамир (Д.Д.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 4-с нүөмэрдээх оскуола, Үөһээ Бүлүү улууһа).
3 дуоскаҕа: 3 миэстэ — Макеева Сайаана (Г.В.Егоров аатынан Мүрү 1-кы нүөмэрдээх оскуолата, Уус Алдан улууһа), 2 миэстэ — Стручков Артур (Л.А.Колосова аатынан Дьокуускай куорат 33-с нүөмэрдээх оскуолата), 1 миэстэ — Васильева София (Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия).
4 дуоскаҕа: 3 миэстэ — Никифорова Юлияна (Өктөмнөөҕү билим-үөрэтэр киинэ, Хаҥалас улууһа), 2 миэстэ — Константинов Арсен (Дьокуускай куораттааҕы 2-с нүөмэрдээх национальнай политиэхиньиичэскэй оскуола), 1 миэстэ — Амбросов Алмаас (Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия).
5 дуоскаҕа: 3 миэстэ — Полпудаева Сайаана (Л.А.Колосова аатынан Дьокуускай куорат 33-с нүөмэрдээх оскуола), 2 миэстэ — Румянцева Алена (Дьокуускай куораттааҕы 2-с нүөмэрдээх национальнай политиэхиньиичэскэй оскуола), 1 миэстэ — Петров Тимур (Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия).
Маны тэҥэ, кэнгириэс иитинэн аан маҥнайгытын саахымат композициятын суоттааһыҥҥа олимпиада тэрийдилэр. Кыайыылаахтарга уонна миэстэлэспиттэргэ наҕараадалары саахымат композициятын суоттааһыҥҥа аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Данила Павлов туттарда.
Ол курдук, 18 саастарыгар диэри саастаах уолаттарга (2005-2007) 3-с миэстэни Хуснулгатин Артем (Соҕурууҥҥу Сахалин 11-с нүөмэрдээх оскуола), 2 миэстэни Жирков Владислав (Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуола), 1-кы миэстэни Андреев Алексей (Дьокуускай куорат классическай гимназията) ыллылар.
18 диэри саастаах кыргыттарга (2005-2007) 3 миэстэҕэ Романова Карина (Чурапчы улууһа), 2 миэстэҕэ Рожина Сайаана-Куо (Уус Алдан улууһа), 1 миэстэҕэ Пак Полина (Саха-корейскай оскуола, Дьокуускай к.) таҕыстылар.
15 диэри саастаах уолаттарга (2008-2010): 3 миэстэ — Местников Давид (В.П.Ларионов аатынан физико-тиэхиньиичэскэй лиссиэй, Дьокуускай к.), 2 миэстэ — Макаров Егор (Соҕурууҥҥу Сахалин 1-кы нүөмэрдээх лиссиэйэ), 1 миэстэ — Постников Альберт (Саха политиэхиньиичэскэй лиссиэй, Дьокуускай к.).
15 диэри саастаах кыргыттарга (2008-2010): 3 миэстэ — Николаева Айталина (Д.Д.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүү 4-с нүөмэрдээх оскуолата, Үөһээ Бүлүү улууһа), 2 миэстэ — Мандарова Елена (В.С.Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы оскуолата, Чурапчы улууһа), 1 миэстэ — Степанова Виктория (2-с нүөмэрдээх оскуола, Дьокуускай к.).
12 диэри саастаах уолаттарга (2011-2016): 3 миэстэ — Солдатов Артем (Улан Удэ 25-с нүөмэрдээх оскуола), 2 миэстэ — Иванов Александр (31-с нүөмэрдээх оскуола, Дьокуускай к.), 1 миэстэ — Костерин Максим (3-с нүөмэрдээх гимназия, Соҕурууҥҥу Сахалин).
12 диэри кыргыттарга (2011-2016): 3 миэстэ — Седалищева Нария (Чурапчы орто оскуолата, Чурапчы улууһа), 2 миэстэ — Борисова Күннэй (31-с нүөмэрдээх оскуола, Дьокуускай к.), 1 миэстэ — Имыхелова Татьяна (Бурятия 1-кы нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай лиссиэй-интэринээт).
СӨ саахымакка федерацията.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…